Улуустааҕы көмө оҥорор пуун госпитальга эмтэнэр биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр

2022 сылга анал байыаннай эпэрээсийэ саҕаланыаҕыттан Бүлүү улууһун анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥорор пууна хас да хайысханан иккис сылбытын үлэлии сылдьабыт.

Бастакы хайысхабыт — иис­тэнии, тигэр таҥастарбыт, малларбыт:
1. Дьыл кэминэн көрөн сөп түбэһэр таҥаһы, камуфляжнай халыҥ, чараас, плащевай, флисовай көстүүмнэри, кууркалары, сэлиэнчиктэри, толстовкалары тигэбит;
2. Трикотажнай, флисовай матырыйаалтан балаклава, бэргэһэ, үтүлүк;
3. Ардахтан харыстанар пончалары;
4. Сахалыы кэтинчэлэри, кээн­чэлэри;
5. Ардахха илийбэт матырыйаалтан үс гына хомуллар, иһигэр халыҥ пенофоллаах, курдаах олбоҕу;
6. Уолаттарбыт барахсаттар сиргэ сыталларыгар сылаас буоллун диэн 1,5 сантиметр халыҥнаах пенофол истээх, 2 метр уһуннаах, 60-65 сантиметр кэтиттээх плащевай матыры­йаалтан ковриктары;
7. Саа стволун ардахтан, бадараантан харыстыыр чехоллары;
8. Харысхал угуллар мөһөөч­чүктэрин;
9. Биэрэн ыытар таҥас­тарбытын, малларбытын угарбытыгар анаан вещмешоктары тигэттиибит.
Иккис хайысхабыт — араас оҥоһуктары оҥоруу, эмтээх оттору, ыраастыыр күүстээх үүнээйилэри хомуйуу:
1. Сиэлтэн араас харысхаллары;
2. Сиэлтэн угунньалары валяниелаан, өрөн оҥоруу;
3. Кыра дэйбиирдэри;
4. Блендажнай чүмэчилэри;
5. Уһуннук умайар испиискэлэри;
6. Армейскай душтары;
Саха сирин эмтээх отторун, ыраастыыр күүстээх үүнээйилэрин хомуйан хатаран бэлэмнээн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга ыытабыт.
Үһүс хайысхабыт-өстөөх хараҕыттан, дронтан харыс­танар сеткалары өрүү, бу туһунан “Олох суола” хаһыат аныгыскы нүөмэригэр сиһилии билиһиннэриэхпит.

Бүгүн мин төрдүс хайысхабыт туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Быйылгыттан госпитальга көмөлөһөн эрэбит. Госпиталь үлэһиттэрин үлэтин чэпчэтэр наадатыгар уонна бааһырбыт байыастарбыт бэрэбээскилэнэллэригэр, укуолланалларыгар таҥастарын устарга, кэтэргэ эрэйдэммэтиннэр диэн, ойоҕосторун сиигин оннугар липучканан туттарыллар ыстааннары, ис таҥастары, тигэбит. Ону таһынан атахтарын, илиилэрин эчэппиттэргэ көмө буоллун диэн валиктары, бубликтары, косточкалары, сыттыктары, копчиктарын анныгар угуллар ортотунан хайаҕастаах, иһигэр халофайбер симиллибит сыттыктарын тигэр буоллубут.

Косточка, бублик, валик уонна кыра сыттык иһигэр таҥаһы 1 сантиметр гына кырыйан иһигэр угабыт, биир кос­точка, бублик, валик, сыттык иһигэр наһаа элбэх кырыллыбыт таҥас симиллэр эбит. Күн аайы, сорох нэдиэлэҕэ өрөбүлэ суох пуун үлэһиттэрэ, “Алаһа” түмсүү эбээлэрэ, “ Алмазик” уһуйаан үлэһиттэрэ бэйэлэрэ матырыйаалларын аҕалан кырыйаллар. Онтон “Ыллык” түмсүүттэн Павлина Даниловна, Урана Григорьевна көмөҕө кэлэ сылдьыбыттара. Бу кырыллыбыт бэлэм матырыйаалы 1 Күүлэттэн “Дьүөгэ” түмсүү салайааччытын солбуйааччы Валентина Афанасьевна Захарова уонна көмө оҥорор пуун сала­йааччыта Мария Петровна Томская тикпит косточка, бублик, валик, сыттык чехолларыгар угаттыыллар.
Бу икки сыл устата биһиги Дьокуускай куоракка баар “Якутия с тобой” диэн Саха сириттэн анал байыаннай дьайыы­га кытта сылдьар дьоннорбутугар барыларыгар көмөлөһөр өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаабы кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Кинилэр нөҥүө бэйэбит уолаттарбытыгар, Сахабыт сириттэн сылдьар дьоннорбутугар баһыылкалары ыыта­лыыбыт. Госпитальга анаан оҥоһуллубут маллары-саллары Москва куоракка Саха сирин Постпредствотын иһинэн үлэлиир байыаннай сулууспалаахтары суһаллык өйөөһүн сулууспатын салайааччытыгар Лена Афанасьевна Алексееваҕа балаҕан ыйын 25 күнүгэр Дьокуускай куораттан ыытабыт.
Улуустааҕы көмө оҥорор пуун үлэһиттэрин аатыттан анал байыаннай дьайыыга көмөлөһөр улууспут уопсастыбаннай түмсүүлэригэр, олохтоохторугар Ирина Васильевна, Иван Афанасье­вич Волковтарга, Иванова Галина Васильевнаҕа, Харлампьева Мария Ивановнаҕа, Васильева Мария Михайловнаҕа, Михайлова Зоя Николаевнаҕа, Михайлова Мария Николаевнаҕа, Елена Дмитриевна, Юрий Нифонтович Протопоповтарга, Батюшкина Мария Гаврильевнаҕа, Атласова Вера Иннокентьевнаҕа, Сыромятникова Мария Ефимовнаҕа, Каратаева Галина Николаевнаҕа, Павлова Светлана Филипповнаҕа, Иванова Павлина Даниловнаҕа, Томская Урана Григорьевнаҕа, “Алмазик” уһуйаан салайааччытыгар Мария Кимовна Прокопьеваҕа, үлэһиттэригэр Павлова Мария Тимофеевнаҕа, Яковлева Наталья Афанасьевнаҕа, Прокопьева Вероника Евгеньевнаҕа, Боятанова Анна Петровнаҕа, Бубякина Мария Петровнаҕа, Дьокуускай куоракка баар «Ажура» маҕаһыын дириэктэригэр, ИП Семенова Саргылана Николаевнаҕа халофайбер уонна габардин матырыйаалы, Соколова Жанна Реворьевнаҕа тигэр матырыйаалбытын спонсордаабыттарыгар улахан махталбытын тириэрдэбит. Инникитин да маннык күүс-көмө буола туруҥ диэн баҕа санаабытын этэбит.
Уолаттарбыт кыайыы көтөл­лөөх эргиллэллэрин туһугар биһиги тыылга сылдьар уопсастыбаннай түмсүүлэр, улуус олохтоохторо күүспүтүн харыстаабакка кинилэргэ көмөлөһөргө дьулуһабыт. Уолаттарбыт бу маннык биир дойдулаахтарын көмөлөрүн тутан, дойдуларын сонунун истэн, санаалара бөҕөргөөтүн, күүстэригэр күүс эбиллэн, этэҥҥэ эрэ буоллуннар!
Бу курдук, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрэ, тэрилтэлэрэ, улууспут олохтоохторо бары биир санаанан, сомоҕолоһон, Кыайыы чугаһыырыгар сэмэй кылааппытын киллэрэ туруоххайыҥ.

Мария Томская, Бүлүү куоратын бочуоттаах олохтооҕо, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин уонна СВО-ҕа көмө оҥорор пуун салайааччыта.

Читайте дальше