Быйыл Куоластааһын биир кэлим күнэ балаҕан ыйын 8 күнүгэр түбэстэ. Бу күн Бүлүү куорат 2 №-дээх «Октябрьскай» быыбардыыр уокуругун олохтоохторо куорат Сэбиэтин депутатын эбии быыбарга талыахтара.
Биллэрин курдук, куорат Сэбиэтин депутаттарын быыбарын улуустааҕы быыбардыыр хамыыһыйа салайан ыытар, быйылгы күһүҥҥү куоластааһыны Н.И.Протопопова аатынан «Кэскил» оҕо айар-интеллектуальнай киинигэр үлэлиир 142 №-дээх учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа ыытыаҕа. ТИК үлэтин саҕалаабыт буоллаҕына, УИК үлэтин балаҕан ыйын 1 күнүттэн ыытыаҕа.
Быйыл куорат Сэбиэтигэр быыбар тоҕо тэриллэр буолла? Былырыын Бүлүү куорат «Октябрьскай» быыбардыыр уокуругуттан депутатынан талыллыбыт Марианна Спиридонова Бүлүү куорат «Хоту» уокуругуттан оройуон Сэбиэтин депутатынан быыбардаммыта. Түмүгэр, сыл кэриҥэ куорат Сэбиэтэ «Октябрьскай» уокуруктан депутата суох үлэлээн кэллэ.
Быыбар сокуоннара Сэбиэттэргэ быыбардааччылар интэриэстэрин туруорсар депутаттар Сэбиэттэргэ толору баар буолалларын ирдиир. Ол иһин, быйылгы быыбар «РФ гражданнарын быыбардыыр уонна референдумҥа кыттар бырааптарын сүрүн мэктиэлээһини хааччыйыы» 67 ФС уонна «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр муниципальнай быыбардар» диэн сокуон ыстатыйаларын ирдэбиллэригэр олоҕуран ыытыллар.
От ыйын 30 күнүгэр тэриллибит ТИК уочараттаах мунньаҕар Бүлүү куорат бэһис ыҥырыылаах депутаттарын Сэбиэтин «Октябрьскай» уокуругун депутатыгар хандьытааттары регистрациялааһын ыытылынна.
Депутат буолар баҕаларын биллэрбит 5 киһи от ыйын 29 күнүгэр диэри ТИК-ка быыбар сокуоннарын бары ирдэбиллэрин тутуһан докумуоннарын туттарбыттара, кинилэр биэрбит сибидиэнньэлэрэ «Быыбар» ГАС ситиминэн бэрэбиэркэлэммитэ.
Мунньахха бэйэлэрин туруоруммут СВО кыттыылаахтара Юлиан Кононов, Леонид Спиридонов уонна Павел Иванов, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа олохтоох отделениетыттан турбут Александра Иванова, КПРФ баартыйа олохтоох отделениетыттан турбут Святослав Васильев хандьытааттарынан регистрацияны аастылар.
ТИК бэрэссэдээтэлэ Тимофей Иванов билиһиннэрбитинэн, Бүлүү куорат бэһис ыҥырыылаах депутаттарын Сэбиэтин 2 №-дээх «Октябрьскай» уокуругун депутатыгар хандьытааттарынан регистрацияламмыттар дастабырыанньаларын ылан баран, быыбар иннинээҕи аҕытаассыйаларын быыбар сокуоннарын бары ирдэбиллэрин тутуһан балаҕан ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыахтара.
Балаҕан ыйын 8 күнүн кэнниттэн Бүлүү куорат Сэбиэтигэр депутаттар толору састааптара хаачыллыа, 15 депутат быыбардааччылар интэриэстэрин тутуһан, Бүлүү куорат социальнай-экономическай сайдыытыгар үлэлиэхтэрэ.
Николай Куприянов.