Тохсунньу ый билгэтэ

Тохсунньу — кыстык аҕыс ыйыттан төрдүһэ. Таҥха Хаан таҥаралаах. Тохсунньу ый түүнэ уһун, күнүһэ кылгас. Аан-даан тымныы түһэр. Хараҥа бүрүүкүүр.

Тохсунньу ыйынан сааһы уонна сайыҥҥыны билгэлииллэр. Тымныы буоллаҕына — сайына куйаас буолар.

Тохсунньу ыйы от ыйа батыһар. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүнү күүтэллэр. Күүстээх тыал түстэҕинэ, от ыйыгар хаһыҥныыр. Ый бүтүүтэ сис былыт кэллэҕинэ, хаар түстэҕинэ, тымныы намырыыр.

1 – Саҥа сыл саҕаланар.
7 – Ороһуоспа. Ороһуоспа тымныыта түһэр. Бу күн былытырдаҕына, сис былыт тохсунньу 14-гэр диэри туруоҕа, былытырбатаҕына – тымныы сэтэриир. Бу күн сылыйдаҕына – сааһа тымныы, хаардаатаҕына – сайына өҥсүйэр. Киэһэтин халлааҥҥа сулус аҕыйах буоллаҕына – отон аанньа үүммэт.

14 – Баһылайап (Эргэ саҥа сыл).

19 – Кириһиэнньэ. Кириһиэнньэ тымныыта түһэр. Бу күн күннээх уонна тымныы буоллаҕына – сайына кураан.

21 – бу күн тыалын соҕурууттан ыллаҕына – сайына кураан.

25 – халлаан күннээх буоллаҕына – саас көтөр эрдэ кэлэр, хаар түстэҕинэ – ардыыр.

31 – Бастакы Охонооһойоп. Эһэ арҕаҕар сытан, иккис өттүгэр эргийэр, ытыһын биирдэ саланар. Дьыл оҕуһун аҥар муоһа тостор.

Олох суола.