Тылгыныга саҥа дьиэлэр дьэндэһэллэр

Тылгыныга дьон-сэргэ сөбүлээн олохсуйар.  Нэһилиэккэ күөх төлөн, сайынын уу суола, массыына сырыыта баалларынан олорорго табыгастаах. Төһө даҕаны бүддьүөт эйгэтигэр үлэ миэстэтэ күчүмэҕэйин иһин, сүрэхтээх киһи сылгы, сүөһү ииттэригэр, оҕуруот аһын олордоругар усулуобуйа баар.

Тылгыныбыт нэһилиэгэр сылтан сыл аайы саҥа дьиэлэр тутуллан дьэндэһэллэрэ көрүөххэ олус үчүгэй. Эдэр дьон, ыаллар харыларын күүһүнэн, илиилэрин эрчиминэн дьиэ туттан киирэллэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Дьиэ кэргэн- дьол уйата диэн өс хоһоонугар этиллэринии, бэйэ бас билэр дьиэлээҕэ-уоттааҕа туохха да тэҥнэммэт кылаат дии саныыбын. Ама, ханнык эдэр ыал көмүс чыычаахтара, дыргыл бэс сытынан тунуйбут, ып-ыраас, кип-киэҥ дьиэлэригэр чуопчаара оонньуулларын баҕарбат буолуоҕай. Бу буоллаҕа дии сирдээҕи дьол диэн.
Билигин Тылгыныбытыгар икки дьиэ кэргэн дьиэ-уот тутта сылдьаллар, ыал аҕалара хоннохтоохтук ылсыһан, иэримэ дьиэлэрин үөрэ-көтө тута, үлэлии-хамсыы сылдьалларын, хас сарсыарда аайы үлэбэр баран иһэн сэмээр сэргии көрөбүн.
4 оҕолоох Алёна, Альберт Петровтар Тылгыныбыт дьоһун-мааны ыаллара. Ыал аҕата тыа хаһаайыстыбатын специалиһынан олохтоох дьаһалтаҕа үлэлиир, нэһилиэк Сэбиэтин депутата, ыал ийэтэ кыра оҕотун көрөн олорор. Алёналаах, Альберт дьиэлэрэ икки этээстээх буолуохтаах. Күнтэн күн аайы дьэндэйэн иһэрэ көрөргө олус үчүгэй. Дьиэни Альберт аҕата уонна бырааттара,табаарыстара тутуһаннар, үлэ күөстүү оргуйар. Тылгыны олохтоох дьаһалтата дьиэ туттар ыалларга биир кэмнээх көмө харчыны биэрэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Алёналаах, Альберт көмө ылан үөрүүлэрэ муҥура суох.
Александра, Николай Егоровтар — эдэр ыаллар. Ыал ийэтэ Александра олохтоох дьаһалтаҕа социальнай үлэһитинэн уонна оҕо уһуйааныгар логопедынан үлэлиир. Аҕалара Николай тутууга сыһыаннаах, олус үлэһит, илиитигэр талба талааннаах эдэр киһи. Эдэр ыаллар саҥа дьиэлэрэ сотору кэминэн оҕо чаҕаан күлүүтүнэн, минньигэс ас сытынан дыргыйыа диэн сэмээр кэтэһэбит. Ыал аҕата Николай, бииргэ төрөөбүт убайын, быраатын, күтүөтүн кытта үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Александралаах, Николай эмиэ олохтоох дьаһалта дьиэ туттар ыалларга биэрэр көмө харчытыгар сайабылыанньа суруйуохпут дэһэллэр.
Дьэ, бу курдук, тырым уоттаах Тылгыныбыт нэһилиэгэр саҥа дьиэлэр тутуллан дьэндэһэллэр, нэһилиэккэ ыччат дьон олохсуйарыгар төһүү күүс буолаллар. Саҥа дьиэлэрэ тутулла турар, саха сайдам ыалларыгар дьиэлэрэ түргэнник тутуллан, силигэ ситэн, киэҥ-куоҥ дьиэлэригэр көһөн киирэллэригэр баҕарыаххайыҥ. Тылгыныбыт кыраһыабай,саҥа тутууларынан киэркэйэ турдун.
Виталина Григорьева.

Читайте дальше