Үгүлээттэр түмсүүлээхтик үлэлииллэр

Үгүлээккэ муус устар 19 күнүгэр Сэбиэскэй сойуус саҕана Улуу Ленин төрөөбүт күнүгэр ыытыллар коммунистическай субуотунньук буоларын ахтан-санаан тураммыт, Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо сыла биллэриллибитинэн уонна нэһилиэкпит төрүттэммитэ 390 сылын бэлиэтиир сылынан тэрилтэлэр үлэһиттэрин, оскуола оҕолорун түмэммит тутуу маһын эрбэммит дэлээнэтигэр мутук ыраастааһыныгар уопсай субуотунньук ыыттыбыт.

Уопсайа 60 тахса үлэһит, ол иһигэр оҕолор тахсан үлэлээтилэр.

Субуотунньугу нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Виктор Федоров салайда. Сарсыарда 11 чааска мустан 9 массыынанан «Хотугу Бүлүү» МАУ тэрилтэ техникаларынан барыы буолбута. Нэһилиэкпит дьоно- сэргэтэ, оҕолорбут бары түмсэн, үлэҕэ көхтөөхтүк кыттан 200-чэкэ бэрэбинэ мутугун барытын мунньан, ыраастаан бүтэрдилэр.

Субуотунньук кэмигэр  Байрон Иванов буһарбыт минньигэс шашлыгын, дьаһалта, балыыһа, оскуола үлэһиттэрэ буһарбыт мииннэрин кыттыбыт дьоммут тото-хана аһаатылар. Бу күн оҕолорбут сибиэһэй салгыҥҥа үлэлээн, ойуурга тахсан оонньоон абыраннылар, саастаах дьоммут урукку оҕо саас кэмин ахтан- санаан аастылар.

Кэлиҥҥи бириэмэҕэ нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ түмсүүлээхтэрин көрдөрөн, элбэх ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлара биһигини үөрдэр.

Октябрь Лукин.

Читайте дальше