Бүлүүбүт куоратыгар, нэһилиэктэригэр төрөөбүт дойдуну, олох араас көстүүтүн: кэрэтин, күндүтүн, мөкүтүн, сырдыгын, хараҥатын чугастык ылынан, сурукка тиһэр иэйэр куттаах, айар дьоҕурдаах дьон элбэхтэр.
Кинилэр биһиги ортобутугар саха дьонун сиэринэн сэмэйдик үлэлии-хамсыы, күннэтэ түбүгүрэ сылдьаллар. Арай хам-түм, ардыгар начаас, иэйии куустаҕына, санаа баттаатаҕына, хомоҕой тыллары сааһылаан айымньы маанытын айаллар. Оҕолуу уйаннар, кыраттан үөрэллэр, сэгэйэ түһэллэр, ардыгар хомойон, курус тыыннаах тыллары хоһооҥҥо тиһэллэр.
Бүлүү хоһоонньуттара бэйэ-бэйэлэриттэн төһө да ыраах сырытталлар, өссө 2018 сыл муус устар 4 күнүттэн сырдыгынан сыдьаайар «Сарыал» диэн ааттаах ватсап бөлөх тэринэн куйаар ситиминэн билсэллэр эбит. Бу манна уран тылы умсугуйан, айар үлэ аргыстаспыт 36 араас идэлээх, олоххо көрүүлээх саамай көхтөөх дьон киирбиттэрэ чуолкай. Кинилэр бөлөхтөрүгэр айымньыларын хардарыта ыытыһан, күннээҕи сонуннарын, ситиһиилэрин билсэ-кэпсэтэ күө-дьаа олороллор эбит.
Мин суруйар үлэни бэйэм сэргээн, үлэбинэн даҕаны сиэттэрэн бу бөлөххө киирбиппин истиҥник көрсөннөр, инникитин кинилэр ааттарын-суолларын, айар үлэлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник арыйарга үлэлэһэр баҕа санаам өссө күүһүрдэ. Аны «Төһөлөөх киһи улууспутугар маннык айа-тута сылдьара буолуой?» -диэн билиэх-көрүөх санаа эбии үүйэ-хаайа тутта. Онон дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэриибин Иванова Ульяна Захаровнаттан саҕалыым.
Ульяна Захаровна Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Халбаакыга олорор. Россия потребкооперациятын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ. Айар, суруйар үлэнэн 2016 сылтан саҕалаан умсугуйан дьарыгырар. Кини суруйар аата -Ульяна Ива. Үгүс киһи хайаан да аахпыт, билэр буолуохтаах дии саныыбын. Хоһоонноро өрөспүүбүлүкэ айар дьоҕурдаахтарын түмсүүлэрин хомуурунньуктарыгар элбэхтик киирбиттэрэ. Тус бэйэтин үлэлэрин «Ыра санаам ымыыта»диэн кинигэ оҥорон 2021сыллаахха “Офсет” типографияҕа бэчээттэппитэ.
Ульяна Ива сэргэх суруйууларын өрөспүүбүлүкэ биллэр да, эдэр да мелодистара Нюргуяна Петрова -Санаа-Ай, Марианна Федотова-Намыына, Александр Дмитрьев-Таммах, Марта Васильева-Алгыстаана, Люция Бандерова-Айыллаана, Валерий Данилов, Денис Петров-СИОН, Николай Протопопов, Илья Константинов, Елена Ильина-Нам-Чы, Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ, Татьяна Потапова -Татыйык о.д.а. ырыа гынан көтүппүттэрэ. Хомоҕой хоһоонноро, ылбаҕай ырыалара араас таһымнаах күрэхтэргэ Гран-при,лауреат,дипломант үрдүк аатын ылбыттара.
Онтон «Өлбөт-сүппэт полкабыт» диэн хоһоонугар өссө биэс сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ырыа айааччы Марианна Федотова- Намыына мелодия айан ырыа оҥорбута. Бу ырыаны ааспыт сыл ахсынньы 11 күнүгэр, Майа сэлиэнньэтигэр Майа народнай хорун 45 сылыгар анаммыт хоровай коллективтары көрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр намнар 3 ансаамбылы холбообут «Эҥсиэли хора» диэн коллективтара (салайааччы Ирина Неустроева) ситиһиилээхтик толорон, 2 степеннээх лауреат үрдүк аатын ылбыттара.
Онон өссө биир үрдүк сыанабыл Улуу Кыайыыга анаммыт долгутуулаах ырыа тылын ааптарыгар Ульяна Иванова- Иваҕа көтөн кэллэ. Биир дойдулаахпытыгар инникитин даҕаны айар үлэтэ дьон билиниитин ылан, киэҥник тарҕана турарыгар баҕарабыт.
Чахчы да, иэйии хоһоонньут ис туругар хайа да кэмҥэ баарын ыйан туран, бу сайыҥҥы куйаас күннэргэ сылааһынан илгийэр суруйууларыттан билиһиннэрэбин.
Иэйии-бу мин туругум…
Иэйии-бу мин ис кутум,
Ыллыыр-ытыыр туругум,
Арыткөтөр кынатым,
Биитэр ситэр санньыарым…
Санаарҕааммын кыһарыллар
Кыһалҕалаах күннэрим,
Ыар санааны баттыктанар
Ытыллаахтыыр кэмнэрим…
Сорох кэмҥэ чаҕаарыйар,
Чуопчаарыйар чыычааҕым,
Үөрэн-көтөн кынаттанар,
Үөһэ дайар аргыһым…
Иэйэн, сорох ардыгар
Дьүрүһүтэр хомуһум,
Уйан тылым алыбыгар
Төрүүр дьикти хоһоонум…
Күнтэн күҥҥэ кэккэлэһэр,
Сырсыалаһар сыламым,
Сааскы тыаллыын сэргэстэһэр,
Сиэтэр сылаас сыдьаайым…
Иэйии — бу мин туругум
Аартыктарбар аргыһым,
Иэйэр-куойар ис кутум,
Кынаттанар аналым…
Тырыбыныы иэйиим иэтэр…
Тыйыс уохтаах кыыдаан кыһын
Тоһугуруур тымныытыттан,
Туолбут сырдыы устар ыйын
Тырым көтөр ырыатыттан…
Тулам сырдыыр туналыттан,
Толбоннурар суһумуттан,
Тымныы Чысхаан сытыытыттан
Таһырҕатар уорааныттан…
Тохтор уордаах дуорааныттан
Тыҥ хатыытын дьыбарыттан,
Тыбыырбахтыыр аргыарыттан
Тойук туойар алыбыттан…
Таһыгырыыр суостаах тыастаах
Тоҥмут маһын тосторуттан,
Түннүк тааһын тоҥсуйардаах
Тыыллар тибии буурҕатыттан…
Тырыбыныы иэйиим иэтэр
Тохсунньуга күөҕү сиэтэр,
Тыллар сырсан кэккэлэһэн
Тиһиллэллэр ситимнэһэн…
Тэлгэнэллэр күөх отунан
Тэрбэлдьийэр сардаананан,
Тулам чыычаах чуопчаарынан
Тупсар- лыҥкыр чуораанынан…
Таптал истиҥ иэйиитинэн
Тэбэнэттик сэгэйсэллэр,
Тимэх оттуу сэрбэлдьийэн
Тэлгэһэбэр симэнэллэр…
Тачыгырыыр оһох тыаһа
Тыс-тыс күлэн мичилийэр,
Тымныы кыһын үөр сулуһа
Тэбис-тэҥҥэ имнэнсиһэр…
Өбүгэм илдьитэ…
Ол ыраах, көстүбэт урсуҥҥа дуорайа,
Киэҥ куйаар дойдуга көтүһэ дуоһуйа,
Олоҥхо тойуга иһиллэр доргуйа,
Үйэни уҥуордаан ыраахтан угуйа…
Устар уу сомоҕо номоҕор кыттыһа,
Оһуордаах-мандардаах ырыаҕа суулаһа,
Илгийэр сүмэлээх тыллара субуһа
Көтөллөр алыптаах тойуктар солбуһа…
Ол ырыа илбистээх, иччилээх дуораана
Үөһэттэн кутуллар дьиктилээх дорҕооно
Ааспыт кэм аартыгын сэрэнэн силэйдэ,
Өбүгэм илдьитэ алгыстыы дьиэрэйдэ.
Бу маннык түгэҥҥэ турабын долгуйан,
Кынаттаах ырабар көтүһэ талбааран,
Истэбин бу тыыннаах илдьити манньыйан,
Ахтылҕан биһигэр бүгэбин ууллуһан…
Луиза Кононова,
киин библиотека кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай библиотекара.