“Утум ситимэ” түмсүү Петрова Зинаида Егоровна салайыытынан үлэлээбитэ биир сыла буолла. Дьиэҕэ хаайтаран олоруохтааҕар маннык түмсэр общественнай да үлэҕэ, бэйэҕэ да туһалаах.
Ол курдук ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттыһан, куоратынан, тыанан сылдьан СВО-ҕа көмөлөһө сатыыбыт. Уолаттарбыт барахсаттар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин туһугар илиибит сылааһынан рюкзактары, харысхаллары, пончалары, чүмэчилэри оҥорон ыыппыппыт.
Түмсүү чилиэнэ Николаева Анастасия Константиновна куоракка киирэн, Сыроватская Сардана Иннокентьевна салайар түмсүүтүгэр СВО-ҕа көстүүм тиксэн ыыппыттара. “Харысхал” диэн волонтердар СВО-ҕа аналлаах түмсүүлэригэр Иванова Светлана Тарасовна салалтатынан маскировочнай сетка оҥоһуутугар Чочу далбардара киирэн үөрэннилэр, волонтердар хамсааһыннарын чилиэннэрэ буоллулар.
Сетка оҥоһуутугар анал станок баар буолуохтаах эбит. Ону нэһилиэк общественнига Трофимов Владимир Иосифович бэйэтин матырыйаалынан наһаа үчүгэйдик, түргэнник оҥорон туруорда.
Онон нэһилиэк далбардара кэлэн, илиибит сылааһынан СВО-ҕа маскировочнай сетканы оҥоро сылдьабыт.
Ити курдук “Утум ситимэ” түмсүүбүтүгэр биир санаанан үлэлээн кэллибит, кулуупка, нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ күүспүт кыайарынан кыттабыт. Ол туоһутунан салайааччыбыт Зинаида Егоровна Ил Түмэн грамотатын ылбыта уонна сыл түмүгүн таһаарыыга кыһыл дорожканан хаампыппыт буолар. Түмсүү баар буоллаҕына сомоҕолоһуу үөскүүр. Онон нэһилиэк баһылыга Догоюсов Перт Александрович, солбуйааччыта Евсеева Надежда Павловна уонна общественнай тэрилтэлэр салайааччылара –дьахтар Сэбиэтэ Лаврентьева Александра Николаевна, бэтэрээн Сэбиэтэ Гоголева Галина Алексеевна бииргэ түмсэн , үлэбитин сүрүннүүллэр, күүс-көмө буолаллар. Оннук үлэ түмүгэр нэһилиэкпит сыл түмүгүнэн бириистээх миэстэлэргэ тиксибитэ.
Федора Николаева.
Фото Галина Гоголева.