Тапталлаах кэргэним, күтүөппүт, убайбыт, бырааппыт, аҕабыт, эһэбит Николаев Федот Никитич соһуччу бу олохтон туораабыта бу дьыл атырдьах ыйын 29 күнүгэр 40 хонугун туолла. Аҕабыт суох буолбутун ылынарга, өйдүүргэ олус ыарахан…
Биһиги тапталлаах киһибит 1954 с. бэс ыйын 10 күнүгэр Бүлүү улууһун Лөкөчөөнүгэр Николаевтар диэн ыалга игирэ оҕонон төрөөбүтэ. Алта ыйдааҕар Егор Дмитрьевич уонна Евдокия Алексеевна Харлампьевтар ииттэ ылбыттар. Ииппит ийэлээх аҕатын кыра оҕо эрдэҕиттэн батыһа сылдьан араас үлэҕэ такайыллан, буһуу-хатыы оскуолатын барытын ааспыта. Сүрэхтээх, салайар талааннаах буолан, оҕолору кытта оонньууругар, үөрэнэр кэмигэр куруутун хамаандалыыр, салайар үгэстээх эбит. Онон салайар үлэҕэ олох оҕо эрдэҕиттэн эриллибит-мускуллубут. 1973 с. Хампа орто оскуолатын бүтэрэн, төрөөбүт Лөкөчөөнүгэр “Орто Бүлүү” совхозка рабочайынан үлэлии кэлбитэ. Онно үлэлии сырыттаҕына эдэр кэскиллээх, салайар үлэҕэ талааннаах ыччаты отделениеҕа хонуу биригэдьииринэн үлэҕэ ылаллар.
Ол кэнниттэн 1975 с. Дьокуускайга салайар каадырдары бэлмниир техникумҥа үөрэнэ барбыта. Икки сыл үөрэнэн, зоотехник-тэрийээччи диэн идэни ылан, 1977 сыллаахха кэлээтин кытта отделение араас салайар үлэтигэр анаабыттара.Мантан ыла саҕаламмыта салайааччы ыарахан, мындыр өйү, сатабылы эрэйэр салалта сыралаах үлэтэ. 1989 сылга диэри биригэдьииринэн, зоотехнигынан, управляющайынан үлэлээбитэ. Ытык дьон ыллыктаах үтүө сүбэтин ылынан, элбэхтик сүүрэн-көтөн, тус бэйэтэ кыттыһан уонна салайан, нэһилиэк күөллэрин систиэмэлэрин олоххо киллэрэн, оттонор ходуһалары, сылгы-сүөһү мэччийэр сирдэрин таһааран, дьонун-сэргэтин үтүө махталларын ылбыта.
1990 с. сельсовет бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта, онтон 1992 с. олохтоох дьаһалта тэриллэн баһылыгынан анаммыта.Төһө да бу 90-с сылларга үп-харчы кырыымчыгын үрдүнэн, араас элбэх үлэлэри, тутуулары ыыттарбыта. Ону тэҥэ нэһилиэк сүрүн суолун оҥотторбута уонна Ан-2 сөмөлүөт Лөкөчөөн-Бэрдьигэстээх хайысханан көтөр сырыытын туруорсан, олоххо киллэрэн, дьон айанын чэпчэппитэ.
2003 сылтан Сунтаардааҕы Крыжановскай Владимир Макарович салайар ”Айан суол’’ диэн суолу оҥорор тэрилтэҕэ база начальнигынан анаммыта. Үлэлии сылдьан, нэһилиэгин уонна оттуур сайылыктарга барар суоллары оҥотторбута.
2007-2012 сс. эмиэ нэһилиэк баһылыгынан талыллыбыта. Ол үлэлиир кэмигэр күөллэр хоруулара сөргүтүллэн, сир бөҕө тахсан, дьон-сэргэ сүөһү, сылгы ииттэр кыахтаммыттара.
Федот Никитич бэйэтин туһааннаах үлэтинэн эрэ муҥурдаммат этэ. Ол курдук, 80-с сылларга партийнай тэрилтэ сэкэритээринэн, нэһилиэк депутатынан олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри талыллан үлэлээбитэ.
Аҕабыт өр сылларга үтүө суобастаахтык, харыс да сири атын сиргэ халбарыйбакка, төрөөбүт төрүт нэһилиэгин олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар, социальнай-экономическай сайдыытыгар, эдэр көлүөнэ нус-хас олохтоох, дьоно-сэргэтэ түмсүүлээх, сарсыҥҥыга эрэллээх буоларыгар таһаарыылаахтык үлэлээбитэ үрдүктүк сыаналанан, үгүс элбэх махтал, эҕэрдэ суруктарынан, Бочуотунай грамоталарынан уо. д. а. наҕараадаламмыта. Ол курдук тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна ССРС профсоюһун КК «Победитель социалистического соревнования 1980 года», 1983-1984 сыллаах сүөһү кыстыгын үрдүк таһымҥа тэрийбит үтүөлэрин иһин «Именная премия МСХ ЯАССР» бириэмийэнэн, «Гражданскай килбиэн», Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствотын гранынан, «Финансово-экономическое развитие», «Отличник муниципальной службы РС (Я)», «За особый вклад в реализации общенародного движения добрых дел» бэлиэлэринэн бэлиэтэммитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буолбута.
1974 с. Бүлүү Бороҕонуттан төрүттээх Сивцева Анна Трофимовна диэн бухгалтер кыыс үлэлии кэлбитин сөбүлүү көрөн, таптаһан ыал буолан, 49 сыл бииргэ олордулар. Үс оҕону төрөтөн, элбэх сиэннэнэн, улаатыннаран, олох суолугар киллэрэн, кэргэнин кытта өйөһөн, өйдөһөн олорон ааста.
Тапталлаах кэргэним, күтүөппүт, убайбыт, бырааппыт, аҕабыт, эһэбит Николаев Федот Никитич эйэҕэс, олус элэккэй, чиэһинэй, куруук күлэ-үөрэ сылдьар, сымнаҕас, үтүө санаалаах, аһыныгас майгылаах, билэр-билбэт дьонноругар үтүөнү эрэ баҕарар кэрэ киһи этэ. Айан суолун кытыытыгар олорор буолан, массыыналара алдьаммыт, суолга быстарбыт дьоҥҥо күүс-көмө, сүбэ – ама, техникаларын оҥостоллоругар сапчаас булан биэрэн, кэргэнинээн итии чэйинэн, минньигэс аһылыгынан күндүлээн, дьон махталын элбэхтик ылбыта. Табаарыстарыгар, аймахтарыгар кини дьиэтин аана мэлдьи аһаҕас буолара.
Күндү киһибитин ыарахан ыарыы буулаан кэбирэтэ сылдьарын кытаанах санаалаах, олоххо дьулуура күүстээх буолан, олох биллэрбэккэ сылдьан, соһумардык мүччү туттаран илдьэ баран, дууһабытын аймаата…
Аҕабытын тиһэх суолугар атаарыыга көмөнү оҥорбут, кутурҕаммытын тэҥҥэ үллэстибит бары аймахтарбытыгар, бииргэ үлэлээбит табаарыстарыгар, Лөкөчөөн олохтоохторугар махтанабыт.
Кини чахчы холобур буолар, биир киһи холугар устуоруйаҕа хаалар, ураты суолу-ииһи хаалларан, чаҕылхай олоҕу олорон ааста. Биһиги аҕабыт сырдык мөссүөнүн хаһан да умнуохпут суоҕа, кини олоҕо кэнчээри ыччатыгар салҕана туруоҕа. Эн ситэри олорботох олоххун оҕолоруҥ, сиэннэриҥ салгыахтара, үтүө аатыҥ үс үйэҕэ ааттаныа.
Кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ, күтүөтэ, кийииттэрэ, балта,бииргэ төрөөбүттэрэ, Каратаевтар уонна аймахтара.