Үйэлэрин урутаан иһэр дьон баар буолаллар диэнмээнэҕэ эппэтэхтэр эбит. «Бэйэлэрин кэмнэрин ааһа көтөн, кинилэр оҥорбут, саҕалаабыт дьыалалара үйэттэн үйэҕэ дьайар буоланнар, олорон ааспыт сылларыгар дьонунан-сэргэнэн кыайан ситэ өйдөммөттөр. Кэм-кэрдии ааһан, кинилэр көрүүлэрэ тиллэн, ону олох бигэргэттэҕинэ, олдьон историяҕа булгунньах курдук үрдээн, логлойон көстөн, норуот өйүгэр—санаатыгар үйэ-саас тухары хаалаллар», — диэн РСФСР, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна, «Бочуот Знага», «Доҕордоһуу» уордьаннарын кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин журналистикаҕа Государственнай бириэмийэтин лауреата, Дьокуускай куорат уонна Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ Нина Иннокентьевна Протопопова, «Кэскил» хаһыакка 1993 сыллаахха, отут сыл анараа өттүгэр, Саха сириттэн үлэ Бастакы Геройун, кыраайы уһулуччулаах чинчийээччи, учуутал, общественнай деятель Пётр Хрисанфович Староватов туһунан суруйан турар.
П.Х.Староватов туох-ханнык иннинэ учуутал. Кини ханна да үлэлээтэр, кыраайы үөрэтэр дьарыга оҕолору айылҕаҕа сыһыарыыттан, тулалыыр эйгэ кистэлэҥнэрин арыйан көрдөрө сатааһынтан саҕаламмыта диэн бэлиэтииллэр. Пётр Хрисанфович учууталлаабыт 40 сылын устата үтүөкэннээх дьону иитэлээн таһаарбыта кини үөрэнээччилэрин учууталларын туһунан истиҥ махталлаах, сырдык-сылаас иэйиилээх ахтыыларыгар арыллар.
Пётр Хрисанфович төрөөбүтэ быйыл, бэс ыйын 24 күнүгэр, 150 сылын туолбутунан, кырдьаҕас Бүлүү куоратын эдэр баһылыга Ян Анатольевич Попов 2023 сылы П.Х.Староватов сылынан биллэрбитэ улахан суолталаах.
П. Х. Староватов Дьокуускайга 1892 сыллаахха реальнай училищены бүтэрэн баран, бастаан, Боотурускай улууһугар Чурапчыга начальнай училищеҕа, онтон Бүлүүгэ, ол кэннэ Сунтаар Элгээйитин 2 кылаастаах училищетыгар учууталынан үрдүк таһымнаахтык үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ П.Х.Староватов Бүлүү куоратыгар училищены астарар туһунан туруорсуута сүһүөҕэр туран, 1913 сылга учуутал Староватовы төттөрү, Бүлүүгэ, үрдүкү начальнай училищены тэрийтэрэ ыыппыттара. Бу кытыы сир олоҕор ураты суолталаах хамсааһын буолбута. Училище аһыллан, Бүлүүгэ саха интеллигенциятын уһулуччулаах дьоно, үөрэхтээхтэрэ, сырдатааччылара А.Е.Кулаковскай уонна С.А.Новгородов үлэлии кэлбиттэрэ. Училищеҕа Бүлүү түөлбэтин талааннаах, үөрэххэ тардыһыылаах, тобуллаҕас өйдөөх-санаалаах оҕолоро тоҕуоруспуттара. Кинилэр истэригэр төрөөбүт норуоттарын сырдык кэскилин кытта олохторун ситимнээбит Степан Аржаков, Исидор Барахов, Степан Гоголев, Дора Жиркова, Муся, Капитон, Серафим Потаповтар, Александр Габышев бааллара. Дора Жиркова бэйэтин ахтыытыгар маннык суруйар: «П.Х.Староватов, А.Е.Кулаковскай, С.А.Новгородов уруоктарыгар хаһан да чуҥкуйбат этибит. Бэйэлэрин предметтэрин туйгуннук билэр бу дьон саҥа матырыйаалы интириэһинэйдик, тиийимтиэтик быһаараллара, сүрдээх үчүгэй педагог этилэр». Үөрэнээччилэрэ ахталларынан, Староватов хайа да оҕону чорбото туппата, ордук дьадаҥы дьон оҕолорун аһынара, араҥаччылыыра. Биир эмит үөрэнээччи улахан буруйу оҥордоҕуна, киҥэ-наара, ыһыыта-хаһыыта суох, холкутук, итэҕэтиилээхтик быһааран, үөрэнээччи кырдьык мөку быһыыны оҥорбутугар бэйэтин итэҕэтэрэ.
Староватов биир бастыҥ үөрэнээччитэ Муся Потапова ахтарынан, оҕолор кимнээҕэр да куттарын туттарбыт киһилэрэ – айылҕа үөрэҕин учуутала Пётр Хрисанфович Староватов этэ … Айылҕа араас көстүүлэрин, баайын-дуолун туһунан бараммат элбэх кэпсээннээх Пётр Хрисанфович былыргы дьон малларын, туттар сэптэрин, араас харамайдар уҥуохтарын, үүнээйилэри, таастары-минераллары хомуйар үгэстээх эбит. Кини үөрэнээччилэригэр туһаайан: «Биьиги дойдубут ураты баай дойду. Однако, ол баай билигин кистэнэн сытар. Хаһан эрэ норуокка, бар-дьоҥҥо сулууспалыаҕа. Эһиги, эдэр дьон, онутус бэйэҕит тэрийиэххит,» — диирэ.
Пётр Хрисанфович 1913 сылтан үрдүкү начальнай училищеҕа да үөрэтэр оҕолоругар сүүнэ улахан сабыдыаллааҕа, үгүстэрин салгыы үөрэнэ баралларыгар сүбэлиирэ. Кини үөрэппит оҕолоро Степан Аржаков, Исидор Барахов, Степан Гоголев, Дора Жиркова, Муся, Капитон Потаповтар сүнньүнэн биир кэмҥэ Дьокуускайга кэлэн, учительскай семинарияҕа, кыргыттар гимназияларыгар үөрэххэ киирбиттэрэ. Сахалартан бастакынан үрдүк үөрэхтэммит театральнай художник Туралысов Георгий Михайлович эмиэ учууталын П.Х Староватов олохтоох сүбэтинэн, 1924 сыллаахха Москваҕа ВХУТемас (Бүтүн Союзтааҕы Үрдүкү худож.техн.маст.) үөрэнэ баран, ситиһиилээхтик бүтэрэн, улахан ааттаах-суоллаах художник буолбутум, олоҕум суолугар чиҥ торуму учууталым уурбута, диэн бэйэтин ахтыытыгар бэлиэтээбитэ.
Советскай былаас сылларыгар Пётр Хрисанфович Бүлүү II ступеннаах оскуолатыгар, онтон педучилищеҕа, 1929-1931 сылларга уокурук оскуолаларын инспекторынан үлэлээбитэ. Ити кэмнээҕи үлэтин туһунан маннык ахтыбыта: «Чахчы сорунан туран үлэлээбитим, уокурукбары оскуолаларын кэрийэрим, эдэр учууталлары занятиены хайдах ситиһиилээхтик ыытыахха сөбүн, кэпсэтии уруоктарын хайдах ыытары, оҕолору хайдах сонурҕатары, арифметиканы үөрэтиини, о.д.а. кытта билиһиннэрэрим». Учуутал Староватов үөрэнээччилэрин айылҕаны таптыырга уонна сыаналыырга үөрэппитэ. Кинини кытта Бүлүү педучилищетын үөрэнээччилэрэ тайҕаҕа үгүстүк сылдьаллара. Үлэ Геройа, геолог Григорий Трофимович Семенов учууталын маннык бэлиэтиир: «Бэртээхэй нуучча педагога геологияҕа имэҥнээх тапталы миэхэ иҥэрбитэ», — диэн.
Пётр Хрисанфович үөрэппит оҕолоруттан салгыы үөрэнэн, сахалартан бастакы киэҥ билиилээх. биллиилээх хайа инженердэрэ тахсыбыттара:
Саха сиригэр Алдаҥҥа көмүс хостооһунугар салайар дуоһунаска үлэлээбиттэрэ:
Габышев Пётр Гаврильевич — «Якутзолототрест» управляющайын солбуйааччынан,
Попов Александр Дмитриевич — «Якутзолототрест» управляющайын солбуйааччынан.
П.Х Староватов үөрэппит оҕолоруттан Бүлүү бастакы комсомолецтарын Саха сирин көмүһүн, алмааһын, хорҕолдьунун, таас чоҕун, гааһын, ньиэбин промышленноһын сайыннарыыга бастакынан үлэлэспит үгүс дьон олохторун, үлэлэрин туһунан эдэр көлүөнэҕэ холобур оҥостоллоругар үгүс ыстатыйалар, кинигэлэр туоһулууллар.
Өссө 1925 сыллаахха буолбут учууталлар Бүтүн Саха сиринээҕи съезтэрэ сырдатыы ветераннарыгар туһаайбыт эҕэрдэтигэр, П.Х.Староватов аатын киллэрэн туран суруйбута: «Эһиги курдук үлэ геройдаахпыт, саха норуотугар муҥура суох бэриниилээхтик сулууспалыырга холобур көрдөрөр дьонноохпут бу биһиги дьолбут буолар диэн». Ити кэннэ 7 сыл буолан баран, 1932 сыллаахха,П.Х.Староватовка Саха сиригэр бастакынан Үлэ Геройун аата иҥэриллибитэ.
П.Х Староватов мунньахтарга, пленумнарга, конференцияларга, райсовет сессияларыгар үлэ итэ5эстэрин сытыытык кириитикэлиирэ, кэскиллээх этиилэрдээх буолара: “Эдэр ыччаты орто аналлаах уонна үрдүк үөрэххэ ыыталаан, норуот хаһаайыстыбатын специалистарын бэлэмниэххэ. Олох сайдан, Саха сирин баайа булуллан туһаҕа тахсыа, промышленность сайдыа, онно үлэлиир специалистары олохтоох нэһилиэнньэттэн бэлэмниэххэ”, — диирэ.
Үгүс билиитин-көрүүтүн, муударай мунньунуутун бэрт үрдүк таһымыттан кини бүгүҥҥү Сахатын сирин өтө көрбүт, үгүс үөрэнээччилэрин дууһатыгар билии-көрүү сырдык кыымын сахпыт уһулуччулаах учуутал, кэрэ киһи эбит Үлэ бастакы Геройа – Пётр Хрисанфович Староватов.
М.А.Саввинова,
Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай- педагогическай колледж методиһа, Учуутал музейын сэбиэдиссэйэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин туйгуна.