Үөрэппит оҕобунан киэн туттабын

Деляева Катя – Дэлэй Катя  Калининградтан  ыһыахха таарыччы дойдутугар кэлэн барда.  Мин  кинини  Г.И. Чиряев аатынан 1 №-дээх оскуолаҕа  үөрэппит  дьоллоохпун,  1970 сыллаахха бүтэрбитэ. Билигин кинини билэр  учуутал   да киһи  да  аҕыйаата  онон  эдэр  ыччат биллин  диэн  бу  суруйдум.

Екатерина  Деляева оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училище первай оскуоланы 1970 с. үҥкүү  отделениятын бүтэрэн,  Якутскайга “Сарыал” үҥкүү ансаамбылыгар балет  солиската  буолбут.  Онтон  кинини  Алма  Атаҕа  ыытан үөрэттэрэллэр.   Ону бүтэрэн, Чукоткаҕа “Эргырон”  диэн  ааттаах  государственнай  ансаамбыл солисткатынан  үлэлээбит.  1979 с. Ленинградка  үөрэнэн,  хореографияҕа  5 сыл  үлэлээбит, онтон кэргэннэнэн  Калининградка көспүттэр. Онно  билигин  үрдүк  категориялаах преподаватель  “Дар” диэн   образцовай хореографическай  коллектив  салайааччыта  70 оҕону салайа-үөрэтэ  сылдьар эбит. Маны  таһынан  таҥара дьиэтигэр таҥара  үөрэҕин  оҕолорго ааҕар,  оҕо  итэҕэли  билэр  буоллаҕына куһаҕан  тыыны  иҥэриммэт эбит  диэн  улахан  баардылаах  эбит.

Сиэннэрин  сахалыы  саҥарарга  үөрэппит. Ыһыах тэрийэллэр  эбит, сиэннэрэ  сахалыы  хоһоон  ааҕаллар. Калининградка  элбэх саха ыала  баар  үһү. Ол курдук  Кыргыдай  күүстээх  Лобоой  балта онно  олорор эбит. Эмиэ араас  талааннаах  эбит.  Катям  сааһырдым  диэн  тохтуур  былаана  суоҕуттан үөрдүм. Сыл көтө-көтө төрөөбүт Бүлүүтүгэр  кэлэн  барар. Тылынан-өһүнэн кыралаан  эмтиир-томтуур, үөрэппит  үтүөлээх   үһүбүн, миигин эмиэ эмтээн барда.  Онон үөрэппит  оҕобор  Катерина Егоровнаҕа  сиртэн халлааҥҥа диэри  улахан махталбын аныыбын. Кини туһунан хаһыаттарга,  сурунаалларга  элбэх  махтал  тыллаах ыстатыйалар бэчээттэммиттэр эбит. Онон улахан  махтал  баһыыба этэбин.

Павлина  Иванова,

үөрэппит  учуутала.