“Тылгыны бэтиэхэлэрэ” көр-күлүү киэһэтин бэлэхтээтилэр

Бэҕэһээ, муус устар 1 күнүгэр, Тылгыныбыт нэһилиэгэр «Түһүлгэ»сынньалаҥ киинигэр көр-күлүү дьоро киэһэтэ көрөөччүлэргэ көрдөөх киэһэни бэлэхтээтэ.

Муус устар 1 күнэ — күлэр-үөрэр, дьээбэлэһэр күммүт. Күммүт ойон тахсыаҕыттан, хара сарсыардаттан бэтиэхэ бэскилэрэ,көрүдьүөстээх көкөттөр, дьээбэлээх дьэлтэкэлэр биир да киһини ордорбокко, сүгүн сырытыннарбыттара,кураанаҕы да куустарбыттара, халтайы да харбаппыттара иһиллибэтэ. Нэһилиэкпит иһигэр дьээбэни оройуттан тутар, көрдөөҕү көрдөҕүнэ ыһыктыбат, онтон-мантан өҥөс гына-гына дьээбэлиир үтүө үгэстээх дьон баар буоланнар, бу күн Тылгыныбытыгар бэрт сэргэхтик ааста.

Күлүү эмтээх, күлэ-үөрэ сылдьар киһи уһун үйэлэнэр, чөл куттаах, чэгиэн-чэбдик буолар диэн хас муннук аайы кэпсииллэр. Дьэ, онон дьээбэ-хообо күнүнэн дьээбэлэһэн дьэргэстибит, дьиктини-кэрэни диэлиттибит, уҥа-хаҥас дьэргэстэнэ ойдубут. Күндү күлүүк буолан, көрү көҕүлүттэн туттубут, көрүдьүөстээн ыллыбыт, бары бэһиэлэй, үөрбүт-көппүт сирэйдээх  үөмэхтэһэн олорон,үмүөрүһэ түмсүһэн дьоро киэһэбитин бииргэ атаардыбыт.

Кэрэ киэһэни “Тылгыны бэтиэхэлэрэ”  артыыстар бөлөхтөрө  дьээбэни-хообону мэһийэн,көрү-күлүүнү оройуттан тутан көрөөччүлэри күллэрэн быара суох ыыттылар. Нэһилиэкпит артыыс кэрэ аҥардара уонна  А.И. Кылабысов, тыйаатыр артыыстарыттан туох да итэҕэһэ суох оонньоон көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр, бииртэн биир сонун, бэтиэхэлээх, көрдөөх сыаҥкалары көрдөрдүлэр. Кинилэр кимнээҕий? Сыана бэтэрээннэрэ: И.Н.Васильева, А.Ф. Долгунова, артыыска С.Е. Петрова, эдэр кэскиллээх артыыстарбыт: М.А. Егорова, М.А. Тимофеева, С.А. Васильева, Ю.П. Алексеева, А.И. Кылабысов. Сыаҥкалары туруорда, бэлэмнээтэ — М.М.Иванова,тыаһынан-ууһунан, муусуканан киэргэттэ — В.В. Иванов, көрдөөх киэһэни салайан ыытта — М.М. Иванова.

Көр-күлүү киэһэтин бэлэхтээбит «Тылгыны бэтиэхэлэрэ» артыыстар бөлөхтөрүн кыттааччыларыгар «Түһүлгэ» сынньалаҥ киин аатыттан махталбытын тириэрдэбит. Дьэ, бу курдук Тылгыныбыт нэһилиэгэр олус үчүгэй, көрдөөх сааскы кэрэ киэһэ ньиргийэн ааста. Сылаас ытыстарын тыаһын бэлэхтээбит бары көрөөччүлэрбитигэр барҕа махтал буолуохтун. Бары күлэ-үөрэ сылдьыҥ, “Күлүү-эмтээх” диэн мээнэҕэ этиллибэт.

 Виталина Григорьева.