Учууталлар профсоюзтарын сорудаҕынан Бүлүү педучилищетын үһүс курсун студентката Нина Протопопова уопсай дьиэ хосторун кэрийэ сылдьан оҕолорго биллэрии тарҕатар. Онтуката: “Бүгүн киэһэ 7 чааска куорат кулуубугар урукку учуутал, икки уордьан кавалера, старшай лейтенант Кондаков Николай Алексеевиһы кытта көрсүһүү буолар” диэн ис хоһоонноох. Ити көрсүһүү буолбута эрээри Нина, тэрийээччи буолан, эдэр буойуну кулиса кэнниттэн ойоҕоһуттан эрэ көрөн хаалбыта.
Иккиһин Кондакову, комсомол райкомун иккис сэкэрэтээрэ буолан, Хампаҕа командировкаҕа тахса сылдьан көрбүтэ. Уопсай дьиэҕэ олорор кыргыттар:
—Нина , көр эрэ, биһиги уолаттарбытын,—диэн түннүгүнэн көрдөрбүттэрэ.
Сиэрэй офицерскай синиэллээх, фуражкалаах, үрдүк, биирдэрэ намыһах икки эдэр киһи байыаннайдыы аҥардаах хааман, синиэллэрин тэллэҕэ тыалга тэлимнии иһэллэрэ. Ол Кондакову кытта табаарыһа, саҥардыы армияттан кэлбит, Николай Степанов эбит этилэр.
Оройуоҥҥа улахан уот турбутугар райком пропагандаҕа салаатын үлэһитэ Николай Кондакову уонна комсомол иккис сэкэрэтээрин уоту умуруорар дьону кытта ыыппыттара. Дьэ ол тыҥааһыннаах кэмҥэ кинилэр үчүгэйдик билсиһэннэр, эдэр дьон доҕордуу сыһыаннара үөскээбитэ, хардарыта суруйсар, биирдэ эмит көрсүһэн Бүлүү Эбэ кытылынан дьаарбайар буолбуттара. 1948 сыллаахха, муус устар 26 күнүгэр саахсаламмыттара. Николай Алексеевич фронҥа барыан да инниттэн ыарытыйара, сэрии кырыктаах толоонноругар, доруобай да киһи тулуйбат усулуобуйатыгар ыарыыта бэргээн кэлээхтээбитэ. Онон 1948 сыл сайыныгар Дьокуускайга эмтэнэн кэлэн баран, Бүлүү оройуонун хаһыатыгар эппиэттиир сэкэрэтээринэн үлэлээбитэ. Сааһыгар эмиэ Дьокуускайга сэллиги эмтиир “Краснай Якутияҕа”, салгыы соҕуруу санаторийдарга эмтэнэн аматыйбыта. Таптыыр киһитин кыһамньытынан, онуоха эбии бастакы оҕолоро төрөөн, дууһа өрө көтөҕүллүүтэ көмөлөһөн, ыалдьар да бырааба суох курдук буолбута. 1950 сыл күһүнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи радиокомитетка үлэҕэ киирбитэ.
Мин Чинэкэҕэ оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлии сырыттахпына, нууччалыы-сахалыы суруйар киһи наада диэннэр, “Октябр суола” хаһыат отделын сэбиэдиссэйинэн киллэрбиттэрэ. Оччотооҕуга киһи барыта общественнай эбээһинэстээх буолуохтааҕа. Онон миигин бэйэбит типографиябыт коллективыгар пропагандиһынан анаабыттара. Өрөспүүбүлүкэбитигэр уонна аан дойдуга туох үлэ-хамнас, сонун баарын кэпсиирим уонна, хайаан да, бэлиитикэ боппуруостарын, буола турар быһыыны-майгыны сырдатарым. Аны туран, ЭЙЭ ФОНДАТЫГАР хайаан да биир ыйдаах хамнаспытын киллэрэн иһиэҕиҥ диэн ыҥырбыппын, типографиям үлэһиттэрэ барахсаттар биир тыла суох сөбүлэспиттэрэ. Онон, «сэрии буолбатын, ЭЙЭ туругурдун» дии сылдьар дьон быһыытынан, Николай Кондаков сэрии кэмин туһунан, онно бойобуой доҕотторун хорсун быһыыларын, араас омук уолаттара сарын санныларыттан өйөнсө сылдьан, хайдах хорсуннук сэриилэспиттэрин, доҕордоспуттарын туһунан кинигэлэрин мустан олорон, киэҥник ааҕар буолбуппут.
Ол саҕана биһиги Советскай Союз Дьоруойа суруйбут кинигэлэрин ааҕабыт диэн төһөөн да баттаппат этибит. Боруоста, биир дойдулаахпыт, сэриигэ бэйэтэ сылдьыбыт киһи кинигэлэрин ааҕабыт дии саныыр этибит. Онон Николай Алексеевич эппиэттиир сэкэрэтээринэн үлэлии сылдьыбыт коллектива, Дьоруой аатын сүгэ илигинэ да истиҥник саныы сылдьыбыт эбиппит… Олус сэмэй баҕайы киһи Дьоруой үрдүк аатыгар түһэриллэ сылдьыбытын туһунан оннооҕор кэргэнигэр Нина Иннокентьевнаҕа да кэпсээбэккэ сылдьыбыт этэ.
… Германия кыраныыссата—Одер өрүс. Бу уһулуччу суолталаах кирбии этэ, тоҕо диэтэххэ, Берлиҥҥэ диэри Одер курдук улахан уу мэһэйэ суоҕа. Өстөөх бу бэйэтин өрүһүгэр утарылаһааччытын кыайан тохтоппотоҕуна, сэбиэскэй сэриилэр хабыр кимиилэриттэн туох да абырыыр кыаҕа суоҕун үчүгэйдик өйдүүрэ. Гитлеровецтар ол иһин, төһө да сүтүктэннэллэр, Одер кирбиитин туһугар харса суох сэриилэһэллэрэ.
Өрүһү өстөөх артиллериятын уотун, авиация буомбалыырын аахсыбакка, килэҥ муус үрдүнэн туоруурга күһэллибиттэрэ. Мууска киирбит саллааттары уҥуоргу кытылтан өстөөх араас калибрдаах пулеметтарынан, пушкаларынан өҥөйө сытан ытыалыыра. Ол да буоллар старшай лейтенант Кондаков, лейтенант Костин командирдардаах батарея артиллеристара өрүһү сатабыллаахтык туораабыттара уонна уҥуоргу биэрэккэ өстөөх бөҕөргөтүнүүлэрин харса суох үлтүрүтэн биһиги чаастарбыт өрүһү туораан тахсан, лаппа киэҥ сири ылалларыгар кыаҕы биэрбиттэрэ (Оборона министерствотын архивыттан).
Ити кэнниттэн Н.А. Кондаков сэриилэһэр полката түөрт түүннээх-күнү быһа өстөөх танкаларын уонна пехотатын хардары атаакатын утары охсо сыппыта. Фашистар, тугу да быраҕан туран, сэбиэскэй чаастары төттөрү Одер нөҥүө биэрэгэр быраҕа сатаабыттара. Ол курдук, полк уот холорук ортотугар олорон, өстөөх 12 хардары атаакатын самнары охсубута (Оборона министерствотын архивыттан). 1073 полк “Кутузов Орденынан” наҕараадаламмыта уонна бойобуой Кыһыл Знамяны туттарбыттара. Артиллеристар командирдара “Кыһыл Знамя” уонна “Аҕа дойду сэриитин 1-кы истиэпэнэ” уордьаннарынан наҕараадаламмыттара, арай Николай Кондаковка туох да суох курдуга… Кини доҕотторун истиҥник эҕэрдэлээбитэ. Дьиҥэ, ити кэмҥэ командирдара Кондакову Советскай Союз Дьоруойун үрдүк аатыгар түһэрбит кэмнэрэ этэ. Онтон … сотору кинини эмиэ “Кыһыл Знамя” уордьанынан наҕараадалаабыттара. Ол онон хааллаҕа дии…
Бүлүү оройуонун бэтэрээннэрэ Улуу Кыайыы 45 сылыгар анаммыт слеттарыгар Дьоруой Николай Саввич Степановы, А.А.Миронов кыыһа Луиза Алексеевна Миронованы уонна Дьоруой Н.А.Кондаков кэргэнин, «Бэлэм буол» хаһыат редактора Н.И.Протопопованы кытта үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрсүбүттэрэ. Онно Нина Иннокентьевна бу курдук тыл эппитэ:
— Николай Алексеевич: «Биһиги саллаат буолан төрөөбөтөхпүт… Ийэ дойдум иннигэр мин советскай дьон барыларын курдук охсуспутум”,- диэн суруйбута. Николай Алексеевич Кини журналист этэ, онон саллаат олоҕун туһунан бэрт элбэхтик суруйбута. Кини, үөрэҕэ суох, алааһыттан тэлэһийбэтэх саха киһитэ, халҕанын сабан тахсан баран, төннөн кэлиэ эрэ, кэлимиэ эрэ — кый ыраах барара төһөлөөх ыараханын бэйэтин очеркаларыгар суруйбута.
Ийэ дойдуну көмүскүүр туһугар олохторун да толук ууралларын кэрэйбэтэх үс хорсун дьоннорбутугар үрдүк ааты иҥэриинэн мин эһигини эҕэрдэлиибин!
ССРС Президенин Ыйааҕа илии баттанарыгар бэлэмнэниллибит наҕараадалыыр илиискэ суруллубут: «Бу Н.А.Кондаковка Советскай Союз Дьоруойун аатын иҥэрэр туһугар туруорсаллар: Саха АССР партия Бүлүүтээҕи райкома, райсовет исполкома, бэтэрээннэр оройуоннааҕы Советтара уонна ССРС Верховнай Советын народнай депутата А.С.Борисов”, — диэн. Онон мин бу хаһан эрэ кэһиллибит кырдьык тиллэрин туһугар, «Ийэ дойдуга төлөнүллүбүт иэс умнуллубат» диэн өйдөбүл өрөгөйдүүрүн туһугар туруорсубуккутугар партия райкомугар, райсовет исполкомугар, бэтэрээннэр оройуоннааҕы Советтарыгар (Совет бэрэссэдээтэлэ А.И.Николаевка) уонна мин бэйэм сүгүрүйэр, ытыктыыр, бэйэтин норуотун инники кэскилин туһугар үлэлиир биһиги талааннаах киһибитигэр Андрей Борисовка, бэйэм, оҕолорум, аймахтарым ааттарыттан истиҥ махталбын тириэрдэбин! — диэн түмүктээбитэ Нина Иннокентьевна.
«Кэһиллибит кырдьык тиллэрин туһугар»… «Төлөнүллүбүт иэс умнуллубат…”
“1978 сыллаахха эрэ, Николай Алексеевиһы кэлэн көрсүбүтүм” диэн ахтыбыт норуот эмчиттэрин ассоциациятын президенэ Владимир Кондаков. Кини салгыы: «Либиир сытар эбит этэ. Туруга лаппа мөлтөҕө. Өр кэпсэппиппит, тулуйан олоро сатыыра… Кини мин таайбытым курдук, “Арыый аматыйар киһи Бүлүүгэ бара сылдьыа этэ», — диэхтээбитэ. Кини, арааһа, төрөөбүт-үөскээбит сирин-дойдутун бүтэһигин көрөөрү, дьонун-сэргэтин кытта бырастыылаһаары гынар этэ. Ол иһигэр “дойдубар бардахпына, баҕар, үтүөрэн, аматыйан кэлиэм”, -диэн эрэл санаа кылам гынан ааһара. Эмиэ даҕаны көмүс уҥуоҕун дойдутугар көтөхтөрүөх санаа киирэн ылара…» диэн суруйбут…
Ньукулай Крылов, суруналыыс,
1990 сыллаахха ССРС народнай депутата
А.С. Борисов көмөлөһөөччү-сэкэрэтээрэ.