Атырдьах ыйын 23-24 күннэригэр Үгүлээт нэһилиэгэ төрүттэммитэ 390 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйбүтүн бэлиэтээтибит. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста.
Улахан тэрээһиҥҥэ хаһан баҕарар аһа-үөлэ дэлэйэ ордук диэммит, баайтаһын биэни уонна саха кур оҕуһун идэһэлээн, дьоммутун-сэргэбитин, ыалдьыттары Эбэбит кытылыгар баар ыһыахтыыр түһүлгэбитигэр олордон, сыалаах үтэһэлээх этинэн, итии миининэн, быырпаҕынан, хаһалаах үөлүллүбүт собонон, ыыһаммыт эмис балыгынан күндүлээтибит.
Тэрээһиммитин үөрүүлээхтик арыйыыга алгыс тылы, үгүлээттэр киэн туттар дьоммут, эдьиийдэрбит Каролина Петровна Харлампьева, Федора Егоровна Донская эттилэр, аал уоту айах тутан арчылаатылар.
Бочуоттаах ыалдьыттар — Бүлүү улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Иван Иванович Евсеев, Тимофей Николаевич Иванов эҕэрдэ тылы эттилэр, наҕараадалары туттардылар. Үбүлүөйдээх сэргэни туруорууга үгүлээттэр ытыктыыр киһибит, норуот маастара Зинаида Евсеевна Павлова алгыс тылын этэн тиэртэ.
Күн иккис аҥарыгар «Сорсуннаах эр хоһуун» диэн булчуттар, балыксыттар күрэхтэһиилэрэ тыҥааһыннаахтык буолла.
Киэһэ нэһилиэк библиотека- музей дьиэтин арыйыы үөрүүлээхтик ааста. Бу түмэлгэ энтузиаст-учуутал, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Иван Васильевич Яковлев туһунан кинигэ презентацията ыытылынна. Иван Васильевич кыыһа Надежда Ивановна Павлова кинигэни билиһиннэрдэ.
Култуура сынньалаҥ киинигэр Өлөөнтөн, Эдьигээнтэн, Алдантан тиийэ кэлбит, ыраахтан-чугастан мустубут ыалдьыттар, олохтоохтор остуол хотойорунан ас-үөл тардыллыбыт үбүлүөйдээх сандалыбытыгар олорон тото-хана аһаан, ыллаан-туойан, үтүө тыллары этэн баран, киэһэ 9 чаастан Культура сынньалаҥ пааркатыгар саха эстрадатын сулустара Санита Ай уонна Эрхаан «Ыйдаҥалаах киэһэҕэ» кэнсиэртэрин дуоһуйа көрөн, шоу-дискотекаҕа эдэрдиин кырдьаҕастыын үҥкүүлээн, сэргэхсийэн тарҕастыбыт.
Үбүлүөй иккис күнүгэр Түҥ эбэбит кытылыгар «Сорсуннаах эр хоһуун» булчуттар күрэхтэһиилэрэ салгыы ыытылынна. Манна ыалдьыт булчут уолбут, 1 Күүлэттэн төрүттээх Эдуард Атаманов спинниҥынан бөдөҥ быйыт балыгы хаптаран үөртэ-көтүттэ, сөхтөрдө даҕаны. Дьэ, бу буолар дьиҥнээх байанайдаах булчут. Күрэхтэһии түмүгүнэн Атаманов Эдуард 1 миэстэни ылла уонна 100 тыһ. солк. бирииһинэн, Яковлевтар дьиэ кэргэттэрэ спонсордаабыт 25 тыһ. солк. харчынан бириэмийэнэн, анал атын бириистэринэн наҕараадаланна. Иккис миэстэ — Жучкин Александр 50 тыһ.солк. бирииһи, Маисов Реворий Сергеевич оҕолоро, сиэннэрэ, күтүөтэ спонсордаабыт 57 тыһ. солк. суумаҕа саа сертификатын, эбии бириистэри ылла.
Үһүс миэстэни ылбыт Спиридонов Алексейга 25 тыһ. солк сертификат, спонсордар харчынан бириэмийэлэрэ, анал бириистэр туттарылыннылар. Маны таһынан кыттыбыт уолаттарга — Петров Толяҕа, Алексеев Дениска, призердарга Айылҕа харыстабылын инспекциятыттан саа сертификата, Бүлүүтээҕи ОДьКХ спонсордаабыт бензопила эрбиитэ, Донскойдар, Ефремовтар, Н.М.,В.М. Спиридоновтар, Афанасьев И.И. оҕолоруттан сиэннэриттэн, Күүлэт кийииттэриттэн харчынан, анал бириистэр, «Табун» маҕаһыын 5000 солк. сертификата, Тебенова М.С. спонсордаабыт 20 тыһ. солк. сертификата, Афанасьевтартан 20 тыһ. сертификат, ИП Буслаев А.И 10 тыһ.солк., «Ампаардаах» СХПК 30 тыһ. солк., «Сыа Бүлүү» 3000 солк., Россельхозбанк Бүлүүтээҕи филиала 50 тыһ. солк, Сахатранснефтегаз 25000 солк. спонсорскай харчы уо д.а. анал бириистэр туттарылыннылар. Дмитрий Макаров аатын сүгэр «Зеленый пояс Вилюя» фонда мас рассадатын бэлэхтээтэ.
Бу күрэххэ урукку кадровай булчуттар, чемпион булчуттар аймахтара, оҕолоро сиэннэрэ элбэх харчынан бирииһинэн спонсордаатылар.
Күрэхтэһиини Бүлүүтээҕи айылҕа инспекциятын үлэһитэ Андрей Антонович Яковлев- Чуос салайан ыытта, кылаабынай судьуйалаата.
Киэһэ ыалдьыттар кэнсиэртэрэ олус үчүгэйдик ааста, элбэх эҕэрдэ ырыа-тойук ылланна.
Үбүлүөй кэмигэр түһүлгэҕэ анал суруктаах дьааһык туруоран, СВО-ҕа сылдьар уолаттарбытыгар көмө харчы хомуйуутугар акция саҕалаабыппыт. Манна 55000 солк. киирбитэ, билигин акция салгыы ыытылла турар.
Үгүлээттэр өрөгөйдөөх үбүлүөйбүтүн этэҥҥэ түмүктээн, кэлбит ыалдьыттарбытын, биир дойдулаахтарбытын аныгыскы көрсүөххэ диэри бөдөҥ, эмис собонон, сыалаах ыыһаммыт балыгынан кэһиилээн атаартаатыбыт. Ыалдьыттар дэриэбинэ ырааһын, кэрэ айылҕалааҕын, дьон-сэргэ үтүө сыһыаннаахтарын бэлиэтээн, махтанан бардылар. Кэлии-барыы бэркэ сатанан, күн-дьыл туран биэрэн, «Полярные авиалинии» самолета, Сахатранснефтегаз көмөлөспүт дьону таһар улахан автобуһа, Бүлүүтээҕи үөрэх управлениетын 2 газель массыыналара саастаах дьоммутун, студеннары Дьокуускай куораттан кэлэ-бара босхо тастылар.
Үбүлүөйбүт тэрээһинигэр көмөлөспүт, спонсордаабыт дьоммутугар, тэрилтэ салайааччыларыгар барҕа махтал буоллун.
Октябрь Лукин, Үгүлээт нэһилиэгин баһылыга.