Халлаан лаппа тымныйан күн уота кыччаан-оччоон, барбах тунааран, били «буспатах мунду миинин курдук бадыа-бүдүө дойду» курдук буолан, тохсунньу ыйбыт туманынан тыынна, аргыарынан аҥкыйда. Ол да буоллар таҥхалыыр кэм кэлэн, дьон араастаан барыһыайданаары сүллүүкүттэр тахсар кэмнэригэр бэйэ-бэйэлэрин ыҥырса-ыҥырса инникилэрин тымтыктанан көрөөрү, кэлии-барыы, сүпсүгүнэһии бөҕө. Олору көрө-көрө Сэргэйчик хаһан эрэ тэриэлкэ сүүрдүүтүгэр сылдьыбытын эмиэ да күлэ, эмиэ да сонньуйа санаата…
Сэргэйчик кэргэнэ Сибиэтэ олохтоох библиотекаҕа остуорастыыра. Дьиҥэр, кини начальнай оскуола учуутала үөрэхтээҕэ да, миэстэ суоҕа. Хата, ити кыра да буоллар «харах таһаарынар» сирдэнэн, сирбэккэ-талбакка үлэлээбитэ иккис сыла буолан эрэрэ. Оттон кини бэйэтэ түптээх үлэтэ суох, итиннэ куруусчут, манна оробуочай буола сылдьар кэмэ этэ. Үлэ суоҕар, ол да үлэ курдуга… Икки этээстээх уопсайга биир хостоох эргэ квартираҕа дьиэлэнэн олороллоро. Биирдэ киэһэ кыра остуолларын тула олорон, күннээҕи сонуннарын кэпсэтэ-кэпсэтэ аһыы олордохторуна, ааны тоҥсуйбуттара. Сэргэй ааныгар тиийэн: «Кимий?»- диэн аатыгар ыйыта охсоот, эппиэт-хоруй эрэйбэккэ аһа охсубута. Аан аһыллаатын кытары утары квартираҕа ийэтинээн олорор, биир чороччу улаатан эрэр уол оҕолоох, эдэр мылтайбыт маҥан сирэйдээх Биэрэ диэн ыаллара дьахтар иһинэн үтэн, аа-дьуо айгыстан киирэн кэлбитэ:
-Ыаллар, дорооболоруҥ!-диэт дьахтар утары куукунаҕа дьиэлээх хаһаайканы көрөөт, сааҕыбардаах киһи курдук сибигинэйэ соҕус суон тарбахтарын эймэҥнэтэн Сибиэтэни ынырбыта:
-Сибиэтэ, кэлэ сырыт эрэ.
-Сэкириэт фирмы дуу, Биэрэ, -Сэргэйчик ыала дьахтары дьээбэлээхтик көрө-көрө ыйыппыта.
-Обургу, оннук буолумунаҕын! Туох сэкириэтэ кэллэҕэй. Тэриэлкэ сүүрдэбит, онно төрдүс киһи не хватает диэн темаҕа. Тимкаҕын кытта бэйэҕит хаалаҕыт. Мамаҕытын мин илдьэ барабын,- диэбитэ Биэрэ булгуччулаах саҥата.
– Уой, тэриэлкэ сүүрдэбит дуо?.. Мин наһаа куттанабын, тахсыбат инибин…,- диэн Сибиэтэ Биэрэ сонунун дьулайа истибитэ.
— Оо, эрэйдээхтэр, ол тэриэлкэҕит сүүрэр үһү дуо? Эҥин-эҥин буолаҥҥыт. Биэрэ эн эрэйдэнимэ, тэриэлкэ да сүүрдүүтэ суох, эйиэхэ тырахтарыыс Бүөккэни билиһиннэриэҕим,- диэбитэ Сэргэйчик үөннээхтик мүчүйэ-мүчүйэ..
— Пахыый! Эппит да киһитэ баар ээ, кып-кыраа, хап-хараа! Пошел! Чэ, Сибиэтэ тахсыахха инньэ диэн биһигини абааһыларга сиэтээри гынаҕын дуо? Сүүрдэр дьон ахсаана чуотунай чыыһыла буолар үһү,- диэн Биэрэ тахсыһыа да суох киһини таһаарыах курдук өттүк баттанан дьиппинийэн, таас төрөөн турбута.
— Ээ, суох-суох. Оҕобун утутуом, дьиэбэр да үлэм элбэх! Сэргэйчик, таҕыстын, киһи ахсаана оруоллаах буоллаҕына, — диэбитэ Сибиэтэ иһит сууйар миискэтин остуолга уура-уура булгуччулаах аккааһын биллэрэн көхсүн көрдөрбүтэ.
— Эс, аны үөр чүөчэ ортотугар соҕотох дьээдьэни ыытаары гынныҥ дуо?- кырдьык-хордьук Сэргэйчик аккаас биэрэр саҥатын истээт, Биэрэ дьыалата табыллымаары гыммытын билэн, хааман бэйбэрийэн кэлэн, кухня аанын бүөлүү туруммута:
-Чэ, хайаҕыт эрэ бииргит тахсыһыҥҥытыый, Сибиэтэ куттанар буоллаҕына Сэргэйчик да буол ээ, эр киһи баара өссө үчүгэй,- дии-дии Биэрэ төһө да эн-мин дэһиспэтэр ыалларын аны ааттаһар аакка барбыта. Сэргэйчик иһигэр туох эрэ дьээбэлээҕи санаан мүчүк гыммыта, онтон остуолтан аа-дьуо орҕостон туран, топпут иһин имэринэн баран:
-Чэ, күнү-ыйы бүөлээмэ, бардыбыт, чуотунай буоллаҕына чуотунай!- диэбитэ.
Сэргэйчик сөбүлэспититтэн үөрэн сэгэйбит Биэрэ тахсар ааны былдьаспыта…
Сотору соҕус Сэргэйи ыҥыран таһаараат:
-Ольгалаах, Өрүүнэ күүтэн олороллор, чэ бардыбыт, -диэн үөрүүтун үллэстибитэ. Үөһээ этээс кирилиэһин ойоҕос маһыттан тутуһан аҕылыы-аҕылыы Сэргэйчиги батыһыннаран наадалаах ааныгар тиийбиттэрэ.
Киирбиттэрэ: саалаҕа кыра сурунаал остуолугар суурдэр тэриллэрин бэлэмнэнэн баран, Биэрэ эппит икки саастаах дьахтара «тиһэх сэриигэ киирээри олорор дьон» курдук сирэйдэнэн кэтэһэн олороллоро.
-Дорооболоруҥ, тэриэлкэ сүүрдүһэ кэллим,- диэбитэ Сэргэйчик. Дьиҥэ, кини тэриэлкэ сүүрдүүтэ диэни улаханнык итэҕэйбэт буолан, сүүрдүспүтэ да суоҕа.
— Дорообо-дорообо! Хайа, Сибиэтэ оннугар Сэргэйчик кэллэ дуо? Бэрт дии. Ол иһин Биэрэ сыаната «5»-с. Чэйиҥ саҕалыаҕын, -диэбитэ Ольга диэн ааттаах, куурбут-хаппыт дьүһүннээх кубарыйбыт сирэйдээх дьиэлээх дьахтар.
-Уоту сабабыт ээ, — диэт Өрүүнэ диэн, уһун синньигэс дьахтар курбалдьыйан тиийэн, тиийэн уоту умуоран «тас» гыннарбыта. Ытыс таһынар хараҥаҕа сибигинэһэн кэпсэтэ-кэпсэтэ чүмэчилэрин уматан, тэриэлкэлэрин ититэн баран, сөмүйэлэринэн баттаабыттара. Тэриэлкэ сүүрдээччилэрин хотуна Ольга дьоһумсуйан олорон, бу уопсайга өлбүт дьонтон сыымайдаан Дааайыс диэн былырыын өлбүт эмээхсини ыҥырбыта. Сэргэйтэн уратылар куттанан, мэктиэтигэр тыыммакка да кэриэтэ, саҥата-иҥэтэ суох дьылыһан олорбуттара. Тэриэлкэлэрэ хамсаабакка хам сыстыбыт курдук «Дорообо!» диэннэригэр олох барыан барбатаҕа. «Кэлиэн баҕарбат быһыылаах» диэн аны атын бокуонньугу, аллараа этээскэ олорбут бэтэрээн оҕонньору, Ньукулай Дабыыдабыһы ыҥырбыттара. Сэргэйчик итэҕэйэн сирэй-харах буолан олорор дьахталлары көрөн, дьээбэтэ тиллэн, тэриэлкэҕэ «көмөлөһөргө» санаммыта уонна «Дорообо!» диэҥҥэ үтэн тирилэппитэ. Сүүрдээччилэрэ куттаммыттыы сирэй-сирэйдэрин көрсөн кээспиттэрэ, улаханнык салла, долгуйа «Дорообо!» диэбиттэрэ. Ольга дьыала табыллан эрэриттэн арыый эрдийбит курдук буолбута, көхсүн этитэн баран, оҥосто-оҥосто дьоһумсуйбут куолаһынан ыйытааччы буолбута: «Убаастабыллаах Ньукулай Дабыыдабыс! Баһаалыста, бу миигин утары олорор эдэр дьахтар Биэрэ кэргэн тахсыа дуо?» — диэбитэ. Биэрэ долгуйан хараҕа дьиктитик төгүрүйбүтүттэн, эмискэ Сэргэйчик күлүөх санаата кэлбитэ. Туттуммакка эмискэ күлэн титирэстээбитинэн, остуолга умса түспүтэ. Утары олорор Ольга кыыһырбыттыы көрөөт, остуол аннынан уолу сотоҕо тэппитэ. Аттыгар олорооччулара өттүккэ «ыаллаабыттара». Тэриэлкэ хамсыан баҕарбатаҕа. Бачча итэҕэйэн олорор дьоҥҥо олуона буолсу диэн, Сэргэйчик күлэрин туттуна сатыы-сатыы тэриэлкэни наадалаах буукубаларыгар үҥүлүтэн «ээх» дэтиттэрэн, лаппа сэргэхситиини таһаарбыта. Өҥүгэр киирэн аны аатын ыйыттыласпыттара. «Кистэлэҥ көмөлөһөөччу» дьээбэрэн, «эппэппин» диэни таһаарбытыгар, Биэрэ: «Хайдах эппэтий?»-диэн кыыһыран биир кэм ботугураа да ботугураа буолбута. Хаста да ыйыттара сатаан баран Биэрэ: «Төнүннэриэххэ, тыыннааҕар да барыны бары утары этээччи»,- диэн, айыы да буоллар, бокуонньугу хомуруйбута. Аны тэриэлкэлэрин төнүннэрээри гыммыттара хамсаабакка эрэйдээбитэ, оттон долгуйбут Биэрэ эттээх иэдэһэ сыҕаллан ытыахча курдук буолбутун иһин , эмиэ Сэргэйчик «көмөтүнэн» «Быраһаай!» диэҥҥэ дьөгдьөрүппүтэрэ уонна бары чэпчээбиттии «Быраһаай!» дэспиттэрэ, үөһэ тыыммыттара. Ол курдук кыайан табыллыбакка номнуо бэһис бокуонньуктара буолбута да, Ольга ыйытыытын ис хоһооно наар биир этэ: «Бу утары олорор эдэр дьахтар Биэрэ кэргэннэнэр дуо?»-диэн. Кэлин арыый үөрэнэ быһыытыйан: «Аата кимий?»- диэн ыххайсар буолта. Күттүөннээх эппиэти ылбакка, бу уопсай бокуонньуктарын бутэрэн, аны таһынааҕы турар уопсай дьиэ бокуонньуктарыгар көспүттэрэ. Сэргэйчик иһигэр: «Тэриэлкэлэрэ отой да сүүрбэт тэрил эбит, киһи үттэҕинэ эрэ хамсыыр, дьэ итинник буоллаҕына, арааһа, дьээбэлии түһэрим буолуо»,-дии санаабыта. Анараа уопсайтан Кэлэҕэй Куоста бокуонньугу ыҥырбыттара. Тэриэлкэлэрэ «сүүрэрэ» сүрдэммитэ. «Биэрэ ты-ты-тырахтарыыс Бүө-бүөк-кэ-ҕэ кэ-кэ-кэргэн тах-тахсар»,- диэн эппитигэр Биэрэ: «Пахайбыын!»-диэн улахан баҕайытык саҥа аллайбытыгар, чүөчэлэрэ сибигинэйэн мөҕөн биэрбиттэрэ. «Ии-тэ-тэ-ҕэйбэт а-аа-та тт-то-тоҕо ыы-ыы-йытаҕыт?»,-диэн «бокуонньук өһүргэммитигэр», куттанан ылы-чып барбыттара, онтон Ольга «алҕас быһыы тахсыбытын бырастыы гынарыгар» улаханнык уйадыйа сыһа-сыһа көрдөспүтэ. «Аны хас оҕолонор?» диэбиттэрин «ии-ии-кки» диэн үөрдүбүтэ. «Уо-уол-ллаах кы-ыыс» диэн өссө эбэн этэн букатын да манньытан кэбиспитэ. Бокуонньуктарын атааран баран: «Эрэйдээх үчүгэй киһи этэ. Өлөн да баран син-биир кэлэҕэйдиир эбит дии, төһө да кэлэҕэйдээтэр да абааһытык эттэ»,-диэн махтаныы бөҕөтүн махтаммыттара. Онтон:«Чэ, манан бүтүөххэ»,-диэн, «чуотунай ахсааны толороору хабалаҕа киирбит» Сэргэйчиги тахсарыгар көнүл биэрэн, улаханнык үөрпүттэрэ. ..
Ити сыл Биэрэҕэ Бүөккэ иҥээҥниир идэлэммитэ, устунан сымала курдук сыстан баран арахпатаҕа. Биэрэ «инники дьылҕатын» урукку курдук муус ураҕаһынан үүрсүбэтэҕэ, онон сотору ыал буолбуттара. «Тэриэлкэ» эппитин курдук уоллаах кыыс оҕолонон, бэйэлэрэ этэллэринии, «үс чыычаахтаахтар». Биэрэ Бүөккэтин: «Хара да буоллар мантыҥ- хара көмүс. Оҕомсоҕо, үлэһитэ диэн бу уопсайга киниэхэ тэҥэһэр киһи суох!»-дии-дии хайгыыртан соло булбат. Дьэ уонна таҥхаланыы буолаары гынна да «тэриэлкэ сүрдээҕин билэрин» туһунан дьоҥҥо мааһа табыллан олорон сэһэргиирин сөбүлүүр.
Алгыстаах Сарыада.