Удьуор утума салҕана турдун

Бүлүү к. төрүт олохтоохторо Сергеевтэр тустарынан сиэннэрэ истиҥник-иһирэхтик ахталлар

Киһи сааһыран истэҕин аайы оҕо саас ыллыгын утахтара сырдык өйдөбүл буолан кэрэһэлии көстөн ааһаллар. Урукку кэмнэри даҕатан аастахха, эһэбит Сергеев Алексей Михайлович эдэр сааһыгар ОГПУ-га сулууспалаабытын истибиттээхпин, ону ол кэмнээҕи хаартыскатын күлүгэ туоһулуур.
Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ Үөһээ Бүлүүгэ, сэрии кэмигэр Үөһээ Бүлүү уонна Эдьигээн оройуоннарыгар Коммунистическай баартыйа райкомнарын бастакы сэкэритээринэн үлэлээбитэ. Сэрии кэнниттэн дойдутугар Бүлүүгэ көһөн кэлэн, бастаан райкомҥа үлэлиир, онтон электростанция начальнигынан аныыллар. Олоҕун тухары бас-көс дуоһунастарга сылдьыбыт.
Эһэбин Алексей Михайловиһи бэйэм оҕо харахпынан өйдөөн көрөрбүнэн: сытыы-сыыдам, түргэн туттуу­лаах-хаптыылаах, кэлэр-барар, киирэр-тахсар киһи этэ. Куу­дара баттахтаах, көбүс-көнө уҥуохтаах, сырдык хааннаах, кытаанах харахтердаах киһи диэн өйдүүбүн. Дьиэлэрин тэлгэһэлэрэ киэҥ-куоҥ этэ. Техника дэлэйэ: ГАЗ-ик массыына, мотоцикл, мопедтар, икки оҥочоттон биирэ мотуор­даах улахан мас оҥочо. Тиэр­гэн иһигэр элбэх тутуулар бааллара: хотон, улахан булуус­таах ампаар. Оҕуруот аһын үүннэрэллэрэ, сүөһү иитэллэрэ. Эбэм сайыҥҥы ас астыыр куукунаҕа буһарбыт күөһүн,  минньигэс алаадьытын сыта бу баарга дылы! Эһэбит оҕолору, сиэннэри мэлдьи сайыҥҥы от үлэтигэр илдьэ сылдьара. Ыраах мотуорканан айанныырбыт: Үөһээ Бүлүү хайысхатынан уонна Хотун Бүлүү эбэ Кыһыл Сыыр кытылын диэки. Ол быыһыгар оҕонньор илим үтэрэ уонна харчааҕатын көрөрө, онтукатын бэрийэн бүппүтүн кэннэ мунду, собо күөстэнэн аһыырбыт. Ону сэргэ айылҕа биэрбит минньигэс астарын: хаптаҕаһы, моонньоҕону, отону хомуйарбыт. Күһүөрү атырдьах ыйын саҕана сыа балыкка сылдьарбыт. Бүлүү Эбэ уутунан утах ханнаран, айылҕабыт барахсан сирин аһыттан аһаан-сиэн олордохпут эбээт!
Уонна биири өйдөөн кэллим: эһэбит Алексей Михайлович Сталин төбөлөөх икки мэтээл­лэринэн киэн туттара. Үтүө, сырдык санаанан эбэлээх эһэбитин саныыбыт, кинилэр олохтоох сүбэлэрэ-такайыылара, сырдык суоллара бу олоххо өрүү көмө-туһа буола сырыттахтара! Кэнэҕэски көлүөнэ удьуорун утума салҕана туруохтун! Эһэбит Сергеев Алексей Михайлович туйаҕын хатарар эдэр көлүөнэ сыдьааннара үүнэ-сайда, тэнийэ туруохтара турдаҕа, — диэн Алексей Михайлович сиэнэ Уйбаныап Ньукулай – Хоро Холлой ахтыытын кытта билсэн баран, кини өссө биир сиэнин, РСФСР уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Е.Д. Сергеева­лыын кэпсэтэргэ сананным.

* * *
— Елена Диасовна, баһаалыста, итиннэ тугу эмит ситэрэн кэпсиирдээх буолаайаҕын?
— Мин эдьиийим Августина Алексеевна уола Николай эһэбит туһунан олус үчүгэй ахтыытыгар эбэрим бу курдук.
Оҕо саас диэн миэхэ — эһээ, эбээ, кырдьаҕас Бүлүү куората. Ыраас, ыллыыр кумахтаах Бүлүү өрүс. Ленин уонна Октябрьскай уулуссалар муннуктара, эбэлээх эһэм дьиэлэригэр палисадник иһигэр үүнэн турар баараҕай хатыҥнар уонна хаптаҕас уктара.
Биһиги аҕабыт дьиэтин эһэлээх эбээ тиэргэннэригэр ыаллыы туттубута, онон биһиги оҕо сааспыт икки дьиэнэн аас­пыта.
Мотрена Афанасьевна уонна Алексей Михайлович Сергеев­тэр дьиэ кэргэттэрэ — төрүт Бүлүү куорат олохтоохторо. Кинилэр сэттэ оҕолоох ыал этилэр. Улахан кыыстара Авгус­тина, онтон Люция, Ким, Диас, Рева, Александр уонна кыра кыыстара Светлана. Светлана Алексеев­на билигин дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка олохсуйан олорор.
Биһиги аҕабыт Диас Алексеевич — ыал орто уола. Үрдүк үөрэҕи Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институ­тугар ылбыта. Өр сылларга Бүлүү улууһун тыатын хаһаа­йыстыбатыгар сыралаахтык үлэлээбитэ, олох эдэр сылдьан “РСФСР үтүөлээх зоотехнига” үрдүк ааты ылбыта.
Ийэбит Муза Васильевна — педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Бүлүү куоратын 2 №-дээх оскуо­латыгар физика учууталынан үлэлээн, элбэх оҕону билиигэ угуйбута.
Эһэбит Алексей Михайлович үрдүкү салайар үлэҕэ сылдьыбыта. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн ВКП (б) РК бастакы сэкэритээринэн үлэлээбит. Билигин санаан көрдөххө, эһэбит кырдьык да олус эппиэттээх дуоһунастарга үлэлээбит эбит. Сэрии кэнниттэн дойдутугар кэлэн бастаан райкомҥа инструкторынан үлэлиир, салҕыы Бүлүү куоратыгар электростанция салайааччытынан үлэҕэ ананан, Алексей Михайлович туох баар билиитин-көрүүтүн, сатабылын көрдөрбүтэ, производствоҕа дьону сөпкө аттаран туруоран, сотору оройуоҥҥа бастыҥ үлэлээх тэрилтэ буолбута.
Эһэбит үрдүк чынаҕар уҥуохтаах, мэлдьи Сталин курдук киитэллээх, хара хоруо­мабай саппыкы­лаах буо­лааччы. Салайар үлэҕэ сылдьыбыт буолан, олус ирдэбиллээх, кытаа­нах майгылаах киһи этэ. Мин санаабар, кини бэриниилээх хомуньуус буолан, оҕолоругар да онно сөп түбэһэр ааттары биэртэлээбитэ. Холобура, Рева+Люция. Биһиги аҕабыт күн сирин көрбүтүгэр тылдьыттан көрөн, Мексика биллии­лээх хомуньууһун аатын биэрбит. Онон аҕам Диас диэн ааттаммыт.
— Елена Диасовна, ити билигин санаан аастыҥ дии: Ленин уонна Октябрьскай уулуссалар муннуктарыгар турбут эһэлээх эбэҥ дьиэлэрин. Оччотооҕу кэмҥэ, кырдьык, элбэх түннүктэрдээх, ставнялаах кырата суох бэрт сэргэх дьиэ этэ.
— Оннук, өссө тиэргэнэ турдаҕа дии! Ыаллыы олорооччу оҕолор бары да кэриэтэ мустан оонньуурбут: Ивановтар, Софронеевтар, Поповтар. Бэйэлэрэ элбэх оҕолоох буолан эһэлээх эбэм биһиги доҕотторбутугар үчүгэй сыһыаннаахтара. Дьонум олус үчүгэй, баай библиотекалаах этилэр. Биир улахан хос истиэнэтэ толору араас кинигэ этэ. Араҕас өҥнөөх «Всемирная энциклопедия» томнара бары толору бааллара. Уонна хос ортотугар мас буочукаҕа олус улахан пальма мас үүнэн турара. Уолаттар бары байааҥҥа оонньууллара. Ордук Ким уонна биһиги аҕабыт араас музыканы таһаараллара.
Оччолорго Бүлүү куорат олохтоохторо элбэх ыал сүөһү ту­таллара. Эһэлээх эбэм оҕо­лорунаан ынах, сибиинньэ ииттэр этилэр. Сайын аайы от оттуу өрүс кытылыгар киирэллэрэ.
— Эбэҥ Мотрёна Афанасьевна туһунан тугу сырдатыаҥ этэй? Куорат аҕа саастаах олохтоох­торо кини туһунан билбэттэр эбит.
— Эбэбит Мотуруона элбэх саҥата суох, олус ыраас туттуулаах, сымнаҕас майгы­лаах дьахтар этэ. Дьонум кэпсииллэринэн, кини Тааһаҕартан төрүттээх эбит. Эбэбит олус кэрэ сэбэрэлээх. Үчүгэй дьиэ хаһаайката этэ, асчыт киэнэ маа­ныта, кини олус бэркэ бурдук аһын астыыра. Хайа, уонна сэттэ оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн, олох суолугар таһаарбыт саха Далбар Хотуна буоллаҕа дии, биһиги тапталлаах эбэбит. Билигин санаатахха, кини эһэбитигэр эрэллээх тыыл эбит.
Оттон эһэбититтэн биһиги — сиэннэр толлор, олус убаас­тыыр, тылын истэр этибит. Кини булчут, балыксыт ааттааҕа этэ. Өрүскэ мотуорканан баран, сыа балыктаан кэлэллэрин күүтэрбитин билиҥҥэ диэри саныыбын. Бултаатахтарына, балыктаатахтарына чугас ыалларынаан ылса-бэрсэ, бэрт иллээхтик олороллоро.
Олох кыра сылдьан, эһэ­биттэн кыратык таһыллан турардаахпын. Ол бириэмэҕэ би­һиги 16 квартира­лаах уоп­сай дьиэҕэ олорорбут. Төрөппүттэрбит: «Киинэҕэ бардыбыт, кэлэн ылыахпыт», — диэн баран, эдьиийбин Альбинаны, бырааппын Сашаны кытта эһээлээхпитигэр хааллардылар. Киэһэ кэлбэтилэр, биһиги хоно хаалар буоллубут. Эдьиийдээх быраатым биир тыла суох утуйан хааллылар, мин дьоммун күүтэн, ытаан марылааһын, тохтуур аат суох. Эһэм тулуйа сатаан баран, биирдэ курунан охсубута (биллэн турар, ыарыы­та суох). Дьэ, оннук үөрэтэн турар бэрээдэккэ. Онтон ыла кинилэргэ хоно хааларбар ытаа­бат буолбутум.
Эһэлээх эбэбитин олус сылаас­тык, истиҥник саныыбыт, ахтабыт. Хомойуох иһин, биһиги оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына күн сириттэн туораабыттара. Ол эрэн, олох салҕанан баран иһэр. Билигин кинилэр элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр. Мин улахан сиэним хос эһэтин аатын сүгэр — Сергеев Диас, физико-техничес­кэй лицей үөрэнээччитэ. Онон ситим быстыбат.

— Елена Диасовна, эйигин, Бүлүү куорат төрүт олох­тоох кыыһын, талаан­наах артыысканы куораппыт 390 сылынан эҕэрдэлиибин, айар үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын. Биһиги, бүлүүлэр, маннык ыччаттардаахпытынан киэн туттабыт.
Галина Иванова.