Көмүс күһүммүт бүтэһик күннэригэр, алтынньы 13 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэх салалтатын педагог уонна наставник сылын тэрээһиннэрин чэрчитинэн, управление кылаабынай специалиһа К. В. Борисова көҕүлээһининэн, улуус аҕам саастаах, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ытык-мааны бэтэрээннэрбитигэр улахан сэргэх тэрээһин буолла.
Ол курдук ыаллыы сытар Бүлүү куоратыгар культурнай экскурсия тэриллэн, барыта 22 бэтэрээн, биир улахан автобус киһи эрдэттэн тэринэн айаннаатыбыт. Айаммыт сарсыарда 9 чаастан саҕаланан, Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледжтан (ВППК) биир күннээх экскурсиябытын саҕалаатыбыт. Колледж дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччыта Александра Николаевна Тутукарова, ВППК преподавателя Светлана Григорьевна Мытник олус иһирэхтик көрсөн, учууталга аналлаах, С. Г. Мытник көҕүлээһининэн, колледж 100 сыллаах үбүлүөйүн, Учуутал уонна сүбэһит сылын көрсө тэриллибит Учуутага анаммыт аллеяны көрүүттэн саҕаланна. Манна хас биирдии улуус дьэрэкээн оҥоһуулаах анал ыскамыайкалары бэлэхтээбиттэрин, маны таһынан училище, колледж сайдыбыт кэрчик кэмнэрин кэпсиир арт-объектар кэккэлэспиттэр. Колледж иннигэр Ытык саастарыгар сылдьар үөрэммит выпускниктарыгар анал ааттара суруллубут яблоко саадые сөҕө-махтайа көрдүбүт. Аллея, саад — бү бырайыактары олоххо киллэрэргэ иилиир-саҕалыыр, үүннүүр-тэһиинниир Светлана Григорьевна чахчы да мындыр толкуйдаах салайааччы буолар диэн сыаналаатыбыт. Бу барыта бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн выпускниктары түмэн, кинилэргэ дириҥ ытыктабылы биллэрэн, ис сүрэхтэн оҥоһуллубута харахха быраҕыллар.
Салгыы колледжка киирэн колледж историятын туһунан төгүрүк остуол тула олорон ирэ-хоро кэпсэтии, Үөһээ Бүлүүттэн үөрэнэр оҕолору кытта көрсүһүү, хаартыскаҕа түһүү тэрилиннэ. Колледж инники сайдар кыахтара киэҥин сөҕө-махтайа иһиттибит. Барыта табылыннаҕына эһиилгиттэн фельдшер, сиэстэрэ специальностарыгар үөрэтэр отделение аһыллыан сөбүн эттилэр. Салгыы колледж территориятыгар баар Учууталга аналлаах түмэл былыргы Расторгуев атыыһыт дьиэтигэр тэриллибитэ ордук кэрэхсэттэ. Эчи, былыргыттан турар дьиэ диэтэххэ, тутуута бөҕөтө, суолтата ордуга сыттаҕа дии! Студеннарга анаан былыргылыы кылаас оҥорбуттара чахчы дириҥ өйдөбүллээх буолбута сөхтөрдө. Бу түмэл үлэһитэ Мотрена Антоновна Саввинова олус интэриэһинэй кэпсээнэ барыбыт болҕомтотун тарта. Чахчы да көрбүт эрэ киэн туттар, Сахабыт сирин чулуу дьонноро манна үөрэнэн тахсыбыттарыттан киэн тутуннубут. Хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр выпускниктарынан киэн туттуу бэрээдэгинэн маннык музейдар бааллара буоллар үөрэнээччини иитиигэ, үөрэтиигэ улахан да суолталаах буолуох эбит дии санаатыбыт.
Аны итинтэн салгыы бастакы социалистическай үлэ Геройа, учуутал, кыраайы үөрэтээччи П. Х. Староватов аатынан Бүлүүтээҕи музейга сырыттыбыт. Билбэтэхпитин билэн, көрбөтөхпүтүн көрөн астынныбыт. Түмэл үлэһитэ Наталья Прокопьевна Сергеева олус интэриэһинэй кэпсээнин астына иһиттибит. Манна биһиги оскуолабыт выпускнига, научнай сотруднигынан үлэлии сылдьар Трофимов Сергей Иосифовиһы соһуччу көрсөн үөрдүбүт. Музей үлэһиттэрэ кэтэһэн олорор буоланнар, эбиэттиири да умнан, аны өссө биир өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, элбэҕи кэпсиир Хомус түмэлин билистибит. Бу манна аан дойдуттан тиийэ кэлэн туристар, эҥинэ бэйэлээх ыалдьыттар сылдьан бэлэхтээбит хомустарын көрөн, хомус уустарын оҥоһууларын сөҕө-махтайа сэҥээрдибит. Балаҕаннарын иһэ ханнык да быыстапкаҕа куруук бэлэм буолан, элбэх мероприятиялары ыытарга табыгастаах, толору эппиэттиир кыахтаах эбит. Түмэл салайааччыта Екатерина Прокопьевна бэйэтинэн сылдьан хас биирдии экспонат историятын, Хомус музея инники сайдар кэскиллэрин билиһиннэрдэ.
Саҥардыы аһыллыбыт аатырар “Табун” атыы-эргиэн дьиэтин остолобуойугар эбиэттээн баран, аны аҕыйах сыллааҕыта улуус бэйэтин үбүнэн тутуллубут М. Н. Жирков аатынан культура Дыбарыаһыгар бардыбыт. Ыраахтан кылбайан көстөр, олус үчүгэй хаачыстыбалаах тутуулаах, кэрэ көстүүлээх, чахчы астык, кыраһыабай, баараҕай да дыбарыас эбит! Ийэ күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр буола туралларын эндэппэккэ биллибит. Киирээппитин кытта тоһуйа эдэркээн ыччаттар Ийэ күнүнэн, сэмэй бэлэх туттаран соһуттулар. Быыстапка арааһа, сонун маастар-кылаастар, үлэ күөстүү оргуйа турар сиригэр оройбутунан түстүбүт.
Культура сайдыытын уонна норуот айымньытын оройуоннааҕы киинин салайааччыта Дашевская Алёна Александровна астынан туран дыбарыаһын билиһиннэрдэ, үөрүүнэн көрдөрдө. Степан Аржаков 125 сыллаах, Г.И. Чиряев 100 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтээри сылдьалларын иһитиннэрдэ, судаарыстыбаннай уонна общественнай салайааччыларга аналлаах экспозициялары болҕойон иһиттибит, толору эргиччи экскурсияны биһирээтибит.
Хас сылдьыбыт сирбитигэр салайааччыбыт Калиста Васильевна улууспут аатыттан сэмэй бэлэх туттартаабыта, сылдьар сирдэрбитин барытын эрдэттэн кэпсэтэн былааннаабыта кэрэхсэбиллээх. Маны таһынан, Харбалаах оскуолатын делегацията, салайааччы М.И. Шестаков И. Н. Бараховка ананан тахсыбыт кинигэлэри, сувенирдары П.Х. Староватов аатынан музейга туттарбытын улаханнык сэҥээрдилэр, махтаннылар. Түмүктүүр тэрээһиммитинэн “Светофор” диэн маҕаһыыҥҥа киирэн, саамай чэпчэки сыанаҕа атыылаһан биир сэргэхсийии буолла.
Биһигини тэрийэн маннык киэҥ ис хоһоонноох сынньалаҥы бэлэхтээбиттэригэр, өр көрсүспэтэх үөлээннээхтэр үөрэн, долгуйан, астынан ыалдьарбытын, кыаммаппытын да умна быһыытыйбыт курдук сананныбыт. Ол иһин, улуустааҕы үөрэх салалтатыгар, начальник Борбуев С.О., бырайыакт авторыгар, салайааччыбытыгар Калиста Васильевнаҕа сылаас олбохтоох, киэҥ-куоҥ автобуһунан сырытыннарбыккытыгар, Бүлүү куоратын кэрэ миэстэлэрин көрдөрөн кэрэхсэппиккитигэр махтал, баһыыба тылларын хаһыат нөҥүө тиэртэхпит буоллун. Манна даҕатан, М.А. Алексеев лицей интернатын дириэктэригэр Т.В. Блиноваҕа тэрилтэтин автобуһун бу улахан бырайыагы өйөөн уларсыбытыгар, тэрилтэ суоппара Виктор Александровичка анал махталбытын тиэрдэбит. Үөрэх салалтата аҕыйах сыллааҕыта учууталларга анаан, Далырга “Трудовой” учаастагар сынньалаҥ тэрийбиттээх. Сүрдээх астык тэрээһини, сынньалаҥы тэрийбиттэрин умнубаппыт. Баҕарабыт улууспут үөрэҕин салалтатын үлэһиттэригэр, учууталларыгар өссө үрдүк ситиһиилээх үлэни, маннык куруук кырдьаҕас көлүөнэҕитин умнубакка кинилэр уопуттарын туһана сылдьаргытыгар, чэгиэн доруобай буоларгытыгар баҕарабыт.
Светлана Николаевна Васильева,
М.Т. Егоров аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с №-дээх орто оскуола,
Светлана Саввична Ильина,
өрөспүүбүлүкэтээҕи М.А.Алексеев лицей-интернатын бэтэрээн учууталлара.