Төрөөбүт айылҕабытын харыстыырга тус санааларым

Сааскы көтөрбүтүн харыстыах

Биhиги сахалар уhун кыhын кэнниттэн саас салаллан кэлэрин олус кэтэhэбит.  Саас айылҕаҕа тахсан кустуу сылдьар олус да күндү буоллаҕа, дууhалыын сынньанаҕын, дьиэттэн тэйэн айылҕаҕа сытаҕын. Уhун  кыhынтан босхолонон, саас тыаҕа тахсан кустуур, айылҕаны кытта алтыhар саҕа үчүгэй суох курдук. Халлаан сылыйда да саабытын имэрийэ сылдьар буолабыт… Кураанах куска, онтон өссө салгыы, үөл куска сылдьаҕын, бу олус уhун. Маны өйдөөн, куhу төрөөн-ууhаан элбээбитин кэннэ күhүн көҥүллүөххэ баара эбит.

Үөл куска олордоххо, тыhы кустар аhаары уйаларыттан кэлэн түhэн биэрэллэр, маны биhиги толкуйдуу барбакка ытан ылабыт, бу куспут сымыыттара сытыйаллар. Хайдах сааны кыайар буоллубут да, бараахтан саҕалаан, саас аайы саҥа төрүү-ууhуу кэлбит көтөрдөрбүтүн төрөппөт эбиппит, бу туох да толкуйа суох, олох эhэргэ турунар суол эбит.

Иккиhинэн, билиҥҥи кус тыыннаах кэлбитин да иһин ыарыылаах буолуон сөп. Төрөөн элбээбит көтөртөн туhанар ыраас уонна элбэхтэн элбэх төннүө.

Айылҕабыт көнөрө киhи-аймах илиитигэр баара биллэр, маны өйдүөххэ.

Мин сүүрбэччэ сыллааҕыта куска тахса сылдьыбытым, кус олох аҕыйаабыт, үөрдээх кус олох ааспат буолбут этэ, туруйа саҕата, хаастар ааhаллара олох аҕыйаабыт этэ. Бултаабаппыт да, оннооҕор күөрэгэй ырыата иhиллибэт буолбут. Эбэм эмээхсин кэпсиир буолара: «Бу олорор күөллэрбитигэр анды бөҕө, кус арааhа киллэрэн былыт курдук усталлара», -диэн; «Өссө күһүн бары мустан балыктыыллара, муҥхалыыр курдук сэлэлээх чычаас сиргэ үүрэн аҕалан, окко бэрэммит балыктары хомуйан сиэн кутуруктара хороhоллоро», —  диэн.  Ону биhиги остуоруйа курдук истэрбит. Мин да кыра сырыттахпына, билиҥҥитээҕэр кус элбэх этэ, туруйа маардар аайы саҥарар этэ, үөрдээх кустар Ньукуола түүн олус элбэхтик ааhаллара.

Бу маннык салгыы бардаҕына сааскы көтөрбүт эстэр туруктаах, ол иhин, мин санаабар, сааскы куhу бултааhыны олох кыччатан, күһүҥҥү өттүгэр уhуннук көҥүллүөххэ, оччоҕо уон төгүл элбээбит куhу бултуохпут уонна  бэйэбитигэр үөскээбит кус ыарыыта да суох,  элбэхтэн элбэх да төннүөх этэ, көтөр биллэрдик элбиэх этэ.

Былыргы быйаҥы сөргүтүөх баара

Былыр колхуостар саҕана тыа хаhаайыстыбата сайда сылдьыбыта,  оскуолаларга пришкольнай  хаhаайыстыба учаастактаахтар этэ.  Колхуоска үүнээйи бөҕөтө үүннэрэр этилэр, ол гынан баран атыыга тахсарын өйдөөбөппүн. Оттон билигин тыа хаhаайыстыбатын өйөөн эрэллэр, онон сиэттэрэн хас биирдии тэрилтэ, оҕо садыттан саҕалаан подсобнай хаhаайыстыбанан дьарыктанарбыт буоллар. Оҕолорго кыра эрдэхтэриттэн үөрэттэххэ, ити салааҕа баҕалаах оҕо элбиэ этэ, оскуоланы бүтэрэллэригэр чахчы билиилээх сыhыаннаах, олохторугар туhалаах дьарыктаах дьон буола улаатан, ити салааҕа үөрэниэн баҕалаах оҕо элбиэ этэ. Оттон кырдьаҕастарга дьарык даҕаны буолуо, доруобуйаҕа да туhалаах астаах буолуо этибит, үйэбит уhуура итинтэн тутулуктаах буолуох  этэ. Билигин атыыга ГМО ас элбэх. Онтон ыларбыт арыый аҕыйыах этэ. Учуонайдар кэпсииллэринэн, ыарыы элбээбитэ биллэр, инсульт, инфаркт, рак, оннооҕор эдэр кыргыттар, уолаттар оҕоломмот буолаллара элбэх эбит. Манан этээри гынабын, биhиги депутаттарбыт, олоххо тардыhар салайааччыларбыт подсобнай хаhаайыстыбанан дьарыктанааччыларга нолуогу олох кыччатарга туруорсаллара буоллар. Нолуок кыччаатаҕына дьарыктанар дьон элбиэ этэ, оччоҕо нолуоктан дойду хааhынатыгар киирэр харчы хас да бүк буолуон сөп. Манныгы этэллэр, норуот күүhэ – көмүөл күүhэ диэн. Мин хас да сиргэ этэн көрбүтүм,  бары нолуоктан саллаллар.

Үүнээйини айылҕаттан көhөрүү

Ол туһунан бэйэм санаабын кэпсииргэ сананным, ону билэр дьон бэйэлэрин албастарыттан  үллэстэллэрэ буоллар.

Маhы да, атын да үүнээйини күhүн эрдэ көhөрүөххэ сөп буолуо,  тоҕо диэтэххэ, атырдьах ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри силис тардан хаалыах этилэр. Бу мастары сөбүн көрөн арыттаан олордуохха, олордор сирин оҥорон баран ноhуом  күл куттахха бэркэ  үүнүө этэ.

Онтон хаптаҕаhы, моонньоҕону, дөлүhүөнү убаҕас ынах сааҕын суурадаһын оҥорон баран онно булкуйуохха, кутар сирин кырыhын тиэрэ түhэн баран маны кутуохха уонна сабыахха, итинник санааҕа кэлбитим маннык кыыл-сүөл холлубут сириттэн тугу сиэбитэ уунэн тахсар,  ити айылҕа сокуона эбит. Үүнээйи сиэмэтэ көтөртөн ураты барыта буспакка тахсар эбит, кинилэргэ куртахтарыгар мэлийэр таастаахтар. Киhи сүнньүнэн хаптаҕаhы, моонньоҕону, дөлүhүөнү олордуон сөп, биллэн турар, ол иhин өтөххө хаптаҕас элбэх буолар. Онтон ынах ноhуомуттан сыыс от бөҕө үүнэр. Ыал бары маннык олордунара буоллар бэйэтигэр да баар буолуо этэ, уhаайба да кэрэ көстүүлэниэ этэ, үүнээйи барыта салгыны тупсарара биллэр.

Капитоновкатааҕы кырдьаҕастар дьиэлэриттэн

Барҕа Баһылай.

Үөһээ Бүлүү Боотулуу нэһилиэгиттэн төрүттээх.

 

 

Читайте дальше