Тылгыныга сылы үөрүүлээхтик арыйдылар

Тылгыныбыт нэһилиэгэр үлэни өрө туппут чулуу үлэһит дьон, бигэ туруктаах, чэбдик олохтоох саха сайдам ыаллара, көтө-дайа кустуктанар кэрэчээн оҕолор, аҕам саастаах муударай дьон уутуйан олохсуйан нэһилиэкпит туллар тутааҕынан буолаллар, инники кэскилин түстэһэллэр.

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Бүлүү улууһугар Степан Аржаков, Тылгыны нэһилиэгэр Аҕа сылын үөрүүлээх арыйыы тохсунньу 25 күнүгэр «Түһүлгэ»сынньалаҥ киинигэр буолан ааста.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Бүлүү улууһун Аҕаларын Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Иванович Тутукаров, президиумун чилиэнэ Василий Николаевич Мандаров кэлэннэр ыалдьыттаатылар.
Кинилэр олохтоох дьаһалта дьиэтигэр, Тылгыныбыт аҕаларын кытта төгүрүк остуол тула олорон, ирэ-хоро кэпсэтэн, баай уопуттарын үллэстэн, сүбэ-ама биэрэн үлэлээтилэр, сэһэргэстилэр. Аҕа, эр киһи, уол оҕо уопсастыбаҕа оруолун, аҕа буолуу олус эппиэтинэстээҕин эдэр аҕаларга сүбэлээн-амалаан биэрдилэр, ыытыллар тэрээһиннэри ырытыстылар.

Дьиэ кэргэн, аҕа, оҕо — бу быстыспат биир ситим буолаллар. Чөл куттаах, бигэ туруктаах, ырааһы, кэрэни ырыҥалыыр, сырдыгы саҕар, төрөтөр оҕону төлкөлүүр дьиэ кэргэн — уопсастыба бигэ тирэҕэ буолар. Ханнык да омукка дьиэ кэргэн сүдү улахан оруолу ылар. Норуот сайдар кэскилэ дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах.

Дьиэ кэргэн, оҕо саас, аҕа сылларын арыйыы нэһилиэкпит элбэҕи эрэннэрэр, саха сайдам ыаллара парадтаан киириилэринэн саҕаланна, сынньалаҥ киинин киэҥ уораҕайыгар дьиэ кэргэттэрбит минньигэс мичээрдэринэн, кэрэчээн оҕолорун сиэппитинэн хаамыстылар.

Бу кэнниттэн Тылгыныбыт брендэбэй таҥаһын, нэһилиэк эдэркээн ыаллара Светлана, Филипп Чэкэлээннэр кэтэн, үрдүк сыанаҕа көрдөрдүлэр. Баай ис хоһоонноох таҥас туһунан сиһилии М.М. Иванова кэпсээтэ.

Олохтоох дьаһалта аатыттан, нэһилиэк Сэбиэтин депутата, саха сайдам ыалын аҕата М.М.  Мосов эҕэрдэ тылын эттэ уонна Тылгыныбытыгар ыал буолан олорбуттара 50 сыл буолбут, кыһыл көмүс сыбаайбаларынан Люция, Виталий Матвеевтары эҕэрдэлээтэ, улахан смарт-тэлэбиисэр сертификатын дохсун ытыс тыаһынан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Бүлүү куоратыттан ытык-мааны ыалдьыттарбыт — Ю.И. Тутукаров, В.Н. Мандаров нэһилиэк бары аҕаларыгар, эр дьонноругар анаан баҕа санааларын, нэһилиэккэ саҥаттан тэриллэр Аҕа Сүбэтин үлэтигэр ситиһиини баҕардылар,
биир санаанан салайтаран, күүстээхтик үлэлииригэр баҕа санааларын эттилэр.

Бүлүү улууһун уонна Тылгыны нэһилиэгин Аҕаларын түмсүүтэ бииргэ үлэлииргэ анаан дуогабар түһэристилэр. Дуогабары улуустааҕы Аҕа Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Иванович уонна Тылгыны нэһилиэгиттэн Март Мартович илии баттаан, илии тутустулар.

Нэһилиэк аҕаларын Сүбэтиттэн Кылабысов А.И. , «Кийииттэр» түмсүүлэрин салайааччыта Григорьева В.В. тыл эттилэр, баҕа санааларын тиэртилэр.

Дьоро киэһэни доллоһутар тойугунан А.З. Дмитриева арыйда, «Эрчим» эр дьон ансаамбыла Никифор Семенов репертуарыттан «Бу улуукан киэһэҕэ»диэн уонна «Түһүлгэ» сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ «Саха ыала»диэн ырыанан киэргэттилэр. Ыалдьыппыт Василий Мандаров сахалыы ырыаны ыллаан, нэһилиэк олохтоохторун эҕэрдэлээтэ.

Үөрүүлээх тэрээһини «Түһүлгэ»сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ тэрийэн ыыттылар.

Быйыл олус эппиэтинэстээх, элбэҕи эрэннэрэр сыл үүннэ. Нэһилиэкпит аҕалара бары ыытыллар тэрээһинтэн туора турбакка, биир санаанан салайтаран, дэриэбинэбит чэчирии сайдарын туһугар үлэлээҥ-хамсааҥ диэн ыҥырабыт. Норуот инники дьылҕата дьиэ кэргэнтэн тутулуктааҕын бары билэбит. Эр дьоммут түмсэн, баар ыарахаттары тэҥҥэ кыайан, сүбэлэһэн-амалаһан, бу уустук олохпутугар биир киһи курдук буолан, туохтан да толлубакка, өссө күүскэ үлэлээн-хамсаан биэриэҕиҥ.

Виталина Григорьева.

Владислав Иванов  хаартыскаҕа түһэрдэ.

Читайте дальше