Үгэһи салҕаабыт уонна сайыннарбыт уус

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, норуот маастара,  Арыылаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Бүлүү улууһугар култуура сайдыытыгар кылаатын иһин”  бэлиэ хаһаайына Иван Кононович Колодезников Бүлүү оройуонун Хампа нэһилиэгэр 1973 сыл бэс ыйын 19 күнүгэр төрөөбүтэ.

Оҕо эрдэҕиттэн умсугуйан туран  маһынан, тимиринэн уһанар дьоҕуру иҥэриммит ыччат ураты оҥоһуктарынан баара-суоҕа 23 сааһыгар, 1996 сыллаахха, «Норуот маастара» үрдүк ааты ылбыта. Салгыы ситэн-хотон 2011 сылтан Аан дойду кылаастаах хомус ууһунан билиниллибитэ.

Сырдык санаалаах, үтүө дууһалаах эдэр уус айыллан кэлбит кэрэ кэмин, үрүҥ айыы ыйын өрө тутан Үрүҥ Уус диэн айар ааты ылынан умсулҕаннаах үлэ аартыгынан саҥаттан саҥа үрдэллэргэ дабайан испитэ...

Ол эрэн, кини бу орто дойду оһуордаах олоҕор айан-тутан, бэйэтин суолун-ииһин хаалларарыгар баара-суоҕа 47 эрэ сыл бэриллибит эбит... 2020 сыл атырдьах ыйын 26 күнүгэр ыарахан ыарыы бар дьонуттан, таптыыр дьарыгыттан  арааран  букатыннаахтык илдьэ барбыта.

Саха хомуһун үрдүк чыпчаалга таһаарбыт Иван КононовичҮрүҥ Уус сырдык аатыгар сүгүрүйэн муус устар 14 күнүгэр Хампа сэлиэнньэтин «Эрэл» норуот айымньытын киинигэр сахалыы тыыннаах, алаадьы сыттаах, хомус доҕуһуоллаах улахан түһүлгэ төрүттэннэ.

Бу суолталаах тэрээһин Үрүҥ Уус олоҕун, айар үлэтин кэпсиир «Дьүрүһүйэ  турдун хомуһуҥ!» диэн саҥа кинигэни дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрииттэн саҕаланна.

Кинигэни Иван Кононович төрөөбүтэ 50 сылыгар анаан Бүлүү оройуонун И.М.Гоголев-Кындыл аатынан кииннэммит библиотека ситимин Хампатааҕы филиалын сэбиэдиссэйэ, Иван Кононович олоҕун аргыһа, кэргэнэ Галина Захаровна Колодезникова хомуйан оҥорбут. Халыҥ тастаах, икки тылынан суруллубут, 116 сирэйтэн турар кинигэ Дьокуускай куорат «SAKHATIME» бэчээт дьиэтигэр 50 ахсаанынан тахсыбыт.

Кинигэ аатаДьүрүһүйэ  турдун хомуһуҥ!” диэн Иван Кононовичка туһуланар уонна кини оҥорон-тутан таһаарбыт хомустара төһө да кэм аастар дьону абылыы туруохтарын мэктиэлиир. Ону ааптар кинигэ киирии тылыгар «Иван Кононович оҥорбут хомустарын дьүрүһүйэр тыастара үйэ-саас тухары хас биирдии киһи нохтолоох сүрэҕин долгуттуннар, кутун-сүрүн манньыттыннар, кини үтүө аатын ааттаттыннар» диэн этиитэ бигэргэтэр.

Ааҕааччы кинигэни кытары билсиһиитэ Иван Кононович кыыһа Нарыйа “Мин аҕам хомуһун тыаһыгардиэн хоһоонунан, Галина Захаровна киирии тылынан саҕаланар.

Кинигэни ис хоһоонунан икки сүрүн түһүмэххэ араарыахха сөп. Бастакы  түһүмэхтэн ааҕааччы Иван Кононович дириҥ силистээх-мутуктаах, удьуор уус ыччата буоларын билсэр. Бииргэ төрөөбүттэрин, чугас аймахтарын, оскуолаҕа үөрэммит доҕотторун, учууталларын ахтыыларыттан кини оҕо эрдэҕиттэн тарбаҕар талаана, дьоҕура, уһанар дьарыгынан умсугуйуута көстөр.Олоҕун олуктара кэпсэнэр.

Иккис түһүмэх Иван Кононовиһы санааны сайа этэр, дорҕоон эгэлгэтин үөскэтэр кыахтаах, дьиҥнээх этигэн хомустары айан, оҥорон төрүт үгэһи салҕаабыт уонна сайыннарбыт уус быһыытынан арыйар. Манна өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга хомус сайдыытыгар туруулаһан үлэлиир салайааччылар, хомус эйгэтигэр бииргэ алтыспыт дьон ахтыылара киирбиттэр.

Саамай кэрэхсэбиллээҕэ Үрүҥ Уус хомустарын биһирээн, оонньотон, идэ оҥостон, бэйэлэрин киэҥ эйгэҕэ номнуо ааттата сылдьар ыччат дьон махтал тылларын анаабыттара баар. БуҮрүҥ Уус былыргыттан быйылгыга диэри саха омук ытыс ымыыта оҥостон илдьэ кэлбит төрүт үгэһин сайыннарыыга кэскиллээх түөрэҕи  түһэрбитин бэлиэтэ буолар.

Хас биирдии ахтыы Иван Кононович анабыл хомустарын хаартыскаларынан ситэриллибит. Бэйэ бэйэлэригэр ханан да майгыннаспат, хатыламмат ойуулаах, оһуордаах, анал хахтаах  хомустары хайа да ааҕааччы сөҕө-махтайа көрүө.

Үрүҥ Уус үөһэттэн айдарыылаах хомус ууһа буоларын тас дойдулартан, Японияттан аан дойду виртуоз хомусчута, хомуһу чинчийээччи Лео Тадагава, Нидерландыттан Харм Линсен, Сицилияттан, «Странные звуки хомуса» киинэ режиссера Диего Паскаль Панарелло кинигэҕэ киирбит сыанабыллара туоһулууллар.

Мустубут дьон кинигэ тахсыбытыгар дириҥник махтанан туран, кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кытыннылар. Биир дойдулаахтарын Арыылаах нэһилиэгин баһылыга Афанасий Афанасьевич Тимофеев, солбуйааччы Савва Петрович Иванов, бииргэ төрөөбүт балта Варвара Кононовна Васильева, учууталлар Марианна Николаевна Мандарова, Лидия Григорьевна Иннокентьева, үөлээннээҕэ Екатерина Афанасьевна Павлова, алгысчыт Агафья Федотовна Мылахова, «Иэйии» литературнай түмсүү төрүттээччитэРаиса Николаевна Евсеева –Дьүөгэ,  хомусчут, импровизатор Наталья Иннокентьевна Егорова ахтан-санаан аастылар.

Кыттыыны Дьокуускай куораттан анаан кэлбит Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин дириэктэрэ Дмитрий Дмитриевич Бястинов, аан дойду виртуоз хомусчута, аан дойдутааҕы хомусчуттар уопсастыбаларын сүбэһитэ Спиридон Спиридонович Шишигин, аан дойду виртуоз-хомусчута, уһуйааччы, «Айархаан» этно-бөлөх төрүттээччитэ Альбина Михайловна Дегтярева —Хомус Хотун уонна Бүлүүттэн биллэр хомус уустара Реворий Гаврильевич ЧемчоевЧөмчөө Уус, Михаил Николаевич Мальцев- Кылаан Уус ыллылар. Чугас алтыспыт биир эйгэлээх дьон Иван Кононович хомус эҥин эгэлгэ хос дорҕооннорун  дьиктитин ис иһиттэн ылыммыт, өйдөөбүт уонна күүскэ сайыннарбыт уус буоларын бигэргэттилэр уонна кини аатын үйэтитэр үлэни салгыы ыытары эрэннэрдилэр.

Үрүҥ Уус оҥорбут этигэн хомустара өссө да өр сылларга бар дьон дууһатын долгута, санаатын кынаттыы, үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйа туралларыгар баҕаран туран, Галина Захаровнаны  эҕэрдэлээн культура сайдыытыгар уонна норуот айымньытыгар оройуон киинин   салалтатыттан Кристина Буслаева, Н.И. Ылахова аатынан «Алгыс» кииниттэн Августина Евсеева, И.Ф Захаров-Кылыадьы аатынан Хомус музейыттан Екатерина Михайлова тыл эттилэр. Бүлүү библиотекаларын аатыттан дириэктэр Николай Харлампьев эҕэрдэтэ уонна өйдөбүнньүк бэлэҕэ туттарылынна.

Көрсүһүү  ыалдьыттара Иван Кононович ыраас ыратын, күүстээх санаатын, сахалыы дьоһун-холку майгытын, сүрэҕин төлөнүн бүтүннүү иҥэрэн оҥорбут хомустарыгар оонньоон саала иһигэр олорор  дьон сүргэлэрин көтөхтүлэр, дууһаларын долгуттулар.

Хомус уустара уутуйан үөскээбит Арыылаах нэһилиэгин олохтоохторо төрүт үгэһи өрө тутан сайыннарарга боччумнаах, ситимнээх үлэни ыыталларын кэлбит дьон бука бары кэрэхсии көрдүлэр. Ону олохтоох оскуола үөрэнээччилэрэ, уһуйаан кырачаан иитиллээччилэрэ хомуска аналлаах ырыаны, хоһоону, үҥкүүнү толорон, бэл диэтэр таҥаһы-сабы бэрт сэргэхтик көрдөрөн бигэргэттилэр.

Ити курдук төрүт үгэһи салҕаабыт уонна сайыннарбыт Үрүҥ Уус  аатын  үйэтитиигэ биир дьоһун хардыы оҥоһулунна.

Луиза Кононова, киин библиотека кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай библиотекара.

Читайте дальше