«Үрдүк сулустарга айан» Поэт, суруналыыс Макар Мыла төрөөбүтэ 80 сылыгар

Саҥа Дьыл иннинэ Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар поэт, журналист, көхтөөх общественник Василий Павлов – Макар Мыла төрөөбүтэ 80 сылыгар анаммыт  бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.

Макар Мыла кэнники 30-ча сыл устата «Саха” НКИХ Бүлүүтээҕи салаатыгар ситиһиилээх үлэлээбитэ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “Саха” НКИХ туйгуна буола үүммүтэ, сыралаах үлэтэ республика биир сүрүн наҕараадатынан — «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Алтыспыт дьон, кини мэлдьи кырдьык туһугар туруулаһарын, туруу үлэһитин, дьиэ кэргэн тапталлаах аҕа баһылыгын, хомоҕой тыллаах поэт быһыытынан үрдүктүк сыаналыы ахталлар. Кун бастакы аҥарыгар Музей дьиэтигэр Василий Павловка – Макар Мылаҕа аналлаах стендэни аһыы үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.

Мустубут дьону нэһилиэк баһылыга Иван Зыков эҕэрдэлээтэ, ыалдьыттар бу кэнниттэн нэһилиэк аатырар үс геройун пааматынньыктарыгар тыыннаах сибэкки дьөрбөтун уурдулар.

Киэһэтин оскуола дьиэтигэр (директор Ирина Кычкина) «Төрүт сирбэр сүгүрүйэбин» диэн ааттаах истиҥ-иһирэх,  литературнай ахтыы киэһэтэ буолан ааста.

СР Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култуураҕа министиэристибэтин «Бастыҥ үлэ иһин” бэлиэ хаһаайына, СР култуураҕа, телевидениянан, радионан биэриилэргэ туйгуна, “Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Тарас Лукич Тарасов – Тускул:

Мин Саха араадьыйатын директорынан – “Саха” НКИХ вице-президенинэн 1998 сылтан ананан үлэлии киириэхпиттэн улуустааҕы араадьыйа общественнай корреспонденнарын кытта бииргэ үлэлээн саҕалаабыппыт. Бу кэмнэргэ улуус коресспонденнара улуустан хамнастанан үлэлииллэр этэ. Онтон 1999 сыллаахтан ыла хас улуус аайы “Саха” НКИХ филиалларын тэрийбиппит, онон улуус кореспонденнара биһигиттэн хамнастанар буолбуттара. Улуус коресспонденнара диэн улуус сонуннарын барытын мунньан республика араадьыйатыгар күн ахсын таһаарар эппиэтинэстээх үлэһиттэр буолаллар. Улуус аайы үгүстэрэ бэйэлэрин оннуларын булбут үлэһиттэр этилэр.Ол курдук Сунтаар — Марта Николаева, Таатта  — Анастасия Морхоева, ҮөҺээ Бүлүү — Марта Силигиянова, Абый — Христина Хабарова, Майа — Зоя Герасимова, Покровскай — Николай Борисов, Муома -Раиса Былбанаева, Орто Халыма — Акулина Колесова, Чурапчы — Сэмэн Тумат, Верхоянскай — Альбина Павлова, Өймөкөөн — Лена Потоцкая уонна да атыттар олус үчүгэйдик үлэлииллэр этэ.

Мин Макар Мыланы кытта өссө эрдэ Ньурбаҕа Георгий Борисов Ньурба оройуонун хаһыатын кылаабынай редакторынан олорор кэмигэр Бүлүү эҥэр улуустар главнай редактордарын, редактордарын мунньан семинар кэмигэр миигин ыҥыран: “Бу — Саха араадьыйатын саҥа директора”, — диэн билиһиннэрбитэ, онно улуус редактордарын кытта билсибитим, олор истэригэр Макаар Мыла баара. Дьэ бу кэмтэн бииргэ үлэлээн барбыппыт. Василий Васильевич сүрдээх үлэһит, олус судургу киһи этэ, санаабытын барытын этэ, туруорса сатыыр этэ. Мин олох хойуккааҥҥа дылы Макар диэн ааттыы сылдьыбытым кэлин Василий Васильевич буоларын билэн баран олус соһуйбутум.

Василий Васильевич олус чиэһинэй, баары тута сирэйгэ этэр майгылаах этэ. Ол иһин буолуо, улууһун салайааччыларын кытары улаханнык тапсыбат этэ, итэҕэс — быһаҕас элбэх буоллаҕа, ону булан сонуҥҥа таһаарарын улуус салайааччылара сөбүлээбэттэр этэ. Мин хаста да итинник түгэннэргэ түбэһэн турабын, ол гынан баран хайа үлэлээн бүтүөр диэри кинини көмүскэһэн, араҥаччылаан кэлбитим, ону бэйэтэ билэр этэ, ол иһин наһаа тосту туора хамсаммат этэ. Улуус кореспонденнарыгар баара-суоҕа 1 мүнүүтэ, муҥутаан уһаатаҕына 1 мүнүүтэ 20 сөкүүндэ буолар бириэмэ бэриллэр. Бу кылгас кэмҥэ улуус информациятын барытын батарыахтаахтар. Василий Васильевич олус холкутук бу бэриллибит бириэмэҕэ сонунун барытын батарар этэ. Элбэхтик командировкаҕа сылдьан көрсөр этибит, онно Бүлүүгэ тиийдэрбин эрэ, тиийиэхпиттэн барыахпар диэри, наар көрсөн арыаллаан тахсар этэ, киһи быһыытынан сыһыаммыт наһаа үчүгэй этэ.

Төрөөбүт дойдутугар Хаптаҕайга Василий Васильевич 80 сыллаах үбүлүөйүн наһаа үчүгэйдик бэлиэтээтилэр. Манна бииргэ үөрэммит, үлэлээбит доҕотторо, аймахтара мустан олус үчүгэй төгүрүк остуол тэрийэн, ахтан-санаан аастыбыт. Урукку уһуллубут көрсүһүүлэри, бэйэтин интервьютын истэн, хайдах эрэ бэйэтэ баарын курдук санаатыбыт. Библиотека үлэһиттэрэ Надежда Дмитриева уонна Марина Васильева сценарийын наһаа табан суруйбуттар, ханнык баҕарар тэрээһин сценарийыттан тутулуктаах буолар. Маны барытын ис хоһоонун киэҥник арыйдылар, манна эбии оскуола иһинэн үлэлиир телестудия салайааччыта Нина Яковлева элбэх архыып матырыйааллаах буолан, ону экраҥҥа көрдөрөн, киэһэни олус тупсарда. Хаптаҕай нэһилиэгин дьаһалтатыгар махтаныахпытын баҕарабыт маннык биир дойдулаахтарын чиэстии, үйэтитэ туралларыгар.

Василий Васильевич аата, үлэлээн-хамсаан ааспыт олоҕо, Саха Сирин араадьыйатыгар кини саҥарбыт саҥата көмүс фондаҕа уурулла сытар, ону таһынан кини араадьыйа үбүлүөйүнэй кинигэлэригэр эмиэ киирэн турар. Норуот маннык муударай этиитэ баар: “Ханнык баҕарар салаайааччы кэннин хайыһан көрөр буоллаҕына, инникилээх салайааччы, бэйэтин кэмин эрэ билинэр буоллаҕына инникитэ суох салайааччы”, — диэн. Онон саҥа үлэлээн эрэр Хаптаҕай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгар Иван Зыковка бу Василий Васильевыһы үйэтитиигэ ыыппыт үлэтин иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит, баҕарыа этибит өссө да таһаарыылаах үлэни, дьолу-соргуну!

Бу иннинэ, сайын, Баһылай Павлов – Макар Мыла төрөөбүтэ 80 сылынан  «Тэтим» — Саха араадьыйатыгар «Ретро час» диэн ааспыт кэмнээҕи ырыалар тустарынан биэрии сахалыы «Сарыал» диэн түһүмэҕэр бэрт киэҥ сэҥээриини ылбыт биэрии аһаҕас эпииргэ буолан ааспыта. Биэрии ааптара, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, ТВ уонна Радио туйгуна бэлиэлээх Валентина Петрова:

— 2000 сылтан ыла Арассыыйа суруналыыстарын Союһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тэлэбиидэньэтин уонна Араадьыйатын туйгуна Павлов Василий Васильевич — Макар Мыла туһунан, кини орто дойдуга хаалларбыт айымньыларыгар «Көй санаа тыалыгар уйдаран», «Алтан сэргэ» эйэҕэс кэпсээннэригэр сигэнэн, «Ситтэрбэтэх ыра санаа» сайаҕас тылларынан салайтаран, «Үрдүк сулустарга айан» диэн ахтыы-кэпсэтиини араадьыйа аһаҕас эпииригэр ыытан, дойдутун дьонун түмэн турардаахпыт.

Мин, редактор быһыытынан, итиэннэ аһаҕас эпиир режиссера Мария Новгородова буолан, эрдэттэн бэлэмнээн, хоһооннорун бэрийэн, ырыаларын түмэн, чугас аймах уонна бииргэ үлэлээбит дьонун ыҥыран, ити биэриини ыыппыппыт. Аһаҕас эпиирбит биир күндү түгэнинэн буолбута- Макар Мыла олоҕун аргыһа,  оҕолорун ийэлэрэ, сиэннэрин эбэлэрэ, медицина эйгэтин бэтэрээнэ, Бүлүү куоратыттан эпииргэ кыттаары айаннаан кэлбит Надежда Ивановна. Кини хас биирдии истээччини долгутар ахтыыта олус күндү, истиҥ этэ.

Студия ыалдьыттарынан Макар Мыла аймаҕа, СӨ-тин үөрэхтээһиҥҥэ туйгуна, олохтоох меценат Егоровтар дьиэ кэргэн аатынан Бириэмийэ лауреата, ветеран-педагог Валентина Ивановна Соломонова кыттыыны ылбыта. Макар Мыла үрдүкү кылаастарга уонна аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан суруйбут хоһоонноругар Саха сиригэр биллиилээх мелодистара Валерий Ноев «Тугутчаан», Галина Шахурдина «Эн буолууй», итиэннэ Владимир Васильев «Сурук» диэн хоһоонноругар олус табыллыбыт, ис киирбэх ырыа айбыттара бүгүҥҥү күҥҥэ диэри ылланар. Итини сэргэ, дойдуга бэриниилээх, сүрэхтэринэн истиҥ иэйиилээх дьону кытта бииргэ алтыһан Хаптаҕай нэһилиэгин Гимнэ буолбут ырыаны айбыттара: олор истэригэр Макар Мыла, СӨ-тин үөрэхтээһиҥҥэ үтүөлээх үлэһитэ Владимир Орлов, музыка учуутала Виктор Степанов курдук дьиҥ үтүө дьон бииргэ алтыһан, айымньылаахтык үлэлээбиттэрин түмүгэ этэ.

Биэриибитигэр Макар Мыла оҕо сааһын доҕоро, Бочуот знага орден кавалера, тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Хаптаҕай нэһилиэгин ытык олохтооҕо Алексеев Михаил Петрович микрофоҥҥа истиҥ тыллары доҕоругар анаабыта, сэрии кэминээҕи оҕо буолан улааппытын туһунан долгуйа ахтыбыта. Ити курдук, Саха араадьыйатын суруналыыстара, редактордара урукку кэмнэргэ үлэлээн ааспыт киэҥ туттар араадьыйа ветераннарын ахта-саныы сылдьыахпыт диэн бу иһирэх биэриилэри араадьыйа эпииригэр иһитиннэрэ туруохпут, иһирэх санаалаах истээччилэрбит кыттан, күүс-көмө буолуохтара диэн, эрэнэбит.

«Якутия24” телеханаал радионан сонуннарыгар шеф-редактора,  республика телевидениенэн уонна араадьыйанан биэриигэ туйгуна Жанна Иванова:

— Саха араадьыйатыгар үлэлээбитим 30-тан тахса сылын тухары үгүс киһини кытта алтыстым. Кинилэр ортолоругар өр сылларга олус табыллан, тапсан бииргэ үлэлээбит дьонум ортотугар Бүлүүттэн саха араадьыйатын сонуннарыгар корреспонденнаабыт Баһылай Павловы-Макар Мыланы ааттыыбын. Эн-мин дэһэн биһиги Баһылайдыын, кини  хам-түм Дьокуускайга кэлэн бардаҕына, олус истиҥник көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн, астынан арахсар этибит. Араадьыйа үбүлүөйүгэр сөп түбэһиннэрэн, общественнай корреспонденары ыҥыран, оччолорго биһиги эрэдээксийэ көрсүһүү тэрийбиппит. Онно бэйэбит хас да хайысханан “бастыҥ” диэн  аат толкуйдаан, сэмэй бириис, дьупулуом олохтообуппут. Арай ол “бастыҥ” диэн ааппытыгар наар Баһылай түбэһиэх курдук. Ону толкуйдаан, аттаран, кини икки хайысханан бастыҥ буолбута.

Макар Мыла Бүлүүттэн араадьыйанан кэпсиир-ипсиир сонунун бука үгүс истээччи бэлиэтээбит буолуохтаах. Баһылай матырыйаала барыта дириҥ хорутуулаах, олох-дьаһах кыһалҕатын таарыйар, итэҕэһи-быһаҕаһы ыйар хабааннаах этэ. Онон биһиги биэриилэрбитигэр былдьаһа-былдьаһа ылар этибит. Сороҕор бобуу-хаайыы баар да буоллар, ханан эмэ эргитэн эпииргэ биэрбиппит эрэ баар буолар этэ. Биһигини кытта үлэлээбитин тухары, Баһылай дойдутун – Бүлүү улууһун туһунан сырдатан, кэпсээн аҕай биэрбитэ. Онон дьоно-сэргэтэ да киниэхэ махталлаах буолуохтаах диэн бүк эрэнэ саныыбын. Биир бэйэм кини курдук дьоһун киһини кытта хас эмэ сыл бииргэ үлэлээн, алтыһан ааспыппыттан улаханнык астынабын, ахтан-санаан ылабын.

Валентина Соломонова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, меценат Егоровтар дьиэ кэргэн лауреата, сыана бэтэрээнэ, Анастасия Васильевна Соломонова, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Хаптаҕай землячествотын салайааччыта:

— Нуучча Ньукуускаттан (Николай Макарович Павлов) биир төрүттээх аҕа саастаах убайбыт Василий Васильевич Павлов — Макар Мыла 80 сааһын төрөөбүт дойдутугар бэлиэтиир тэрээһин, ыалдьыттарбыт эппиттэрин курдук, үрдүк таһымнаах, дириҥ ис хоһоонноох, истиҥ-иһирэх буолан ааспытыттан сүрдээҕин астынныбыт.Бииргэ улэлээбит дьоно Тарас Тарасов — Тускул, Борис Гоголев кэлэн тэрээһин таһымын үрдэттилэр, ону тэҥэ Татьяна Потапова — Татыйык Мыла (Россия норуотун учуутала Виктор Потапов кэргэнэ), 1-кы Хаптаҕай нэһилиэгэр, Мыла үрэх үрдүгэр турар Тыараһа сайылыкка төрөөбүт. Иван Иванович Кононов, авиация бэтэрээнэ, Валентина Константиновна Бурнашева (Мэҥэҕэ салайар үлэҕэ өр сыл үлэлээбит), Ефимов Петр Егорович, Хаптаҕайтан төрүттээх, Макар Мыла хоһоонноругар Култуура эстафетатын лауреата, сыана бэтэрээнэ, Макар Николаевич Павловтан биир төрүттээх аймахтарбыт учууталлар учууталлара Светлана Егоровна Аргунова (Павлова), Майя Галактионовна Аргунова, республикатааҕы «Лига отцов» общественнай тэрилтэ эппиэттээх сэкэритээрэ, Иван Павлович Федоров — Чыамайыкы Баанньа, Саха республикатын тутуунун үтүөлээх улэһитэ, кырдьаҕас убайбыт Афанасий Михайлович Васильев, Макар Мыла быраатын Уйбаан кыыһа Татьяна Ивановна, Василий Дмитриевич Окороковтар (Гордость Якутии номинация хаһаайына, Майа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо) убайдарын сырдык аатыгар сүгүрүйэн, ыалдьыттаан барбыттара олус үөрүүлээх. Хаптаҕай нэһилиэгин баһылыга Иван Прокопьевич Зыков, дьаһалта, кулууп, музей  улэһиттэрэ, оскуола кэлэктиибэ,  «Иэйии» түмсүү Екатерина Романовна Гаврильева салайааччылаах, «Сандаара» ырыа бөлөҕө Прасковья Афанасьевна Давыдова салайааччылаах, ону тэҥэ хоһоон куонкурсун кыайыылаахтара тэрээһини киэргэттилэр. Тэрийэр хамыыһыйаҕа уонна тэрээьин кыттыылаахтарыгар барҕа махтал буоллун! Саҥаспытыгар, Надежда Ивановнаҕа улуус баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов  Махтал суруга туттарылынна. Аймахтарбыт Санкт -Петербургтан Наталья Николаевна Антонова, бырааттарбыт Айсен Дьокуускайтан, Саша АХШ-тан, балтыбыт Таня Германияттан, Иван Павлов кыыһа Ирина Ивановна, АЛРОСА бэтэрээнэ Москваттан видео эҕэрдэлэрэ кэлэн үөртэ. Бу тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии бу сайын  НВК-ҕа биир чаастаах эфиртэн саҕаламмыта, онно редактор Валентина Петрова  саҥаспытын Надежда Ивановнаны, Тарасов Тарас Лукиһы, Жанна Иванованы, Борис Гоголевы, аймахтартан Валентина Соломонованы мунньан олус үчүгэй биэриини ыыппыта Бу тэрээһиҥҥэ аймахтарбыт бары көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар барҕа махтал, чуолаан, Ирина Владимировна Кычкинаҕа, оскуолабыт дириэктэригэр Иванна Ивановна Ефимоваҕа, оскуолабыт завуһугар, убайдарбар, бырааттарбар, Афанасий Дмитриевич, Дмитрий Дмитриевич Павловтарга, кийииттэрбитигэр, саҥастарбытыгар Ольга Михайловнаҕа, Вера Егоровнаҕа, балтыбытыгар, эдьиийбитигэр Туяра Владимировна Яковлеваҕа, Анна Александровна Павловаҕа,  бырааппытыгар Юра Павловка, Саха Республикатын оҕолорун сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр, Республикатааҕы «Басхан» уонна «Молодой Лидер Якутии» курэх кыайыылааҕар . Инникитин да бары көхтөөх, түмсүүлээх буолуохха, Павловтар үтүө ааттарын уйэтитиэххэ, ону тэҥэ маннык тэрээһиннэр оҕолорбутугар, үүнэр ыччакка үтүө холобур, төрөөбүт төрүт сирбитин  ытыктыыр буоларга үөрэтэрин өйдүөххэ. Историяны билэр киһи, норуот инникилээх буолар диэн мээнэҕэ эппэттэр.

Туомтуу баайыы: “Киһи олоҕо – кини дьонугар-сэргэтигэр сыһыанынан, норуотугар оҥорбут үтүөтүнэн сыаналанар. Өрүү үтүө тылларынан, сылаастык ахтыллар киһи, ол аата кини бу сирдээҕи аналын толору толорбут киһи. Василий Васильевич Павлов – Макар Мыла аата-суола эмиэ өрүү ахтылла туруо диэн туран бу ахтыы-сэһэммитин түмүктүүбүт.

Борис Гоголев. 2024 сыл.

Читайте дальше