Сэтинньи 4 күнүгэр норуот сомоҕолоһуутун күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтээтибит. Бу күн Арассыыйа олохтоохторо, бука бары сомоҕолоһон, араас норуоттар доҕордуу буоларбытын бигэргэтэр күммүт.
Тылгыныбыт нэһилиэгэр Арассыыйаҕа Учуутал уонна сүбэһит, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа сылларын чэрчитинэн, Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах “Үгүс дойду өйүн түмэн, өрөгөйүн үрдэт” диэн тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллар күрэх үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Күрэхтэһиигэ нэһилиэк тэрилтэлэрэ көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук, балыыһа кэлэктиибэ — Бразилия, олохтоох дьаһалта, «Түһүлгэ»сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ — Кытай, «Күнчээн» оҕо тэрилтэтэ — Греция, кыра тэрилтэлэр — Индия, орто оскуола — Грузия омуктара буолан ыалдьыттаатылар.
Куонкурус 4 түһүмэхтээх ыытылынна. Үөрүүлээх тэрээһини сыана бэтэрээнэ Людмила Прокопьевна сахалыы доллоһутар тойугунан арыйда.
Бастакы түһүмэх «Мин дойдум-мин киэн туттуум» диэн. Манна тэрилтэлэр национальнай таҥастаах тахсан көрдөрөр омуктарын олоҕун-дьаһаҕын, биллиилээх дьоннорун, дойдуларын сирин-уотун туһунан сиһилии кэпсээтилэр, слайда нөҥүө көрдөрдүлэр. Саалаҕа олорон омук дойдуларыгар күүлэйдээн кэлбит курдук сананныбыт. Араас омуктар тустарынан элбэҕи да биллибит.
Иккис түһүмэх — “Биһиги бары арааспыт…”. Манна кыттааччылар талан ылбыт омуктарын үҥкүүтүн, үрдүк сыанаҕа көтө-дайа үҥкүүлээн тэйдилэр, көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһын кыттааччыларга бэлэхтээн сүргэлэрин көтөхтүлэр. Таҥастара-саптара эчи үчүгэйин, балыыһа кыргыттара Бразилия омук үҥкүүтүн — ламбаданы үҥкүүлээн, олохтоох дьаһалта, сынньалаҥ киин үҥкүүһүт кыргыттара улуу кытай омук веердээх үҥкүүтүнэн, «Күнчээн»оҕо тэрилтэтин кэрэ аҥардара Греция үҥкүүтүн, кыра тэрилтэлэр кыргыттара дьэрэкээн күлүмүрдэс киэргэллэрдээх Индия омугун үҥкүүтүн, орто оскуола чиэһин көмүскүүр хамаанда Иван Доранов, Дмитрий Филиппов, Октябрина Васильева, Марианна Саввинова көтө-дайа үҥкүүлээн көрөөччүлэргэ умнуллубат киэһэни бэлэхтээтилэр. Араас омук үҥкүүлэрин көрөн олус дуоһуйдубут,астынныбыт.
Үһүс түһүмэх – “Ас-омук тыына”. Манна кыттааччылар талан ылбыт омуктарын төрүт астарын остуол хотойорунан астаан аҕалан,киэҥ саалаҕа хото тардан кэбистилэр. Көрөөччүлэр минньигэс сыттаах, баай талым астаах, кыраһыабай остуоллардаах Бразилия, Кытай, Греция, Индия, Грузия омуктарын астарын көрөн олус сөхтүбүт.
Тэрилтэлэр бука бары олус кыһаллыбыттара киһини үөрдэр.
Төрдүс түһүмэх – “Норуоттар төрүт оонньуулара”. Манна тэрилтэлэр талан ылбыт норуоттарын, омуктарын оонньуутун оҕолорго оонньоттулар. Оҕолорбут барахсаттар араас омук оонньууларын үөрэ-көтө, дуоһуйа оонньоотулар, минньигэс бириистэри ылан үөрүүлэрэ өссө үрдээтэ.
Күрэҕи үс киһиттэн састааптаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн Р.С. Иванова, чилиэннэринэн В.В. Григорьева, Т.А.Шадрина үлэлээтибит. Түмүк маннык буолла: көхтөөхтүк кыттыбыттарын иһин кыра тэрилтэлэр, Индия омуктара уонна балыыһа кэлэктиибэ Бразилия омугун көрдөрөн Грамотанан, минньигэс бирииһинэн наҕараадаланнылар. 3-с миэстэни -«Күнчээн»оҕо саада, 2-с миэстэни — олохтоох дьаһалта, «Түһүлгэ»сынньалаҥ киин хамаандата уонна кыайыылаах үрдүк аатын орто оскуола чиэһин көмүскээбит Грузин омуктара ылан, Добун суругунан, минньигэс бирииһинэн наҕараадаланнылар. Маны сэргэ уруулартан-аймахтартан, доҕоттортон-атастартан спонсорскай бириистэр туттарылыннылар.
Дьоро киэһэни «Күнчээн»оҕо үҥкүүтүн ансаамбылын үҥкүүһүт кыргыттара Мия Кононова, Каролина Герасимова испанскай уонна корякскай үҥкүүнэн киэргэттилэр. Кыттааччылар бары сыанаҕа тахсан араас омук үҥкүүлэрин үҥкүүлээн түмүктээтилэр,көрөөччүлэргэ умнуллубат кэрэ түгэннэри хааллардылар.
Тэрийээччилэр ааттарыттан бука бары кыттааччыларга, тэрилтэлэргэ махталбытын тиэрдэбит. Өрүүтүн бу курдук биир сомоҕо буолан тапталлаах Тылгыныбыт чэчирии сайдарын туһугар үлэлиэххэйиҥ-хамсыаххайыҥ диэн ыҥырабыт.
Виталина Григорьева.