Тылгыныга — Кыайыы күнэ

Быйыл Улуу  Кыайыы буолбута 79 сылын бэлиэтиибит. Хас сыл аастаҕын аайы, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сыллара биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар өлбөөдүйбэт, өссө дириҥ суолталанан иһэр. Бу күн ахтан-санаан ааһабыт хорсуннук сэриилэспит, тыылга, үлэ фронугар үлэлээбит ытык-мааны дьоммутун, кинилэр сырдык ааттарын.
Нэһилиэкпитигэр Кыайыы күнэ сарсыарда 11 чаастан, Кыайыы болуоссатыгар «Ким да умнуллубат,туох да умнуллубат» диэн үөрүүлээх миитинтэн саҕаланна. Халлааммыт төһө да тымныытын иһин, дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, ытык дьоммутугар сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ баһылык солбуйааччыта Васильева Х.Д., бэтэрээннэр Сэбиэттэрин салайааччыта Петрова Л.П., депутаттар ааттарыттан Васильева О.Е. тыл эттилэр, «Эрчим» эр дьон ансаамбыла уонна «Күнчээн»оҕо үҥкүүтүн ансаамбыла эҕэрдэ нүөмэрдэри бэлэхтээтилэр.

Оҕо-аймаҕы ордук «Саллаат хааһыта» полевой кухня сэргэхситтэ, оҕолорбут барахсаттар, хааһыны мотуйан үөрүүлэрэ сүрдээх. Миитин кэнниттэн, нэһилиэкпит олохтоохторо Филиппова Е.Г аатынан түмэлгэ сылдьан, «Сүгүрүйэбит сырдык ааттарыгар» диэн сэрии бэтэрээннэригэр аналлаах быыстапканы дуоһуйа көрдүлэр.
Киэһэ «Түһүлгэ»сынньалаҥ киинигэр «УРУЙДАН,УЛУУ КЫАЙЫЫ» диэн бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэрт үрдүк таһымнаахтык ааста. Кэнсиэрт иннигэр 1994 сыллаахха уһуллубут бэтэрээннэрбит барахсаттар видеоларын көрөн олус долгуйдубут, биир мүнүүтэлээх тохтобулга иһийэн турдубут. Кэнсиэрт дириҥ ис хоһоонноох дьүһүйүүнэн саҕаланан, көрөөччүлэри турукка киллэрбитэ олус кэрэхсэбиллээх буолла. Сэрии, Кыайыы тиэмэтигэр бииртэн биир араас үҥкүүлэр үҥкүүлэннилэр, ырыалар ылланнылар.

Кыттыыны ыллылар: «Күнчээн» оҕо үҥкүүтүн ансаамбыла, «Дьүрүскэн», «Эрчим», «Уолан», «Сандаара», «Түҥ саһарҕата»ансаамбыллар, кырачаан ырыаһыт уолаттар, Иванов А.В.-Уол Сомоҕо, Прокопьев И.В., оскуолабыт үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк талааннаах олохтоохторо.
Бу Кыайыы күнэ, билигин дойдубутугар буола турар байыаннай дьайыынан, өссө ордук дириҥ суолталанарын бары өйдүөх тустаахпыт. Биир дойдулаахтарбыт Кыайыы көтөллөөх иэримэ дьиэлэригэр этэҥҥэ эргиллэн кэлиэхтэрэ диэн сахалыы сэмэйдик, эрэллээхтик кэтэһэбит, күүтэбит.
Өссө төгүл улуу Кыайыы 79 сылынан эҕэрдэлиибит, өрүүтүн чэмэличчи тыгар күөх халлаан, тула өттүбүтүгэр ил-эйэ арыаллаатын.
Маны таһынан, нэһилиэкпит кэскиллээх, эдэр ырыаһыта Иоганн Матвеев Кузбасс куоракка күрэхтэһэ барарыгар көмө акция тэриллэн, нэһилиэкпит олохтоохторо көхтөөхтүк кыттан Иогаммытыгар 55750 солк. хомуйан счетнай хамыыһыйаҕа туттардыбыт.
Виталина Григорьева.

Владислав Иванов хаартыскаҕа түһэриитэ.

Читайте дальше