Алтынньы 4 күнүгэр Бастакы Тоҕус нэһилиэгин И.А.Боронов аатынан «Ырыа түһүлгэтэ» култуура киинигэр нэһилиэк историятыгар киирэр үтүө күн тосхойдо. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ 40 нэһилиэктэригэр, ол иһигэр Бүлүү улууһугар икки нэһилиэккэ – Арыылаахха уонна биһиэхэ,Саха сиригэр оҥоһуллубут «Экстра Синема» дойдутааҕы кинопрокат ситимин инновационнай биир улахан ситимэ «Ырыа түһүлгэтэ» култуура киинигэр туруоруллан үөрүүлээх арыллыыта буолла.
«Тымпы синема» диэн ааттаах саҥа саалаланныбыт. Нэһилиэк баһылыга Акимар Акимович Михайлов бу үөрүүлээх, историческай суолталаах тэрээһиҥҥэ мустубут дьону-сэргэни бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ.
Ол кэннэ саҥа проектордаах бастакы киинэ саалатын аалай кыһыл лиэнтэтин баһылык Акимар Михайлов, «Ырыа түһүлгэтэ» култуура киинин дириэктэрэ Дарима Федорова уонна култуура киинин бэтэрээнэ, үлэһитэ Иван Константинов үөрүүлээх быһыыга-майгыга быстылар.
Акимар Акимович дистационнай салайыы кнопкатын баттаан, саҥа кэм экранын дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан түһэрдэ.
Бу күн бүтүн Саха өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн арыллар 40 «ЭкстраСинема» саалалар үөрүүлээх түгэннэринэн Ил Дархан Айсен Николаев видеоконференция нөҥүө эҕэрдэлээтэ.
Көрөөччүлэр аан бастакынан саҥа «Тымпы Cинема” киинэ саалыгар «Золотой ворон” аан дойдутааҕы киинэ фестивалын Гран-при хаһаайына Михаил Лукачевскай “Кыталыктаах кырдалым” киинэни босхо көрдүлэр.
Бу курдук нэһилиэк саҥа үйэни кытта бииргэ хардыылыыр, күн бүгүҥҥүттэн аныгы үйэ саҥа цифровой технологиятынан көрөөччүлэр дойдуга тахсар саҥа киинэлэри көрөн билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатыахтара, сайдыахтара.
Турбут киинэ проектордара биир кэлим автоматизированнай систиэмэҕэ уонна Пушкинскай каартаҕа холбонуохтара.
Саха ыччата оҥорбут саҥа бырайыактара сайда-үүнэ, дьон-сэргэ махталын ыла турдун.
Виктор Боронов, И.А.Боронов аатынан «Ырыа түһүлгэтэ» култуура киинин уус-уран салайааччыта.