Тылгынылар талааннаах ыччаппытынан киэн туттабыт

Хас биирдии киһи орто дойдуга туох эрэ талааннаах айыллан кэлэр. Талааны сөптөөхтүк сайыннарыы уонна таба туһаныы — бу улахан эппиэтинэс.

Биһиги тырымнас уоттардаах Тылгыныбыт нэһилиэгиттэн, ойор-тэбэр оҕо сааһыттан киистэ, харандаас тутуурдаах, маһынан, тимиринэн скульптор, пааматынньык оҥорор талааннаах ыччаппытынан Иванов Афанасий Егорович буолар.

Мындыр толкуйдаах, тобуллаҕас өйдөөх, тарбаҕар дэгиттэр талааннаах худуоһунньук уолбут бииртэн биир киһи сөҕөр ураты үлэлэринэн биһигини куруук сөхтөрөр.

Бүгүн, сэтинньи 3 күнүгэр, ыллыыр кумахтаах Бүлүүбүт куоратыгар олус үчүгэй тэрээһин буолан ааста. Бүлүүбүт ытык-мааны киһитэ, кыраайы үөрэтээччи, учуутал, Үлэ Дьоруойа, Саха сиригэр алмаас хостонуон сөбүн аан бастаан туруорсубут, Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр музейы төрүттээбит Петр Хрисанфович Староватов төрөөбүтэ 150 сылын көрсө, киниэхэ анаммыт сквери үөрүүлээхтик арыйыы сиэрэ-туома ыытылынна.
Бу сквергэ турар пааматынньыгы биһиги, тылгынылар, бэйэбит уолбут, элбэҕи эрэннэрэр эдэр ыччаппыт, М.Н.Жирков аатынан Бүлүүтээҕи ускуустуба оскуолатын, оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолатын филиалын сэбиэдиссэйэ Афанасий Егорович Иванов оҥордо.

Бу пааматынньык Афанасий Егорович иккис улахан үлэтэ буолар, тимиртэн, бетонтан оҥоһуллубут, үрдүгэ 185 см, ыйааһына — 600 кг. Чахчы даҕаны, киһи хараҕа хатанар, олус кичэллээхтик, үгүс сыранан-сылбанан чочуллан оҥоһуллубута тута көстөр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥэ Бүлүү улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Иван Иванович Евсеев, Бүлүү куоратын баһылыга Ян Анатольевич Попов, Бүлүү куоратын депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевич Харлампьев, П.Х.Староватов аатынан музей дириэктэрэ Татьяна Николаевна Афанасьева тыл эттилэр уонна куорат олохтоохторо, общественноһа кыттыыны ыллылар.

Элбэх эҕэрдэлэр, истиҥ тыллаах махтал тыллар Афанасий Егоровичка этилиннилэр. Биһиги кыракый Тылгыныбытыттан тахсыбыт талааннаах оҕобутунан — Афанасий Ивановунан бу маннык эппиэтинэстээх, үйэ тухары турар пааматынньыгы оҥорон, бүтүн улуус, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар бэлэх ууммутунан, нэһилиэкпит олохтоохторун аатыттан истиҥ-иһирэх тыллардаах эҕэрдэбитин, махталбытын тиэрдэбит, сулус курдук сыдьаайар талба талааҥҥынан киэн туттабыт. Өссө да талааныҥ арылла турдун, бар дьоҥҥун кыраһыабай, кэрэ оҥоһуктаргынан үөрдэ-көтүтэ, сөхтөрө тур диэн алгыспытын аныыбыт.
Виталина Григорьева, Тылгыны.

Тамара Иванова хаартыскалара.