Тылгыны нэһилиэгэр быйыл хаһааҥҥытааҕар да кураан сайын кэлэн, бэйэтэ да кылгас сайыммытын ойуур уотун кытта охсуһан, быыһыгар үлэлээн-хамсаан атаардыбыт.
«Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Бу уустук сайыммытыгар кыстыгы этэҥҥэ туораары, сир аһын арааһын хомуйдубут, оҕуруоппут аһын оҕолуу бүөбэйдээтибит, ходуһаларбытыгар дуоһуйа оттоотубут, ыраас уулаах чүөмпэлэрбитигэр дуоһуйа сөтүөлээн сынньанныбыт. Сайын устата тиритэ-хорута көрбүт оҕуруоппут аһын күһүҥҥү былдьаһыктаах күннэргэ кэнсиэрбэлээн кыһыҥҥыга хаһаанныбыт.
Дьаарбаҥкаҕа нэһилиэкпит олохтоохторо, оскуола оҕолоро, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кыттан, тэрээһиммит олус ситиһиилээхтик ааста.
«Түһүлгэ»сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ «Күһүн бэлэҕэ-2024» диэн тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт сонун, киэҥ хабааннаах, олус интэриэһинэй күрэҕи тэрийдилэр. Күрэххэ үс тэрилтэ илин-кэлин былдьаста. Ол курдук И.Н.Ханды аатынан орто оскуола, «Күнчээн»оҕо уһуйаана уонна кыра тэрилтэлэр холбоһон кыттыыны ыллылар.
Тэрилтэлэр атыылыыр миэстэлэрин киһи хараҕар быраҕыллар гына олус үчүгэйдик, кэрэтик киэргэппиттэр. «Дьон талааннаах да буолар эбит» диэн олус сөхтүбүт-махтайдыбыт. Бииртэн биир кыраһыабай фотозоналар, айылҕа матырыйаалынан оҥоһуллубут дьэрэкээн оҥоһуктар, күһүҥҥү саһархай сэбирдэхтэринэн, отторунан -мастарынан киэргэтиллэн дьону-сэргэни сөхтөрдүлэр.
Күрэхпит хас да номинациянан ыытылынна.
1️⃣номинация, «Саамай элбэх кыттааччылаах тэрилтэни» быһаардыбыт. Тэрилтэлэр бары көхтөөхтүк кыттыбыттар, үлэһиттэр үгүстэрэ кыттыыны ыллылар .
2️⃣ номинация, Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларын чэрчитинэн «Лучшее тематическое оформление экспозиции» диэн. Манна тэрилтэлэр дьаарбаҥка-быыстапкаларын киэргэтиилэрэ, кыраһыабай көстүүлэрэ, тематыгар төһө сөп түбэһэрэ сыаналанна.
3️⃣номинация, «Саамай улахан оҕуруот аһа» манна кыттааччылар тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ үүннэрбит саамай улахан оҕуруоттарын аһын аҕалан көрдөрдүлэр. Кыра тэрилтэлэртэн УГРС «Сахатранснефтегаз» үлэһитэ Петров Р.С. аҕалбыт хаппыыстата дьон болҕомтотун тарта, дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдө. Хаппыыста ыйааһына 7 киилэттэн тахса.
4️⃣ номинация «Один в поле воин» диэн. Манна тэрилтэлэртэн биирдии кыттааччы бэйэтин оҕуруотун эрэ аһын аҕалбыт буолуохтаах. Төһө элбэх араастааҕа, оҕуруот аһын тас көрүҥэ, эстетиката сыаналанна. Манна Тимофеева А.И. кыайыы өрөгөйүн биллэ, Анастасия Ивановна оҕуруотун аһа олус элбэх уонна атыыга барардыы сүрдээх үчүгэйдик, кыраһыабайдык киэргэтиллибит .
5️⃣ «Чудо овощ» диэн номинацияҕа тэрилтэлэр оҕуруоттарын аһын формата кимиэнэ саамай уратытын быһаардылар. Манна «Күнчээн»оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ кыайыылаах таҕыстылар .
6️⃣ номинация «Консервированные заготовки» диэн этэ. Бу номинацияҕа саамай ураты, интэриэһинэй уонна элбэх араастаах кэнсиэрбэлэмит оҕуруот астаах тэрилтэ кыайыылаах буолар. Күрэх түмүгүнэн орто оскуола кыайыы өрөгөйүн биллэ.
7️⃣номинация «Осенний букет». Тэрилтэлэр оҕуруот аһыттан, сибэккиттэн, күһүҥҥү сэбирдэхтэн, оттон-мастан дьэрэкээн букет оҥорон аҕалан көрдөрдүлэр. Наһаа да кэрэ букеттары көрөн олус сөхтүбүт, айылҕабыт барахсан ото-маһа, сибэккитэ кэрэ да эбит. Бу номинацияҕа «Күһүҥҥү палитра» диэн букеты оҥорон, кыра тэрилтэлэр кыайыылаах таҕыстылар.
Күрэх түмүгүнэн «Кылаан кыайыылаах» үрдүк аатын орто оскуола кэллэктиибэ, 1-кы миэстэни «Күнчээн» оҕо уһуйаана, 2 миэстэни кыра тэрилтэлэр (олохтоох дьаһалта, почта, сберкасса, музыкальнай оскуола, газ тэрилтэтэ) ылан дипломнарынан, бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар. Маны таһынан, хас номинация аайы кыайыылаахтар эмиэ дипломнарынан, бэлэхтэринэн наҕараадаланан үөрдүлэр-көттүлэр .
Кэрэ күнү «Күнчээн «оҕо үҥкүүтүн ансаамбылын оҕолоро, «Түһүлгэ» сынньалаҥ киин специалиһа Айнат Кылабысов киэргэттилэр.
Быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кыттыбыт оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктанар нэһилиэкпит элбэх оҕолоох эдэр ыаллара Айна, Руслан Петровтар дьиэ кэргэттэрин ойуччу тутан бэлиэтиэхпитин баҕарабыт. Эдэр ыаллар хортуоппуй олордон, атыылаан нэһилиэнньэни хааччыйаллар, нэһилиэк аҕам саастаах дьонноругар хортуоппуй биэрэн, араас акцияларга көхтөөхтүк кытталлар. Бүгүн бэйэлэрэ үүннэрбит 7 киилэттэн тахса ыйааһыннаах хаппыысталарын дьон-сэргэ олус сөхтө-махтайда.
Быыстапка-дьаарбаҥканы сандалынан иистэнньэҥ, сатабыллаах хаһаайка Анастасия Ивановна Тимофеева олус киэргэттэ. Эчи таҥаһа-саба үчүгэйин, чахчыта даҕаны, толору минньигэс астаах сандалы буолан дьаарбаҥка киэргэлэ буолла.
Нэһилиэкпит эдэр ыаллара Евгения, Игнат Поскачиннар минньигэс шашлыктарын утары буһаран атыылаан, ордук оҕо-аймах үөрдэ-көттө.
Оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ (5-11 кылаастар) ас арааһын атыылаан кылаастарыгар харчы киллэриннилэр.
Улуустааҕы «Дьиэ кэргэн-олох төрдө» диэн Арассыыйаҕа биллэриллибит дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас сылларын чэрчитинэн ыытылла турар дьиэ кэргэттэр күрэхтэригэр биһиги нэһилиэкпит үлэни өрө туппут Ангелина Захаровна, Айнат Иванович дьиэ кэргэттэрин быыстапка-дьаарбаҥката сандалы остуол муҥунан ас арааһын атыылаатылар, көрүөхтэн кэрэтик оҥостон -туттан киэҥ сэҥээриини ыллылар. Сүрэхтээх,үлэһит эдэр дьиэ кэргэҥҥэ ситиһиини баҕарыаххайыҥ.
Дьэ, бу курдук, Тылгыныбыт нэһилиэгэр «Күһүн бэлэҕэ-2024″ диэн быыстапка-дьаарбаҥка олус өрө көтөҕүүлээхтик, ас эгэлгэтэ, мааныта атыыланан, дьон-сэргэ хамаҕатык атыылаһан, үөрэн-көтөн бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах дьиэлээтибит. Саха өһүн хоһоонугар этиллэринии,»Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» күлэн-үөрэн тарҕастыбыт.
Виталина Григорьева.