Сахалар былыр-былыргыттан бүөбэйдээн, чочуйан-тупсаран илдьэ кэлбит баайбыт — төрөөбүт төрүт тылбыт. Төрөөбүт тылынан саҥарар, толкуйдуур киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар буолар.
Саха алпаабытын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олунньу 13 күнүгэр төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ бэлиэтэнэр. Бу дьаһалы өрөспүүбүлүкэбит бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 1996 сыллаахха таһаарбыт анал Ыйааҕар эппитэ. Онтон ыла бу күҥҥэ ийэ тылбыт күнүгэр анаан араас тэрээһиннэр ыытыллар буолбуттара.
Олунньу 10 күнүгэр Тылгынытааҕы «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинигэр, төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө «Ийэ тыл, кэскиллээх кэс тыла» диэн нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыларыгар Т.О.К диэн 8 түһүмэхтээх оонньуу ыытылынна. Тыл оонньуутугар 4 тэрилтэ 3-түү киһилээх хамаанда туруоран ситиһиилээхтик кытынна. Ол курдук, олохтоох дьаһалта «Сахалар» (хапытаан Мосов М.М.) , орто оскуола»Дабаан»(хапытаан Доранов И.И.), «Күнчээн» оҕо уһуйаана «Иэйии»(хап. Самсонова Л.В.), музыкальнай оскуола «Дьулуур»(хап.Иванов В.А.)хамаандалара күөн көрүстүлэр, билиилэрин тургуттулар.
Оонньуу түһүмэхтэрин кылгастык билиһиннэриэм. Бастакы түһүмэххэ хамаандалар аат, сирдьит (девиз) толкуйдаатылар. Бары наһаа үчүгэй сахалыы аат булуннулар, сирдьиттэрин (девизтэрин) эттилэр.
Иккис түһүмэх — өс хоһооннорун таба таайыы. Манна кыттааччылар, смайликтар көмөлөрүнэн экраҥҥа өс хоһооннорун таайыахтаахтар. Биһиги смайлигы куйаар ситимин нөҥүө күүскэ туһанабыт, күннэтэ ыытыһабыт. Бу түһүмэххэ хамаандалар олус көхтөөхтөрүн, билиилэрэ дириҥин көрдөрдүлэр.
Үһүс түһүмэх — викторина. Викторина ыйытыылара Саха сирин устуоруйатыгар, фольклоругар, улуустар, нэһилиэктэр ааттарыгар, мусуойдарга, төрөөбүт төрүт тылга сыһыаннаахтар. Кыттааччылар 30 сөкүүндэ иһигэр толкуйдаан,сөптөөх эппиэти биэриэхтээхтэр. Сахабыт тыла байҕал курдук дириҥин, устата-туората биллибэтин бу түһүмэх өссө төгүл бигэргэттэ.
Төрдүс түһүмэххэ экраҥҥа сахалыы биллэр киинэлэртэн артыыстар көһүннүлэр, ол гынан баран артыыстар сирэйдэрин бүөлээтилэр. Кыттааччылар быһа тардыылартан, артыыстар таҥастарыттан-саптарыттан таба таайан киинэ аатын сөпкө этэргэ күрэхтэстилэр. Бу түһүмэххэ музыкальнай оскуола хамаандата иннин кимиэхэ да биэрбэтэ, үгүс киинэни таайан көрөөччүлэри сөхтөрдө.
Бэһис түһүмэх — кырачаан Репиннар диэн. Манна оҕолорбут барахсаттар Саха сирин сайдыытыгар уонна норуоппут биллиилээх дьоннорун мэтириэттэрин уруһуйдаабыттара. Бу дьоннор мэтириэттэринэн хамаандалар кимнээх буолалларын таайыахтаахтар. Холобур, Марк Жирков, Былатыан Ойуунускай, Николай Чернышевскай. Оҕолор уруһуйдара олус сэргэхтэр, кыһаллан оҥорбуттара тута харахха быраҕыллар. Бу түһүмэх кыттааччыларга сэргэхсийиини таһаарда.
Алтыс түһүмэх — Ырыа-дууһа иэйиитэ. Манна кыттааччылар, дорҕооннору талан ылаллар. Холобур, «кря»,»пых» уонна сахалыы ырыаны талаллар. Бу ырыаларын мелодиятын ырыа тылын саҥарбакка, ити дорҕооннорунан ыллыахтаахтар, ону хамаандатын кыттааччылара таайыахтаахтар. Кыттааччыларбыт олус ырыаһыттар эбит диэн сөхтүбүт. Маладьыастар.
Сэттис түһүмэххэ — тылы суолтатынан таба таайыы. Хамаанда хапытаана экраҥҥа суруллан турар тылы, суолтатын сөпкө быһаарыахтаах, тылы эппэккэ эрэ. Ону хамаандатын дьоно ханнык тыл буоларын таба таайыахтаахтар. Холобур, экраҥҥа «Ыһыах»диэн тыл көстөр. Ону хапытаан быһаарар: «Сахалар бырааһынньыкпыт, сайын буолар. Бары сахалыы таҥас кэтэбит»,- диэн. Бу түһүмэххэ кыттааччылар сахабыт тылын баайын төһө билэллэрэ, тыл суолтатын сөпкө быһаараллара оруолу оонньоото.
Ахсыс түһүмэх — сомоҕо домохтору таай. Бу түһүмэх элбэх сыраны-сылбаны ылла, көрөөччүлэри сэргэхситтэ. Ыытааччы кыттааччыларга кулгаахтарыгар наушник кэтэрдэн баран, муусука холбоото уонна икки тылтан турар сомоҕо домохтору саҥарар, кыттааччы ону кыайан истибэт, ханнык сомоҕо домох диэбитин таайа сатыахтаах. Ыытааччы айаҕа хамсыырынан сирдэтэн сөпкө этиэхтээх. Холобур, тииҥ мэйии, сэттэ сирэй.
Дьэ, бу курдук, төрөөбүт төрүт тылбытыгар аналлаах нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт «Т.О.К.» тыл оонньуута сэргэхтик ааста. Кыттааччылар бары сахалыы маанытык таҥнан кэлэн, үөрэ-көтө оонньоон, ийэ тылларын өссө билэн, кининэн киэн туттан саха буолан сандаарбыттара буолуо диэн эрэнэбит. Тыл оонньуутун түмүгүн, счетнай хамыыһыйа билиһиннэрдэ, түмүк маннык буолла: ситиһиилээхтик кыттыбытын иһин Мэҥэ Суругунан олохтоох дьаһалта «Сахалар» хамаандата бэлиэтэннэ, үһүс миэстэни «Күнчээн» оҕо уһуйаанын «Иэйии» хамаандата, иккис миэстэни — орто оскуола «Дьулуур» хамаандата уонна бастакы миэстэни музыкальнай оскуола «Дабаан»хамаандата ыланнар, Мэҥэ Суруктарынан, статуэткаларынан наҕараадаланнылар. Бары кыттааччыларга махтанабыт.
Ийэ тылбыт барахсан хас эмэ үйэни уҥуордаан, эппитигэр-хааммытыгар иҥэн, өйбүтүн-санаабытын салайан, аныгы кэм сабыдыалыгар оҕустаран, сүтүө-симэлийиэ диэн сахалыы куттааҕы эрэ барыбытын долгутар. Ол эрээри, төрөөбүт тылбыт сүөгэйин-сүмэтин сүтэрбэт туһуттан хас биирдии саха киһитэ , сахалыы саҥарыахтаахпыт, ийэ тылбытын таптыахтаахпыт, кининэн киэн туттуохтаахпыт, саха буолан төрөөбүппүтүттэн сахалыы сэмэйдик үөрүөхтээхпит.
«Мин күүстээхпин ийэ тылбынан-
Барыны кыайар алыбынан,
Хагдарыйбыт маһы илгэнэн
Ибиирэн көҕөрдөр илбиһинэн.
Төрөөбүт төрүт тылым-
Мин сытыы кылыһым,
Ханнык да хабыр күүстүүн
Хапсарга бэлэммин күнүс-түүн.
Төрөөбүт төрүт тылым-
Мин быстыбат быйаҥым,
Кэлэр кэнчээри ыччаппар
Кэриэспин ыһар кырыһым».
Василий Босиков-Босяк.
Саха эдэр ыччата, сахаҥ тылын үөрэт, таптаа,ытыктаа, төрөөбүт тылгынан суруллубут кинигэлэри аах-сэргээ.
Виталина Григорьева.
Татьяна Лыткина хаартыскаҕа түһэриитэ.