Сэтинньи 29 күнүгэр Дьөккөн нэһилиэгэр хапсаҕай спордун маастара, мас тардыһыытыгар спорт маастара, СӨ физкультураҕа уонна спорка туйгуна, СӨ спордун бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» Иванов Вячеслав Аврорич бирииһигэр хапсаҕай аһаҕас күөн күрэһэ буолан ааста.
Кыргыдайтан тыалы, буурҕаны аргыс оҥостон түүннэри айаннаан, уолаттарбыт Мучурунов Сеня 4 кылаас, 5 кылаас уолаттара Наумов Саша, Игнатьев Эрхаан, Иннокентьев Степан Егор Семенович Осипов салайааччылаах кыттыыны ыллылар. Кэбээйи Мукучутуттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Хампаттан, Илбэҥэттэн, Тоҕустан, Лөкөчөөнтөн, Кыһыл Сыыртан, Кыргыдайтан , Чинэкэттэн, Тааһаҕартан, Бүлүүттэн тустуук уолаттар кыайыы иһин хапсыстылар.
Мучурунов Сеня, Наумов Саня бэркэ туһуннулар, кыайыылаахтар даҕаны, хотторуу абата да баар. Хапсаҕай диэн халбас харата буоллаҕа.
Эрхаан Игнатьев 1 миэстэни былдьаһа сылдьан абалаахтык охтон 2 бочуоттаах миэстэни ылан үс тыһыынча харчынан наҕараадаланна. Степан Иннокентьев ыйааһыныгар сыыһа-халты туттууттан 4 миэстэ, «Кыайыыга дьулуурун иһин» анал бириис хаһаайына буолла.
Күрэх түмүгэр абсолютнайга 20 тустууктан кыайыы-хотуу көтөллөнөн Степан Иннокентьев 20 тыһыынча уу харчынан бириис хаһаайына буолла.
Уолаттарга, салайааччыга өссө төгүл истиҥ эҕэрдэ буолуохтун. Кэлиини-барыыны хааччыйбыт убаастабыллаах төрөппүттэрбитигэр өйөбүлгүт иһин махталбытын тиэрдэбит. Инникитин уолаттарбыт спорду сэҥээрэр, кыайыы-хотуу аргыстаах буоллуннар. Хапсаҕай бырааһынньыгын үрдүк таһымҥа тэрийбит Дьөккөн нэһилиэгэр дириҥник махтанабыт. Утумнаах дьарык хаһан баҕарар ситиһиигэ тиэрдэрин олохпутугар туһаныаҕыҥ.
«Хотторуу кыһыытын билбэккэ — кыайыыга кылыйан тиийбэккин» этии олоххо эрэли, күүстээх санааны эрэ үөскэттин.
Василиса Окоемова.