Үҥкүү тэтимигэр уйдаран

Чөл олох. Аҕам саастаах дьон үҥкүү куруһуогар сылдьан улахан доуһуйууну ылаллар, доруобуйаларын да көрүнэллэр

Мин Гарий Викторовичтыын 1979-1982 сс. оройуоннааҕы машино-счетнай станция диэн тэрилтэҕэ бииргэ үлэлээбиппит. Кини онно «техник электронных клавишных машин» диэн ставкаҕа үлэлиир этэ, мин операторынан, кэлин инженеринэн үлэлээбитим.

Тэрилтэбит ити “Вилюит” дьиэтин аҥаарыгар баара. РМСС ка теннис остуола баара, онно эбиэт кэмигэр эбэтэр үлэ аҕыйах кэмигэр үлэһиттэр уочараттаан оонньуур этибит. Ол саҕана Гарий Викторович дьикти быһыылаах ракеткатын көрөн сөхпүтүм. Ракеткатын бэйэтэ толкуйдаан оҥостор эбит, ол курдук араас тэриллэри бэйэтэ уларытан оҥорор этэ: от охсор хотуурун, билисипиэтин иннигэр, кэннигэр корзиналаан иҥин оҥосторо, ону мэлдьи соһуйа, дьиктиргии көрөөччүбүт.

Кэлин Гарий Викторович «Старинные танцы» куруһуогар сылдьан, үҥкүүлүү үөрэммитим, Биһиги, саастаах эбээлэрмустан,  маннык үҥкүүлүүрбүтүн олус сөбүлүүбүт. Өрөбүл аайы Гарий Викторович биһиэхэ араас үҥкүүлэри үөрэтэн, музыканан сөпкө хамсанары көрдөрөн, бииргэ алтыһан, күлэ-үөрэ кэпсэтэн астына сылдьабыт.

Бу күһүҥҥүттэн мин аны теннис дьарыгар сырыттым, манна Гарий Викторович теннис техникэтигэр эрэ буолбакка, бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаах сыһыаҥҥа, бииргэ оонньуур партнерга болҕомтолоох буоларга. Бу дьарык барыта босхо ыытыллар, элбэх киһи кэлэн дьарыктанан, астынан барар. Олох саҥа оонньуур дьон эмиэ кэлэр.

Саастаах дьон бииргэ кэлэн спордунан, үҥкүүнэн дьарыктанан, доруобуйабытын көннөрөн, үөрэ-көтө кэпсэтэ кэлэр кулууппут курдук буолла. Маны тэрийбит Гарий Викторович Томскайга улахан махталбытын тириэрдэбит. Чөл-чэгиэн туругу баҕарабыт.

Кыыдаана Дранаева.

Салгыы Гарий Викторович ыытар дьарыгар сылдьааччылар санааларын үллэстэллэр

Марфа Егоровна Константинова: — Чөл олоҕу пропагандалааччы Томскай Гарий Викторович уонтан тахса сыл устата урукку бальнай үҥкүүлэри сөбүлүүр дьоҥҥо бэйэтин  баҕатынан, туох да төлөбүрэ суох куруһуок тэрийэн, нэдиэлэни  көтүппэккэ дьарыктыыр. Биһиги, сокуоннай сынньалаҥҥа олорор дьон, бу дьарыкка сылдьан, үчүгэй музыканан хамсанан-имсэнэн, араас үҥкүүлэргэ үөрэнэн олус улахан дуоһуйууну ылабыт, дууһалыын сынньанабыт. Культура үлэһиттэрэ маннык энтузиаст дьоҥҥо утары баран саатар дьарыктанар миэстэни хаарчаҕа суох аныахтарын наада. Урут улахан эрэйинэн кинотеатрга, Олоҥхо дьиэтигэр дьарыктаабыта, быйыл культура сайдыытын оройоуннааҕы киинин  салайааччылара М. Н.Жирков аатынан Дыбарыаска миэстэ биэрэн, өрөбүл аайы 3чаастан үөрэ-көтө дьарыктанабыт. Биһиги Гарий Викторовичка барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Клавдия Ивановна Софронеева: — Гарий Викторович биһигини үҥкүүгэ хайдах туттарга, музыканы сатаан истэргэ үөрэтэр. Бары дьарыкка үөрэ -көтө кэлэбит, хаһан буоларын кэтэһэбит. Кини үөрэтэр үҥкүүлэрин дуоһуйа үҥкүүлүүбүт. Гарий Викторовичка улахан махталлаахпыт.

Маргарита Ивановна Захарова: — Биһигини, ханнык да түмсүүгэ ылбат дьону, үнкүүлэтэн абыраата. Ол иһин үнкүүбүт буоларын наһаа кэтэһэбит. Гарий Викторовичка улахан махталбытын биллэрэбит. Үҥкүүгэ кэлэн кэпсэтэн, күлэн-үөрэн да барарбыт учугэй.

Дария Саввична Васильева: — Гарий Викторович “Старинные танцы” куруһуогун таһынан, теннис куруһуогун тэрийбитэ. Кини дьон-сэргэ туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллан дьарыктыырыгар улахан махталбытын этэбит. Дьолу-соргуну баҕарабыт.

Тамара Федорова: — Былырыын бэс ыйыгар Мэҥэ Хаҥаласка Орто дойдуга улуустар  икки ардыларыгар ыытыллар культурнай-спортивнай фестиваль буолбута. Онно омук дойдуларын үнкүүтүн толоруу баар этэ, Бүлүү улууһугар греческэй үҥкүү — сиртаки тубэспитэ, бэрэссэдээтэлбит Гарий Викторовиһы көрдөспүтүн быһа гыммакка дьарыктаабыта.

Мин эппит бириэмэтигэр Олоҥхо дьиэтигэр тиийбитим, аҕам саастаах кыргыттар үнкүүлүү кэлбиттэр этэ. Гарий Викторович дьонугар миигин билиһиннэрдэ, бу доруобуйаларынан хааччахтаах дьон сотору Орто дойдуга үнкүү фестивалигар кытта бараллар, үксүлэрэ эдэрдэр, миигин кинилэр үҥкүүлэрин көр диэтэ. Кыргыттар араас үҥкүүнү үчүгэй баҕайытык үҥкүүлээн тэлээрдилэр ээ. Үҥкүү кэнниттэн, бу манна хайдах киирэллэрин Гарий Викторовичтан ыйыттым. Онно кини үҥкүүлүөххүн баҕарар буоллаххына суруйуом диэтэ, мин үөрүүбүн кытта суруттаран киирдим. Ол күнтэн ыла “Старинные танцы” группатыгар араас үҥкүүнү үҥкүүлэһэ сылдьабын, кыра кылааска сылдьан хореография оскуолатыгар үөрэммит киһи диэн баҕа санаам туолла диэн үөрэ- көтө сылдьабын. Соторутааҕыта инбэлииттэр декадаларыгар “Старинные танцы” үнкүүһүттэрэ улахан сыанаҕа бастакытын тахсан, эҕэрдэлээн үнкүүлээн бары астыммыттара, өссө нүөмэр наада диэбиттэрин истэн Гарий Викторовиһы кытта кэпсэтэн, испииһэккэ киллэртэрбиппит.

Гарий Викторович олох энтузиаст киһи, урукку үнкүүлэри дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатара наһаа үчүгэй, үнкүү киһиэхэ имигэс буоларга, доруобуйаҕа уонна саастаах дьон бэйэ бэйэлэрин кытта алтыһалларыгар, сэргэхсийэллэригэр туһалаах. Өссө туспа үнкүүлүүр дьиэлээхпит буоллар бэрт буолуо этэ. Итини таһынан теннис куруһуогун салайар, онно эмиэ сорохтор дьарыктанабыт, үҥкүүнү, спорду тэҥҥэ тутар дьон буолабыт. Бу барыта Гарий Викторович үтүөтэ.

Онон Гарий Викторовичка урукку үнкүүнү сайыннара сылдьарыгар улахан махталбын тиэрдэбин уонна бу урукку үнкүүлэр умнуллубаттарын курдук көлүөнэттэн көлүөлэнэҕэ эстафета курдук бэриллэ турарыгар баҕа санаабын этэбин.

Дария Михайловна: — Мин 2020 сылтан “Старинные танцы” куруһуогар сылдьабын, Гарий Викторовичка улахан махталбын тиэрдэбин,  кытаанах доруобуйаны, өссө да этэҥҥэ маннык үлэлии сылдьарыгар багарабын. Мин үлэлиир буоламмын дэҥ сылдьабын. Маннык  үлэлиир  дьоҥҥо культура управлениетын өттүттэн финансовай көмө көрүллэрэ буоллар диэн баҕа   санаалаахпын.

Лидия Иннокентьева: — Урукку үҥкүүлэри үөрэтэн уонна аныгы түргэн музыканан хамсанан, эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка, психологическай уонна эмоциальнай турукпут бөҕөргөөтө. Быйыл сыанаҕа тахсан икки үҥкүүнэн сүрэхтэнэн турабыт. Расторгуевскай балга кыттаҕыт диэн эппиттэригэр репетицияҕа бэлэмнэнэн, хамсаныыбытын чочуйдубут. Киэҥ саалаҕа үҥкүүлээн дуоһуйдубут. Аҕам саастаахтарга аналлаах спартакиадаҕа о.д.а тэрээһиннэргэ кыахпытынан кыттабыт.

Надежда Анисимова бэлэмнээтэ.

Читайте дальше