Бүлүүгэ бүгүҥҥү бэлиэ күн, сэтинньи 30 күнүгэр, Саха народнай суруйааччыта, Өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Федосеевич Наумов киин библиотекаҕа ааҕааччылары кытары көрүстэ.
Суруйааччыны кытта кэпсэтии биллэн турар, биир дойдулаахпыт Степан Максимович Аржаков саха норуотугар сүҥкэннээх суолтатын уонна ону кэпсиир Саха судаарыстыбаннай тыйаатырыгар сэтинньи 9 күнүгэр сабыс-саҥа турбут «Үйэлэри уҥуордаан» испэктээх тула барда.
Дмитрий Федосеевич Степан Аржаков олоҕун, дьыалатын история чахчыларыгар, чуолаан архыып докумуоннарыгар олоҕуран, элбэх матырыйаалы үөрэтэн, пьеса суруйан дьон көрүүтүгэр таһаарбытын мустубут дьон махтана көрүстүлэр. Ааптар дириҥ ис хоһоонноох кэпсээнин, тус көрүүтүн, санаатын умсугуйан иһиттилэр. Элбэх ыйытыылары биэрэн сөптөөх хоруйдары ыллылар.
Соһуччу түгэнинэн Дмитрий Федосеевич биллиилээх худуоһунньук Борис Иогансон Бүтүн союзтааҕы РКСМ III съеһэ ойууламмыт хартыынатын куопуйатын библиотекаҕа бэлэх ууммута буолла. Манна саха кыыһа Ниса Шергина чуолкай ойууламмыта улахан болҕомтону тарта.
Көрсүһүүнү суруйааччы «Хайа баҕарар киһи туһунан чиэһинэйдик көрүөххэ, кэпсиэххэ наада. Аҥаар кырыытыгар түспэккэ, барытын кырдьыгынан суруйдахха- киһи кырдьыга тахсар, оннун булар. Саарбахтааһын суох буолуохтаах.»- диэн этиинэн түмүктээтэ. Уонна чулуу биир дойдулаахпыт туһунан пьеса саҥа литературнай айымньы быһыытынан бэчээккэ тахсарыгар бэлэмин иһитиннэрдэ.
Луиза Кононова, Киин библиотека кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай библиотекара.