Бүлүүгэ 13 саастаах ырыаһыт Альберт Алексеев айар киэһэтэ ааста

Сэтинньи 16 күнүгэр М.Н.Жирков аатынан култуура Дыбарыаһыгар бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста — Тыымпыттан төрүттээх, Бүлүүтээҕи Н.С. Степанов аатынан 3 нүөмэрдээх оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ Альберт Алексеев айар киэһэтэ музыканы сэҥээрээччилэри, кэрэни кэрэхсээччилэри сааланы толору  муста.

«Ырыа куттаах Тыымпы» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Сахабыт эстрадатын элбэх чаҕылхай сулустара бу кыра нэһилиэктэн төрүттээхтэр. Утумнарын быспакка саҥаттан саҥа кэрэ куоластаах ырыаһыттар тахсан иһэллэрэ үөрдэр, сөхтөрөр. Альберт эмиэ кыратыттан ырыаны доҕор оҥостубут уол буолан, олус элбэх ситиһиилэрдээх эбит. Ол курдук бүтүн Россиятааҕы «Северная звезда»,  өрөспүүбүлүкэтээҕи «Таланты земли Олонхо», «Музыкальный эрудит»,  «Нотки радости», «Ыллаа-туой, уол оҕо», «Уол оҕо — норуот кэскилэ», «Бу орто дойдуга ыллаары кэлбитим» уонна да атын күрэхтэргэ Гран-при хаһаайыннара, 1 истиэпэннээх лауреаттара. Бу аҥардас бүтэһик сылларга кыттыбыт күрэхтэрин түмүктэрэ.

Кэнсиэр Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас сылларыгар анаан, ону тэҥэ «Музыка барыбытыгар» бырайык чэрчитинэн ыытылынна. Манна Альберт доҕотторо, учууталлара, аҕатын табаарыстара, саха эстрадатын сулуһа Майя Сергина, Марк Жирков аатынан оҕо искусствотын  оскуолатын инструментальнай оркестра кыттыыны ыллылар. Кэнсиэр биир тыынынан ааста. Хас биирдии нүөмэр көрөөччү биһирэбилин ылла.

Альберт тус олоҕун туһунан этэр буоллахха, кини Алексеевтар эдэр ыал бастакы оҕолорунан 2011 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр күн сирин көрбүт. Ийэтэ да, аҕата да музыканы, ырыаны кытта олус чугас ситимнээхтэр эбит. Аҕата Семен Алексеев Тыымпы эр дьонун ансаабылыгар, «Сулус суһума» ырыа бөлөҕөр көхтөөх кыттыыны ылар, элбэх тэрээһиннэри киэргэтэр, күрэхтэргэ миэстэлэһэр талааннаах ырыаһыт, хомойуох иһин, күөгэйэр күнүгэр сылдьан сирдээҕи олохтон туораабыт. Кини ситэри олорботох олоҕун уолаттара салгыахтара диэн бу күн элбэх тыл этилиннэ. Альберт бу күн аҕатыгар анаммыт ырыаны истиҥник толорон дьон сүрэҕин долгутта.

Альберт ийэтэ  Диана Алексеева үрдүк сыанаттан кэнсиэр тэриллэригэр көмө буолбут тэрийээччилэргэ махтал тылларын эттэ. Ону тэҥэ уола ырыаҕа дьоҕурдааҕын отой кыра сааһыттан бэлиэтии көрбүт, уола сылдьыбыт оҕо уһуйаанын иитээччилэригэр эмиэ махтанна, үөрэрин-астынарын биллэрдэ. Билигин Алигы ырыаҕа үөрэтэр уһуйааччытыгар Матрена Сивцеваҕа эмиэ сибэкки дьөрбөтүн туттаран сылаас тыллары анаата.

Бу киэһэ эдэр ырыаһыты элбэх киһи эҕэрдэлээтэ, талааныгар сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр.

Бу маннык айылҕаттан талааннаах оҕолор тахсан иһэллэрэ үөрдэр. Альберт Алексеев көмүс куолаһын харыстаан, инникитин өссө да элбэх ситиһиилэрдээх, биллэр-көстөр ырыаһыт буоллун, дьонун аатын ааттата сырыттын диэн сахалыы сэмэйдик сэрэнэн алҕаатахпыт буолуохтун!

Василина Татаринова.

Читайте дальше