Үлэттэн дьолломмут ытык көлүөнэ

Хос эбэбит (Аартык Сэмэн эдьиийэ) Бүлүү Мастааҕар олорбут, кэргэнэ өлбүтүн кэннэ Константинов Константин (Оргуһуох) диэн киһиэхэ иккистээн кэргэн тахсыбыт, онтон икки оҕоломмуттар. Бу оҕолор төрөппүттэрэ өлөннөр, Кононы, Варвараны таайдара Волков Сэмэн (Аартык Сэмэн) ииппит.
Конон Константинович Конс­тантинов кэргэнэ Афанасьева Александра Егоровналыын оҕолоро: Петр, Никита,Мария 1 (Мыйа), Мария 2 (Сэһэккэй), Николай (Чөрөстүүр).
Варвара Константиновна Конс­тантинова, Никифор Николае­вич Ксенофонтов (Сантаа) 8 оҕо­ломмуттарыттан 4 оҕо хаалан Муҥ­дулуҥдаҕа Балаҕаччыга олорбуттар.
Улахан уоллара Ара­маан сэ­риит­­тэн бааһыран кэлээт, райком­ҥа инструкторынан үлэлии сылдьан, Балаҕаччыттан ийэтин, биир­гэ төрөөбүттэрин ыарахан сут кэмигэр, аччыктаан өлө сыс­пыттарын куоракка киллэрэн өлөр-өлүүттэн быыһаабыт. Быраат­тара иккиэн Бүөтүр диэн­нэрэ, иккиэн атыы – эргиэн үлэһиттэрэ этилэр. Улахана Үөһээ Бүлүүгэ, кыра быраата Мас­таах рабкообугар өр кэмнэргэ үлэлээбиттэрэ. Соҕотох кыыстара Аана типографияҕа наборщиктаа­быта, полиграфия туйгуна, билигин баара буоллар, 100 сааһын туо­луохтаах этэ. Кини ахтыытыттан:
— Мин редакцияҕа 1944 сыллаах­ха техническэй сэкэритээринэн үлэлии киирбитим. Онно «Колхоз суола» хаһыат биир сирэйинэн тахсара. Редакция баара-суоҕа 4 үлэһиттээҕэ: эрэдээктэр — Колесов Роман Николаевич, литературнай сэкэритээр — Афанасьев Данил Прокопьевич (Токоосоп), мин уонна остуорас Иванова Марыына.
Радиокомитекка — Кузнецова Мария Андреевна, дикторынан Протопопова Нина Иннокентьевна үлэлииллэрэ. Нина Иннокентьевна оччолорго педучилищеҕа үөрэнэрэ, киэһэ 7 чаастан диктордыыра. Үлэһиттэр бары уочаратынан ТАСС матырыйаалын киэһэ 10 чаастан ылар этибит, ону хаһыакка таһаарарбыт.
Мин 1945 сыллаахха ыам ыйын 8 күнүгэр үлэбэр кэлбиппэр: «Сэрии олох бүттэ, Берлини ыллыбыт», — диэн аҕыйах строканы эрэ суруттардылар. Оччолорго куораппыт уулуссаларыгар киэһэ 10 чаас кэннэ хаамар киһи суох, дьиэбэр кэлэн, дьоммун уһугуннаран, кэпсээтим. Маннык үлэлии сылдьан, типографияҕа кэлэ-бара каассаҕа илиинэн тала үөрэммитим, Мин ити улэни интэриэһиргиирим иһин Ирина Спиридоновна Павлова үөрэппитэ.
1950 сыллаахха типографияҕа ученик-наборщигынан үлэлии киир­битим. Оччолорго бу тэрилтэни бэчээт үлэтигэр эриллибит, балай да уопутурбут Василий Васильевич Иванов салайара. Аҕыйах хонук үлэлээт, өйдөөбүтүм — сүрдээх эппиэтинэстээх, түүн-күнүс бириэмэни аахсыбакка үлэлиир тэрилтэ буоларын. «Үлэбит чааһа күн киириитэ, күн тахсыыта да бүтэрэ. «Колхоз суола» хаһыат балаһаларын биирдии шрибинэн илиинэн талар этибит. Билигин өйдөөтөххө, харах сытыы­та, илии имигэһэ сүрдээх эбит. Хаһыат тахсарын быыһыгар бланкалары набордуурбут. Хаһыаты илиинэн эрийэн бэчээттииллэрэ, ол сүрдээх ыарахан үлэни Васильев Бүөтүр (Дорообо) уонна Ердашев Прокопий Маркович толороллоро. Кэлин үлэһит элбээбитэ: Кононова Марфа Иевна, Игнатьева Евдокия Ксенофонтовна, Таскина Евдокия Николаевна, Анисимова Анастасия Петровна, Сергеева Вера Сергеевна, Новгородова Наталья Иннокентьевна, Васильев Николай Осипович, Уваров Прокопий, остуорастар: Авилова Мария, Буслаева Мария, бухгалтердар: Иванов Никифор Тихонович, Герасимова Ксенья Васильевна уо.д.а. Дириэктэрбит үлэһиттэригэр олус истиҥ сыһыаннааҕа, эдэрдэри улаханнык өйдүүрэ, уопуттаах наборщиктары биһиэхэ көмөлөһүннэрэрэ. Ол эрэн үлэ чааһын тутуһары, ылыныллыбыт былааны бириэмэтигэр толорору кытаанахтык ирдии­рэ. Ол курдук мин Марфа Иевна Кононоваттан, Прасковья Алексеевна Черепановаттан элбэххэ үөрэммитим. Кэлин бэйэм уопутуран, оччолорго саҥа үлэлээн эрэр эдэркээн кыргыттары: Вера Сергеевна Сергееваны, Анастасия Петровна Анисимованы бу идэҕэ сыһыаран, уһун кэм устата бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбиппит.
Сотору кэминэн Баһылай Баһылаайабыс көмөтүнэн типография сириттэн миэхэ дьиэ туттарга учаастак тыырбыттара. Райком көҥүлэ суох учаастак бэриллибит диэн, дириэктэрбит партия чилиэ­нэ буолан, бюроҕа көрүллэн сэмэлэнэн турар. Ол да буоллар, кини ити сэмэни тулуйан, хаһыат тахсарыгар ханнык баҕарар бириэмэҕэ ыҥыран үлэлэтэригэр усулуобуйа оҥорбутуттан үөрэрэ. Уопсайынан, кини сүрдээх эйэҕэс, кыраттан да үөрүнньэҥ майгылааҕа.
Бу олорон санаан кэллим: 1953 сыллаахха Сталин доруобуйатын туругун күн аайы хаһыакка сырдатарга сорук туруордулар. Хаһыаппыт нэдиэлэҕэ иккитэ тахсар эбит буоллаҕына, аны хас күн аайы бэчээттэниэхтээх. Нүөмэр оҥоһуллан бүтэн эрдэҕинэ, саҥа информация баар диэн бүтүн балаһаны саҥаттан таларга күһэллэрбит. Кумааҕы, кырааска, шрифт ол бириэмэҕэ кырыымчык буолан, дириэктэрбит бэйэтэ Дьокуускайга баран тыырсан, сороҕун ат сыарҕатынан, хаалбытын борохуотунан тиэйэн кэлэрэ.
60-с сылларга оройуон хол­боһуутугар тэрилтэбит Үөһээ-Бүлүүгэ көһөр буолбута. Бу ааспытын кэннэ билигин санаатахха, сүрдээх ыарахан дьыала эбит. Бары даҕаны олус аймаммыппыт, кыһалҕаттан араас тэрилтэлэргэ үлэ көрдөнөн, ким ханна, туох миэстэни булбутунан хас да сыл үлэлээбиппит. Атын оройуоҥҥа биһигиттэн П.А. Черепанова эрэ үлэлии барсыбыта. Аҕыйах сылынан типографияны Бүлүү куоратыгар хаттаан чөлүгэр түһэрэн, урукку коллектив чилиэннэрин хомуйан, Баһылай Баһылаайабыспыт салайыытынан үлэлээн барбыппыт үчүгэй да этэ!
Коллективпыт өссө улаатан-кэҥээн, саҥа бэчээттиир-набордуур массыыналар таҥылланнар, үөрэҕи бүтэрбит эдэркээн оҕолор кэлбиттэрэ, В.Н. Иванова бэчээтинньигинэн, Е.Н. Данилова наборщигынан, Х.Н. Уварова, Л.Г. Титова линотипиһынан үлэлэрин саҕалаабыттара. Дириэктэрдэринэн араас кэмнэргэ үлэлээбиттэрэ: Михаил Иванович Саморцев, Василий Васильевич Дмитриев, Семен Григорьевич Софронов. Ити курдук тэрилтэбит күн бүгүнүгэр диэри бэйэтэ ылыммыт былаанын дириэктэр Лидия Гаврильевна Титова салайыытынан кэмигэр толорон, үлэлии-хамсыы сылдьалларын көрө-истэ олорон сүрдээҕин үөрэбин, астынабын. Бу тэрилтэҕэ үлэлээбит бэтэрээннэри урукку да өттүгэр, билигин да хаһан даҕаны умнубаттар, туох кыалларынан көмөлөһөллөр, өйүүллэр, өйдүүллэр.
Тэрилтэбит историятын өссө дириҥник үөрэтэн, И.С. Павлова, В.В. Иванов, М.И. Саморцев, онтон да атын салайааччылар үлэлээн-хамсаан кэлбит бириэмэлэрин киэҥник сырдатан, оҥорон, кэнэҕэски көлүөнэҕэ хаалларыахтара диэн эрэнэбин.­­

Галина Иванова.