Түмсүүлээхтик, тахсыылаахтык үлэлээбит салайааччыбыт

Герасим Алексеевич Солтуев Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин 2013 сылтан салайан үлэлээбитэ. Кини Ньурба улууһугар сэбиэскэй-партийнай үлэҕэ уһуннук үлэлээбит буолан дьону салайар улахан дьогурдааҕа, улуус бэтэрээннэригэр элбэх араас тэрээһиннэри ыытан күүскэ үлэлээбитэ.

Улуус бары нэһилиэктэригэр сылдьан бэтэрээннэр олохторун сиһилии билэрэ, нэһилиэк баһылыктарыгар бэтэрээннэр Сэбиэттэрин үлэлэригэр көмөлөһөллөрүгэр сүбэлиирэ, сырыыларыгар массыынанан хааччыйалларын этэрэ. Аан бастакынан бэтэрээннэр үлэлэрин көҕүлүүр сыаллаах нэһилиэктэр икки ардыларыгар балаһыанньа оҥорон куоталаһыы тэрийбитэ, ол түмүгүн сылын ахсын таһааран, Грамота, биһирэбил оҥороро.

Герасим Алексеевич Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин президиумун мунньаҕар чилиэннэрин, актыыбы эмиэ ыҥыран, сүбэлэһэн, дьүүллэһэн, араас тэрээһиннэргэ эппиэттээх дьону анаан, улуус дьаһалтатын управлениеларын кытта куоталаһыылары, спартакиадалары олохтоохтук тэрийэн ыытара.

Кини улахан толкуйдаахтык, инициативалаахтык үлэлээбитэ. Ол курдук президиумун чилиэннэрин, нэһилиэктэрин Сэбитин бэрэссэдээтэллэрин илдьэ тахсан, нэһилиэктэргэ сүбэ семинар оҥороро, үлэлэрин билсэрэ, үлэ уопутун тарҕатара.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бастакынан «Бүлүү улууһун Бочуоттаах бэтэрээнэ», «Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин үлэтигэр кылаатын иһин» диэн анал бэлиэлэри оҥорторон, уопсастыба олоҕор элбэхтик үлэлээбит бэтэрээннэргэ туттартаабыта. Ол эмиэ бэтэрээннэр үлэлэригэр төһүү күүс буолбута. 90 саастарын туолбуттарга «Ытык саас» диэн бэлиэни олохтообута, сааһырбыт дьоҥҥо олохторугар үөрүүнү аҕалбыта.

Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Бүлүү улуустарын бэтэрээннэрин түмэн, уопут атастаһар сырыылары тэрийэрэ, Бүлүү эҥээрин бэтэрээннэригэр спортивнай куоталаһыылаах чиэстээһини тэрийэн ыытыы бэтэрээннэр сүргэлэрин улаханнык  көтөхпүтэ, ол иһин кинилэр махтаммыттара.

Нэһилиэктэрин бэрэссэдээтэллэрин үлэтин улаханнык сыаналыыра уонна Бүлүү улууһун дьаһалтатын кытта сүбэлэһэн, «бэриниилээхтик босхо үлэлиигит» диэн Москваҕа «Бэс Чагдаҕа» ыытан сынньатары ситиһэрэ, уопут атастаһа өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар илдьэ сылдьыбыта, салгыы өссө атын улуустарга илдьэ сылдьар былааннаах этэ. Герасим Алексеевич бэтэрээннэр үлэлэрин, олорбут олохторун сыаналаан туран, билиҥҥи кэмҥэ ыччаты иитиигэ сүбэлэринэн кытталларын, араас үлэни ыыталларын сэргээн кинилэргэ махтанара.

Биһиги кини курдук салайааччыны кытта үлэлээбиппитинэн киэн туттабыт, астынабыт, махтанабыт. Герасим Алексеевич бэтэрээн Сэбиэтигэр урут салалтага үлэлээбит, олоҕу, дьону үчүгэйдик билэр киһи үлэлиирэ ордук диэн баҕа санаалаах буолааччы. Сэтинньи ыйга Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин үчүгэйдик толкуйдаан, дьону түмэр үлэҕэ саҥа сүүрээннэри киллэрэр, салайар дьоҕурдаах киһини талыахтаахпыт.

Раиса Сортоева.

Читайте дальше