Түмсүүлэр үлэлэрэ. Уопсастыбаннай түмсүүлэр – модун күүс

Кулун тутар 6 күнүгэр Ытык Бүлүү сирин биир саамай кыраһыабай тутуулаах Марк Николаевич Жирков аатынан оройуоннааҕы култуура  Дыбарыаһыгар Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин, ааспыт 2023 сыл түмүктэрин таһаарар, бастыҥнарын быһаарар тэрээһиннэрин «Бүлүү улууһа (оройуона)” муниципальнай оройуон, «Бүлүү куората” муниципальнай тэриллии, культура уонна норуот айымньытын сайдыытын оройуоннааҕы Киинэ  уонна бу тэрээһини 11 сылын  тэрийэн ыытар “Сылы түмүктүүр” бырайыак ааптара, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ Бүлүүтээҕи салаатын дириэктэрэ Мария Петровна Томская тэрийиилэринэн 12 нэһилиэк баһылыктара,  3 баһылыгы солбуйааччыта, 31 түмсүү 250-тан тахса киһи кыттыылаах улахан тэрээһин үрдүк таһымнаахтык, үөрүүлээх быһыыга-майгыга  буолан ааста.                                                                                                                                                                

“Нөрүөн-нөргүй, үөрүүлээх тэрээһин кыттыылаахтара, ытыктабыллаах үтүө-мааны ыалдьыттар! Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин 11 төгүлүн ыытыллар сылы түмүктүүр тэрээһиннэринэн  итии-истиҥ эҕэрдэ”– диэн ыытааччы чоргуйар саҥата тэрээһин саҕаламмытын биллэрдэ  уонна уопсай хаартыскаҕа түһүүгэ ыҥырда. Сылы түмүктүүр тэрээһиммит атын тэрээһиннэртэн уратыта диэн, саха буоларбыт быһыытынан, бары сахалыы таҥастаах кэлэбит, тэрээһиммит сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри буолар, ол иһин түмсүүлэр бэйэлэрэ астарын илдьэ кэлэн, толору астаах сандалы тула олорон тэрээһиммитин саҕалыыбыт.

Тэрээһин үөрүүлээх арыллыыта

Урааҥхай саха дьоно Дьылҕа Хаантан ыйаахтаахпыт, Одун Хаантан оҥоһуулаахпыт, Билгэ Хаантан биэриилээхпит, ол да иһин хайа да түмсүүгэ Айыылардыын алтыһар, арчыланар,   харыстанар ураты  үгэстээхпит.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи  “Утум” уопсатыбаннай тэрилтэ чилиэнэ, Саха дьоно бары ытыктыыр уонна сүгүрүйэр киһибит,  Саха эмчитэ Дьөккөн Сөдүөтэ тэрээһини алгыһынан аспыта кэлбит дьону наһаа үөртэ уонна ураты турукка киллэрдэ. Сахалыы сиэринэн Алгыс кэнниттэн тоҥолохтон ылсыһан, доҕулдьуһа хаамсаммыт оһуокайынан уруйдаатыбыт. Оһуокай тылын Тылгыныттан төрүттээх эдэр эрчимнээх, кэскиллээх оһуохайдьыт Александр Иванов-Уол Сомоҕо таһаарда.

Оһуокайы бу сигэнэн көрүҥ

IMG_2513

Дьоһун-мааны тэрээһини кэлбит түмсүүлэри, ыалдьыттары эҕэрдэлээн бу бырайыак ааптара Мария Томская арыйда.

2012 сыл олунньу 18-с күнүгэр Ньурба куоратыгар түөрт Бүлүү улуустарын уопсастыбаннай түмсүүлэрин түмэр, сомоҕолуур сыаллаах  региональнай форум ыытыллыбыта, Бүлүү улууһуттан уопсастыбаннай түмсүүлэр бу форумҥа баран кыттыыны ылбыппыт, улуус аайы  координатордар талыллыбыттара, Бүлүү улууһуттан мин кандидатурабын туруорбуттара уонна куоластааһын түмүгүнэн Бүлүү улууһун координаторынан талыллан кэлбитим, Координаторынан талыллан баран, 2013 сыл тохсунньу 24 күнүгэр  Чернышевскай нэһилиэгэр Бүлүү бөлөх улуустарын уопсастыбаннай түмсүүлэрин түмэн, “2012 сылы түмүктүүр” аан бастакы сылы түмүктүүр тэрээһини тэрийбитим. Дьокуускайтан Ил Түмэн депутата Антонина Афанасьевна Григорьева, Саха өрөспүүбүлүкэтин дьахталларын холбоһугун салайааччыта Валентина Ивановна Кириллина, Бүлүү бөлөх улуустарын уопсастыбаннай түмсүүлэрэ Ньурбаттан, Сунтаартан, Үөһээ Бүлүүттэн 80 киһи, Бүлүүбүт улууһун салалтата, оройуон Сэбиэтин депутаттара кыттыыны ылбыттара.

Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэригэр “Сылы түмүктүүр” тэрээһини тэрийбит сүрүн сыалым улууспут бары уопсастыбаннай түмсүүлэрин түмэн, кинилэр ис дууһаларыттан, сүрэхтэрин баҕатынан улууспут, куораппыт, нэһилэкпит туһа диэн, буор-босхо үлэлиир үлэлэрин кэмигэр сыаналааһын буолар. Улуус уопсастыбаннай түмсүүлэрин бука барыларын түмэн, сылы түмүктүүр тэрээһиммит үтүө үгэскэ кубулуйан улуус, куорат салалтата өйөөн, сылын аайы ыытыллар. Ол курдук Чинэкэҕэ, Хампаҕа, Бастакы Күүлэккэ, Сыдыбылга, Бүлүүгэ ыытыллыбыттара. 2023 сылы түмүктүүр күүтүүлээх тэрээһиммит  Ытык Бүлүү сиригэр биир саамай кыраһыабай тутуулаах Марк Николаевич Жирков аатынан оройуоннааҕы култуура Дыбарыаһыгар бүгүн буола турар. Дьону-сэргэни түмэр уопсастыбаннай түмсүүлэр улуус, куорат, нэһилиэктэр сайдыыларыгар, ыччакка  патриотическай өйү-санааны иҥэриигэ суолталара  туохха да тэҥнэммэт. Улуус, куорат уопсастыбаннай түмсүүлэрэ нэһилиэктэригэр, куоракка, улууска ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар уонна ыытыһаллар. 2024 сылы Владимир Путин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан биллэрбиттэринэн,  бу сылга ити соруктар чэрчилэринэн чөл олоҕу, доруобуйаны, үтүө санааны инники күөҥҥэ өрө тутан, биһиги түмсүүлэрбит салгыы саҥа саҕахтары арыйа туруохтара!

Дойдубутугар уустук кэмҥэ билигин биһиэхэ барыбытыгар эппиэттээх кэмнэр, хас биирдии киһи Ийэ дойдубутун көмүскээччилэргэ тугунан эмит көмөлөспүт, туох эмит туһалааҕы оҥордорбут диир кэмэ кэлэн турар. Онон билигин бука бары биир сомоҕо буолан, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн үлэлиирбит олус наадалаах. Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрэ ыҥырыыбын ылынан,  бириэмэҕитин  аахсыбакка, үлэҕититтэн,  дьиэҕит  түбүгүттэн быыс булан,  дойду көмүскэлигэр сылдьар уолаттарбытыгар, биир дойдулаахтарбытыгар илиигит сылааһынан ичигэс таҥастары тигэн, харыстанар сиэккэлэри, араас  хабааннаах көмөнү оҥорон  кыайыыны уһансаргытыгар,  амарах сүрэхтээх, үтүө санаалаах улуус  уопсастыбаннай түмсүүлэригэр улахан махталбын тириэрдэбин. Инники өттүгэр биир сомоҕо буолан, биир санаанан салайтаран үлэлиэҕиҥ. «Түмсүүлээх буолуу үтүө түмүктэрдээх, сомоҕолоһуулаах буолуу сайдыы суолугар тахсарга аартыгы арыйар» диэн өйдөбүлүнэн, бу курдук бэйэ-бэйэни куруук өйөһөн, ыытыллар үлэҕэ барытыгар көхтөөхтүк кыттан, төрөөбүт Бүлүүбүт улууһун ааттата туруоҕуҥ, инникитин да дьаныардаахтык үлэлиэхпит диэн бигэтик эрэнэбин. Салгыы түмсүүлэр хас да сыллааҕы үлэлээбит  үлэлэрин кылгастык  кэпсээтим (ол барыта хаартысканан, видеонан улахан экраҥҥа көстө турда). Тус олоххутугар дьолу, доруобуйаны үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, быстыбат быйаҥнаах, уҕараабат эрчимнээх, уостубат уйгулаах, дьоллоох-соргулаах олоҕу баҕарабын диэн түмүктээтим.

Бүлүү улууһун салалтатын аатыттан баһылык бастакы солбуйааччыта  Иван Иванович Евсеев эҕэрдэ тылын эттэ уонна уһулуччу  күүскэ үлэлээбит  общественниктарга наҕараадалары  туттартаата:

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Валерьевна Балабкина Махтал суруктарынан наҕараадаланнылар:

Томская Мария Петровна, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта, Алексеева Екатерина Герасимовна,  “Алаһа” түмсүү салайааччыта (Бүлүү), Семенова Сусанна Прокопьевна, “Дьүөгэлэр” түмсүү салайааччыта (Бөтүҥ), Иванова Оксана Мартыновна, “Дьүөгэ” түмсүү салайааччыта (1 Күүлэт), Семенова Розалия Прокопьевна, “Тускул” түмсүү салайааччыта (Халбаакы),  Степанова Сардана Семеновна, “Күбэйэ” түмсүү салайааччыта (Балаҕаччы),  Николаев Владимир Спиридонович, “Ыллык” түмсүү салайааччыта (Бүлүү).

«Бүлүү улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» бочуоттаах бэлиэни   Ирина Николаевна Жирковаҕа, “Сүрэҕим баҕатынан” түмсүү салайааччытыгар  (Баппаҕаайы).

“Бүлүү улууһун культураҕа уонна духуобунаска кылаатын иһин” бэлиэни Елизавета Константиновна Наумоваҕа “Дайыы” түмсүү салайааччытыгар (Кыргыдай), “Күн Күбэй Ийэ” улуустааҕы анал бэлиэтин Тимофеева Мавра Ивановнаҕа, “Дьүөгэ” түмсүү (1 Күүлэт), Софронова Матрена Яковлевнаҕа, “Алаһа” түмсүү (2 Күүлэт) туттартаата.

Бүлүү улууһун дьаһалтатын Бочуоттаах Грамотатынан наҕараадаланнылар: Антонова Татьяна Ивановна, “Сүрэхпит баҕатынан”, (Баппааҕаайы), Петрова Клавдия Николаевна, “Дьүөгэлэр” (Бөтүҥ),  Маисова Елизавета Елисеевна, “Күбэйэ” ( Үгүлээт),  Васильева Федосия Михайловна, “Иис абылаҥа” (Бүлүү),  Шадрина Татьяна Александровна, “Кийииттэр (Тылгыны),  Семенова Анна Васильевна,  “Дьүөгэ” (1 Күүлэт),  Филиппова Зоя Дмитриевна,  “Алаас Далбара” (Балаҕаччы), Николаева Анастасия Константиновна, “ Утум ситимэ” (Чочу),  Ермолаева Сахая Семеновна, “Дьолуо” түмсүү салайааччыта(Чочу),  Васильева Мария Павловна, оскуола дириэктэрэ, “Волонтердар” салайааччылара, (2 Күүлэт), Иванова Клавдия Филипповна, “Алаас” (Чинэкэ),  Васильева Анна Ильинична, “Дайыы” Кыргыдай),  Афанасьева Галина Михайловна, “Аҕам саас” (Хаҕын),  Андреева Зинаида Дмитриевна, “Чэчир” (Лөкөчөөн).

Махтал суруктарынан: Николаева Марфа Гаврильевна , “Алаас Далбара” (Балаҕаччы),  Чэкэлээн Светлана Мункоевна, “Кийииттэр” (Тылгыны),  Иванова Нина Михайловна, бэтэрээн Сэбиэтэ (Өкүндү), Онопров Петр Прокопьевич, “Аҕалар Сэбиэттэрэ” (2 Күүлэт), Васильева Дария Саввична,  “Стимул” (Бүлүү), Николаева Марфа Прокопьевна, “ Утум ситимэ” (Чочу), Волкова Марфа Степановна, “Утум ситимэ”, Халбаакы), Герасимова Валентина Сергеевна “Чэбдигирии” (Хампа), Борисова Ирина Афанасьевна, “Күбэйэ” (Балаҕаччы), Николаева Людмила Ивановна, “Иис абылаҥа” (Бүлүү), Максимова Наталья Афанасьевна, “Күбэйэ” (Балаҕаччы), Иннокентьева Матрена Иннокентьевна, “Аҕам саас”(Хаҕын).

Бүлүү улууһун депутаттарын оройуоннааҕы Сэбиэтин Бочуотунай Грамотатын бэрэссэдээтэл Гаврил Семенович Корякин Мандарова Анна Васильевнаҕа, “Иэйии” түмсүү салайааччыта (Өкүндү), Николаева Федора Иннокентьевнаҕа, “Утум ситимэ” (Чочу), Григорьева Федосия Афанасьевнаҕа, “Чэчир” (Лөкөчөөн), Осипов Василий Степановичка, “Аҕам саас” (Хаҕын),  Наумова Надежда Дмитриевнаҕа “Дайыы” (Кыргыдай) туттарда.

Саха сирин Общественнай палататын Бочуоттаах Грамотатынан наҕараадаланнылар:

Калачикова Светлана Павловна, “Хозяюшка” түмсүү салайааччыта (Бүлүү),  Семенова Анна Дмитриевна, “Алаас” түмсүү салайааччыта (Чинэкэ), Еремеева Оксана Христофоровна, “Аҕам саас” түмсүү салайааччыта (Хаҕын), Афанасьева Ирина Зиновьевна, “Иис абылаҥа” түмсүү салайааччыта (Бөтүҥ), Унарова Мария Ивановна, “Сарыада” түмсүү салайааччыта (Тыымпы), Сивцева Елена Яковлевна, “Стимул” түмсүү салайааччыта (Бүлүү),  Петрова Зинаида Егоровна, “Утум ситимэ” түмсүү салайааччыта (Чочу),  Васильева Вера Севастьяновна, “ Чэбдигирии” түмсүү салайааччыта (Хампа),  Егорова Наталья Иннокентьевна, “Дьүрүлгэн” түмсүү салайааччыта (Хампа), Мандарова Федосия Алексеевна, Өкүндү нэһилиэгин  бэтэрээнин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Захарова Валентина Афанасьевна, “Дьүөгэ” (1Күүлэт),  Григорьева Виталина Витальевна, “Кийииттэр” түмсүүлэрин салайааччыта (Тылгыны), Гаврильева Римма Викторовна, “Сүүрээн” түмсүү салайааччыта (Лөкөчөөн), Сивцева Надежда Афанасьевна, “Эрэл” тэрилтэ салайааччыта (Бүлүү).

Махтал суруктарынан:

Иванова Ольга Васильевна, “Иис абылаҥа” (Бөтүҥ),  Леонтьева Мария Васильевна  “Сарыада” (Тыымпы),  Иванова Клавдия Филипповна, “Алаас” (Чинэкэ),  Федорова Мария Иннокентьевна, “Элбэх оҕолоохтор” тэрилтэтин салайааччыта, (Бүлүү), Анисимова Надежда Алексеевна, “Ыллык” (Бүлүү), Самсонова Лариса Гаврильевна “Дьүөгэ” (1 Күүлэт).

Бүлүү куорат уһулуччу үлэлээх общественниктарын куорат баһылыга Ян Анатольевич Попов түмсүүлэри, ыалдьыттары эҕэрдэлээн туран, “Бүлүү куорат иннигэр үтүөлэрин иһин” Бэлиэни “Иис абылаҥа” түмсүү салайааччытыгар Сыроватская Сардана Иннокентьевнаҕа (Бүлүү) “За вклад в обучение и воспитание юных вилюйчан” бэлиэни “Ыллык” түмсүү салайааччытын солбуйааччытыгар Софронеева Клавдия Ивановнаҕа  (Бүлүү) туттарда.  Бүлүү куоратын Бочуоттаах Грамотатынан наҕараадаланнылар:   Петрова Татьяна Николаевна, “Хозяюшка” (Бүлүү),  Афанасьева Ольга Александровна, “Эрэл-Надежда” (Бүлүү),  Каратаева Галина Николаевна,  “Оһуор” түмсүү салайааччыта (Бүлүү), Харлампьева Каролина Петровна, Хараҕынан көрбөттөр обществоларын бэрэссэдээтэлэ (Бүлүү).

Махтал суругунан:  Федрова Галина Егоровна, “Элбэх оҕолоохтор” (Бүлүү), Корякина Александра Васильевна, “Элбэх оҕолоохтор” (Бүлүү), Спиридонова Елизавета Дмитриевна, “Ыллык” (Бүлүү),  Петрова Елизавета Филипповна, “Хараҕынан көрбөттөр” (Бүлүү).

Бүлүү улууһун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Сусанна Прокопьевна Семенова, Бөтүҥ нэһилиэгин “Дьүөгэлэр” түмсүү салайааччыта “Кустук өҥүн батыһан” диэн бэйэтэ оҕуруонан оҥорбут  үлэтин, хас биирдии үлэ илин-кэлин кэбиһэрдээх, бастыҥа, бөҕөх, өттүк симэхтээх киэргэллэрин Далбар хотуттар симэнэн киирэн көрдөрдүлэр, кэлбит ыалдьыттары эҕэрдэлээтилэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Ил Түмэн депутата Александр Васильевич Гоголев аатыттан депутат көмөлөһөөччүтэ Мария Ивановна Павлова Дьокуускайтан анаан кэлэн түмсүүлэри эҕэрдэлээтэ уонна наҕараада туттартаата:  Томкая Мария Петровнаҕа, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччытыгар, Николаева Марианна Федоровнаҕа, “Сүүрээн” (Лөкөчөөн),  Филиппова Мария Ильиничнаҕа, “Сарыада” (Тыымпы),  Борисова Мария Прокопьевнаҕа, “Утум ситимэ” (Чочу),  Павлова Антонина Афанасьевнаҕа,  “Дьүрүлгэн” (Хампа), Николаева Альбина Алексеевнаҕа, “ Сүрэхпит баҕатынан” (Баппаҕаайы),  Михайлова Розалия Васильевнаҕа, “Дьүөгэлэр” (Бөтүҥ), Григорьева Саргылана Васильевнаҕа, “Иэйии” (Хаҕын),  Кононова Валентина Михайловнаҕа, “Стимул” (Бүлүү),  Дмитриева Марина Васильевнаҕа , “Айаана”  (2 Күүлэт).

Бүлүү улууһун дьаһалтатын дьыалаларын салайааччыта Клара Валериановна Гаврильева СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияҕа миниистирэ Шамаев Петр Виталиевич наҕараадаларын

«За вклад в развитие волонтерства» диэн бэлиэни  Тааһаҕар нэһилиэгин “Күбэйэ” түмсүүтүн салайааччытыгар Поскачина Акулина Кирилловнаҕа туттарда.

Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадаланнылар: Иванова Ирина Станиславовна, “Күбэйэ” (Балаҕаччы),  Николаева Надежда Дмитриевна “Утум ситимэ” (Халбаакы).

Махтал суруктарынанСидорова Айталина Михайловна, “Сүрэхпит баҕатынан” (Баппаҕаайы), Непомнящая Виктория Иосифовна, “Чэбдигирии” (Хампа).

Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьахталларын Сүбэтин Бочуотунай Грамотатын Бурнашева Августина Егоровнаҕа, “Алаас” (Чинэкэ), Кудайбердиева Аксинья Андреевнаҕа, “Оһуор”(Бүлүү), Семенова Татьяна Ильиничнаҕа,  “Дайыы” (Кыргыдай),  Власьева Светлана Степановнаҕа, “Чараҥ” (Хаҕын), Корякина Мария Федотовнаҕа, “Сүүрээн” (Лөкөчөөн),  Протопопова Елена Дмитриевнаҕа, “Оһуор” (Бүлүү),  Варфоломеева Розалия Васильевнаҕа,  “Утум ситимэ” (Чочу), Капитонова Евдокия Егоровнаҕа, “Чэбдигирии” (Хампа),  Потапова Мария Петровнаҕа,  “Дьүрүлгэн” (Хампа),  Харлампьева Вероника Владимировнаҕа, “Сүрэхпит баҕатынан” (Баппаҕаайы), Томская Сардана Петровнаҕа, “Элбэх оҕолоохтор” (Бүлүү), Гоголева Галина Алексеевнаҕа, Чочу нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр,  туттарда.
Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Фёдор Федорович Николаев  «Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ» лиэнтэни Бөкчөҥөө нэһилиэгин “Дьүөгэлэр” түмсүү чилиэнигэр Петрова Светлана Ильиничнаҕа, Үгүлээт нэһилиэгин “Күбэйэ” түмсүүтүн салайааччытыгар Афанасьева Парасковья Дмитриевнаҕа кэтэртэ уонна бэлиэлэри туттарда. Бэтэрээн Сэбиэтин Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаланнылар: Мандаров Терентий Яковлевичк “Аҕам саас” (Хаҕын), Григорьев Алексей Дмитриевич “Аҕам саас” (Хаҕын),  Кузьмина Светлана Николаевна, (Өкүндү), Семенова Евдокия Николаевна, “Чэбдигирии” (Хампа), Буслаева Мария Михайловна, бэтэрээн Сэбиэтэ (Чочу).
Бүлүү улууһун култууратын сайдыытын уонна норуот айымньытын оройуоннааҕы Киинин салайааччыта Алена Александровна Дашевская общественнай түмсүүлэр улууска култуура сайдыытыгар төһүү күүс буолалларын бэлиэтээн эҕэрдэлээтэ, махтанан туран наҕараадалары туттартаата: “За вклад в развитие культуры Вилюйского улуса” диэн бэлиэни Кыргыдай нэһилиэгин “Дайыы” түмсүүтүн салайааччытыгар Наумова Елизавета Константиновнаҕа, Бүлүү куоратын “Алаһа” түмсүү ытык-мааны кыттыылааҕар Мыреева Мария Прокопьевнаҕа туттарда.

Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадаланнылар: Николаева Евдокия Егоровна, “Сүрэхпит баҕатынан” (Баппаҕаайы), Яковлева Надежда Дмитриевна, “Утум ситимэ” түмсүү салайааччыта Халбаакы), Алексеева Галина Николаевна, бэтэрээн Сэбиэтэ (Чочу), Васильева Елизавета Анатольевна, “Утум” (Хаҕын), Григорьев Тимофей Кириллович, “Аҕам саас” (Хаҕын).

Кэлбит ыалдьыттары “Кэрэчээн хатыҥчааннар” үҥкүүнэн бэлэх ууннулар Кыргыдай нэһилиэгин “Дайыы” түмсүүтүн үҥкүүһүттэрэ.

Алаһа түмсүү 25, “Күбэйэ” түмсүү 15, “Дьүөгэ” түмсүү 10 сылларынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи  “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ Бүлүүтээҕи салаатын дириэктэрэ Мария Петровна Томская истиҥник эҕэрдэлээтэ, хас биирдиилэригэр  сэмэй бэлэхтэрин, эҕэрдэ суруктары туттартаата.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи  “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Мария Николаевна Христофорова уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ Бүлүүтээҕи салаатын дириэктэрэ Мария Петровна Томская Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаланннылар: Бүлүү куоратыттан Алексеева  Екатерина  Герасимовна, «Алаһа» түмсүү салайааччыта, Анемподистова Роза  Иннокентьевна, Петрова  Ефросинья Дмитриевна, Романова Мария Давыдовна, Данилова  Мария Николаевна, Михайлова  Зоя  Николаевна, Прокопьева  Мария  Дмитриевна, Мыреева  Мария  Прокопьевна, Капитонова Анастасия  Федотовна, Николаева  Антонина  Иннокентьевна, Прокопьева  Лариса  Андриановна, Павлова Светлана Филипповна.
Үгүлээт нэһилиэгиттэн Афанасьева Парасковья Дмитриевна, «Күбэйэ» түмсүү салайааччыта, Кузнецова Лидия Фёдоровна, Кузнецова Лидия Николаевна, Маисова Елизавета Елисеевна, Томская Парасковья Прокопьевна, Прокопьева Варвара Алексеевна, Спиридонова Мария Алексеевна, Фёдорова Мавра Степановна, Петрова Екатерина Николаевна. 1 Күүлэт нэһилиэгиттэн Иванова  Оксана  Мартыновна, «Дьүөгэ» түмсүү сайайааччыта, Тимофеева  Мавра Ивановна, Захарова Ваоентина Афанасьевна, Григорьева Валентина Васильевна, Гурьева Дария Дмитриевна, Иванова Лидия Петровна, Софронеева  Татьяна Даниловна, Софронова Клара Петровна, Семенова Анна Васильевна, Григорьева Ирина Титовна, Филиппова Ульяна Михайловна, Самсонова Лариса Гаврильевна, Алексеева Лидия Егоровна.

2023 сыл түмүгүнэн Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэригэр сыл бастыҥнарын бэлиэтиир үөрүүлээх, долгутуулаах сиэрэ-туома тиийэн кэллэ.

Бу аныгы үйэ дьоруойдарын кэмигэр сыаналыырга, дьон олоҕор суолталаах быһыыны-майгыны оҥорбут үтүө санаалаах уопсастыбаннай түмсүүлэри, волонтердары, Бүлүүбүт улууһун сайдыытыгар боччумнаах кылааттарын киллэрбит, бэйэлэрин сыһыаннарынан, көрүүлэринэн, холобурдарынан, өйдөрүнэн-санааларынан дьоҥҥо-сэргэҕэ төһүү күүс, үтүө холобур буолбут биир дойдулаахтарбытын чиэстиир үөрүүлээх түгэн буолар.

Бүлүү улууһун дьаһалтатын дьыалаларын салайааччы Клара Валериановна Гаврильева улуус үс бастыҥ түмсүүлэригэр анал ааттары уонна сертификаттары туттартаата.

«ҮРҮҤ КӨМҮС ВОЛОНТЕРДАР”  Чочу нэһилиэгин “Утум ситимэ” түмсүү салайааччытыгар Петрова Зинаида Егоровнаҕа 7 тыһыынчалаах сертификаты уонна анал бэлиэни туттарда. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Евсеева Надежда Павловна түмсүүлэрин ситиһиилэринэн эҕэрдэлээтэ уонна Махтал суруктары туттартаата.

“АМАРАХ САНААЛААХ ТҮМСҮҮ” Арыылаах нэһилиэгин “Чэбдигирии” түмсүүгэ, салайааччы Вера Севастьяновна Васильеваҕа 8 тыһыынчалаах сертификаты уонна анал бэлиэни туттарда. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Савва Петрович Иванов “Чэбдигирии”, “Дьүрүлгэн” түмсүүлэри эҕэрдэлээтэ уонна Махтал суруктары туттартаата.

“СЫЛ БАСТЫҤ ТҮМСҮҮТЭ” Баппаҕаайы нэһилиэгин “Сүрэхпит баҕатынан” түмсүүгэ, салайааччы Ирина Николаевна Жирковаҕа 10 тыһыынчалаах сертификаты уонна анал бэлиэни туттарда. Нэһилиэк баһылыга Егор Афанасьевич Николаев түмсүүлэрин үрдүк наҕараадаларынан эҕэрдэлээн туран, Махтал суруктары туттартаата.

Бүлүү куоратын баһылыга Ян Анатольевич Попов уопсастыбаннай түмсүүлэр ыытар үлэлэрэ улуус, куорат культурнай да, уопсастыбаннай да олоҕор  улахан оруоллаахтарын, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө оҥорууга күүстээхтик үлэлэһэ сылдьалларынан махтанна Бүлүү куоратын үс бастыҥ түмсүүтүгэр анал ааттары уонна сертификаттары туттартаата.

“ҮРҮҤ КӨМҮС ВОЛОНТЕРДАР” анал аат Бүлүү куоратын “Оһуор” түмсүүтэ, буолла, салайааччы Каратаева Галина Николаевна, түмсүүгэ 7 тыһыынчалаах сертификаты уонна анал бэлиэни туттарда.

“АМАРАХ САНААЛААХ ТҮМСҮҮ” анал ааты  “Алаһа” түмсүүгэ, 8 тыһыынчалаах сертификаты уонна анал бэлиэни салайааччы Екатерина Герасимовна Алексееваҕа туттарда.

“СЫЛ БАСТЫҤ ТҮМСҮҮТЭ” анал аат “Ыллык” түмсүүгэ ананна, 10 тыһыынчалаах сертификаты уонна анал бэлиэни салайааччы солбуйааччытыгар Клавдия Ивановна Софронееваҕа туттарда.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ аатыттан үс бастыҥ түмсүүлэргэ анал  ааттары Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин  салайааччыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ Бүлүүтээҕи салаатын дириэктэрэ Мария Петровна Томская туттарда:

“ҮРҮҤ КӨМҮС ВОЛОНТЕРДАР” Бастакы Күүлэт нэһилиэгин “Дьүөгэ” түмсүүтэ, салайааччы Иванова Оксана Мартыновнаҕа 7000 солк. уонна анал бэлиэни туттарда

“АМАРАХ САНААЛААХ ТҮМСҮҮ” Үгүлээт нэһилиэгин “Күбэйэ” түмсүүтэ, салайааччы Афанасьева Парасковья Дмитриевнаҕа 8000 солк. уонна анал бэлиэни туттарда. Нэһилиэк баһылыга  Октябрь Иванович Лукин түмсүүлэри эҕэрдэлээтэ, “Күбэйэ” түмсүү Далбардарыгар сибэкки дьөрбөтүн туттартаата.

“СЫЛ БАСТЫҤ ТҮМСҮҮТЭ” Тааһаҕар нэһилиэгин “Күбэйэ” түмсүүтэ, салайааччы Поскачина Акулина Кирилловнаҕа 10 000 солк. уонна анал бэлиэни туттарда.  Нэһилиэк баһылыга Семен Самуилович Каратаев  нэһилиэгин “Күбэйэ” түмсүүтүн кыайыыларынан эҕэрдэлээтэ, Махтал сурук, сэмэй бэлэхтэри туттартаата.

“Биир ньыгыл Арассыыйа партия” Бүлүүтээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Павел Павлович Иннокентьев Бүлүү улууһун түмсүүлэрин эҕэрдэлээн туран, түмсүү салайааччыларыгар барыларыгар Махтал суруктары туттарда.

Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Прокопьев Альберт Иванович “За вклад в социально-экономическое развитие Бекчегинского наслега”диэн бэлиэни “Иис абылаҥа” түмсүү салайааччытыгар Ирина Зиновьевна Афанасьеваҕа  уонна нэһилиэгин түмсүүлэрин Далбардарыгар барыларыгар Махтал сурук, Бөтүҥ нэһилиэгин өйдөбүнньүк бэлиэтин туттарда. Бүлүү улууһугар 11-с төгүлүн ыытыллар уопсастыбаннай түмсүүлэр сылы түмүктүүр  тэрээһиннэрин Кристина Буслаева, Надежда Корякина иилээн-саҕалаан үрдүк таһымнаахтык ыыттылар.

Уопсастыбаннай түмсүүлэр сылы түмүктүүр тэрээһиннэрин тэрийсибит уонна көмөлөспүт улууспут баһылыгар Сергей Николаевич Винокуровка, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччытыгар Иван Иванович Евсеевкэ,  Бүлүү улууһун депутаттарын оройуоннааҕы Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр Гаврил Семенович Корякиҥҥа, улуус дьаһалтатын дьыалаларын салайааччы Клара Валериановна Гаврильеваҕа, Бүлүү куоратын баһылыгар Ян Анатольевич Поповка, баһылык солбуйааччытыгар Николай Варламович Ивановка, улуус дьаһалтатын социальнай уонна эдэр ыччат политикатын отделын салайааччытыгар Елена Николаевна Федороваҕа, улуус дьаһалтатын социальнай уонна эдэр ыччат политикатын отделын сүрүннүүр исписэлиистэригэр Нюргуяна Николаевна Кондаковаҕа, Анна Васильевна Лущевскаяҕа, улуус дьаһалтатын үлэ харыстабылын кылаабынай исписэлииһигэр Сардана Алексеевна Павловаҕа, оройуоннааҕы култуура уонна норуот айымньытын сайдыытын Киинин салайааччытыгар Алена Александровна Дашевскаяҕа, специалистарыгар Ольга Васильевна Павловаҕа, Кристина Николаевна Буслаеваҕа, Надежда Юрьевна Корякинаҕа, Иванов Александрга уонна үлэһиттэригэр, Ил Түмэн депутатыгар Александр Васильевич Гоголевка, депутат көмөлөһөөччүтүгэр Мария Ивановна Павловаҕа, саха эмчитэ Федот Петрович Ивановка, “Алаһа” түмсүү салайааччытыгар Екатерина Герасимовна Алексееваҕа, тэрээһиммитин ырыанан, үҥкүүнэн, уран тарбахтарынан оҥорбут оҥоһуктарынан киэргэппит түмсүүлэргэ, ырыаһыт Иннокентий Васильев — Лэгэнтэйгэ барҕа махталбын тириэрдэбин.

Эһиэхэ барыгытыгар күн сирин бары үтүөтүн, кэрэтин баҕарабын, дьиэ кэргэттэргитигэр иллээх олоҕу, хаһан да ыарыы ылласпатын, доруобай, дьоллоох-саргылаах буолуҥ, санаабыт санааҕыт туола турдун, чөл туруктаныҥ, кыайыы-ситиһии арыаллаатын! Өссө да инникитин улахан тэрээһиннэри бииргэ иилээн-саҕалаан тэрийиэхпит, ыытыахпыт! Хаһан да сахалыы сайаҕас, аһыныгас санааҕыт самныбатын диэн алҕаатаҕым буоллун…

Бу сайын Бүлүүбүт куоратын 390 сылыгар аналлаах ыһыахпыт үрдүк таһымнаахтык ыытылларыгар Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрэ төһүү күүс буолуохтара диэн эрэнэбин.

Мария Томская,

Бүлүү куоратын бочуоттаах олохтооҕо, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта,өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ Бүлүүтээҕи салаатын дириэктэрэ.

 

 

Читайте дальше