Олунньу 19 күнүгэр Тыымпыга дьоро күн үүннэ. Ол курдук Иннокентий Боронов аатынан «Ырыа түһүлгэтэ” култуура киинэ сырдык, сылаас, аныгылыы тутуулаах саҥа дьиэлэннэ.
Ырыа куттаах Тыымпы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэр, манна биллиилээх олоҥхоһуттар, саха эстрадатын үгүс сулустара төрөөбүттэрэ, онон култуура биһигэ буолбут нэһилиэккэ саҥа кулууп арыллара ордук оруннаах, дириҥ суолталаах. Кулууп Российскай Федерация “Култуура” национальнай бырагырааматын федеральнай бырайыагынан тутулунна.
Үөрүүлээх тэрээһин саҕаланыытыгар генеральнай бэдэрээччик, «СахаСтрой» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ дириэктэрэ Артур Гаврильевич Антонов култуура саҥа дьиэтин Мэҥэ күлүүһүн култуура киинин дириэктэригэр Дарима Викторовна Федороваҕа дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолунан туттарда.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Иванович Ноев нэһилиэк олохтоохторун эҕэрдэлээн туран: “Кыра нэһилиэккэ аныгылыы оҥоһуулаах, уоттаах-күөстээх бэртээхэй кулууп дьэндэйэн тахсыбыта Россия Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев култуураҕа, дьон сайдыытыгар улахан болҕомтону ууралларын бэлиэтэ буолар. Кэнники түөрт сылга “Култуура” национальнай бырайыагынан биэс кулууп, ол иһигэр иккитэ Бүлүү улууһугар үлэҕэ киирдилэр. Бүлүү улууһугар улуус баһылыгын, улуус депутаттарын быһаарыыларынан, бэйэлэрин үптэринэн-харчыларынан култуура сайдыытыгар, кэлэр кэскилгэ анаан элбэх эбийиэктэри арыйдылар, ону өйөөн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата, Култуура министиэристибэтэ бу икки нэһилиэккэ култуура дьиэлэрэ тутуллалларыгар быһаарыы ылбыта. Инникитин даҕаны маннык бэлиитикэни ыытар бигэ санаалаахпыт”,- диэн эттэ. Афанасий Иванович саҥа кулуупка көстүүм тигиитигэр уонна аппаратура ылыныыга диэн анаан 100 т. солк. уонна 700 тыһ. солк. сертификаттары туттарда.
Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Николаевич Винокуров Тыымпы нэһилиэгэ Саха сирин култууратын сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах нэһилиэк буоларын тоһоҕолоон туран, нэһилиэк дьонун-сэргэтин бүгүҥҥү историяҕа киирэр суолталаах күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, култуура уонна духуобунас министиэристибэтигэр, тутуу министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспатыгар, “Сахастрой” тэрилтэҕэ, нэһилиэк салалтатыгар уонна бары олохтоохторугар барҕа махталын биллэрдэ.
Бастакы Тоҕус нэһилиэгин баһылыга Акимар Акимович Михайлов саҥа култуура киинин тутуу историятын билиһиннэрдэ. Ол курдук 2019 сыллааҕы үлэ отчуотунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Стручков Алексей Александрович Тыымпыга кэлэ сылдьан маннык элбэх биллиилээх ырыаһыт дойдутугар саҥа кулууп тутуохха наада диэн этии киллэрбит. Улуус баһылыга Сергей Николаевич тутатына өйөөн, бырайыактыыр үлэни үбүлүүбүн диэн бигэргэтэн, илии тутуспуттар. Мантан сиэттэрэн оччотооҕу култуура министирэ Куприянов Юрий Степанович бэйэтэ ылсан элбэх үлэни ыыппыт. Уонна бу үүммүт 2024 сылга бу улахан үлэ ситэриллэн, үтүө түмүктэннэ.
Акимар Акимович нэһилиэк дьонун аатыттан Россия Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путиҥҥа, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатыгар, култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтигэр, улуус салалтатыгар, Оройуон Сэбиэтин депутаттарыгар, тутааччыларга, күүс-көмө буолбут биир дойдулаахтарыгар барҕа махталын тириэртэ.
Үөрүүлээх тэрээһин “Тыымпы дьоро киэһэтэ” эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ, манна уус-уран самодеятельность олохтоох артыыстарын сэргэ, Аскалон Павлов, Байбал Семенов, Екатерина уонна Алексей Егоровтар курдук Тыымпыттан төрүттээх чаҕылхай сулустар кыттыыны ыллылар.
… Саҥа кулууп үлэтэ тигинэччи бара турар, ол курдук бүгүн Тыымпы киинин иһинэн «Сарыада”, “Уйгу” дьахталлар ансаамбыллара, “Дьүрүскэн” эр дьон народнай ансаамбыла, “Дьэрэлэс” көр-күлүү театра, “Чуораанчык” куукула тыйаатыра, “Күбэйэ, “Далбарай” үҥкүү бөлөхтөрө, “Ситим” тыыннаах муусука бөлөҕө, “Көмүлүөк” дьахталлар түмсүүлэрэ, “Чэбдик” успуорт түмсүүтэ, аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ үлэлииллэр. Бу бөлөхтөр, түмсүүлэр өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк тэрээһиннэригэр, араас таһымнаах үрдүк күрэхтэргэ көхтөөхтүк уонна ситиһиилээхтик кытталлар.
Сайдыыбыт, кэскилбит аатыгар,
Сахалыы саргыбыт туһугар
Саҥа дьиэбит уота сандаарда.
Норуоппут талаанын үксэтэ
Күннэтэ кэрэни саҕыаҕа,
Өбүгэбит үгэһин үйэтитэ
Ыҥыра, угуйа туруоҕа!
Изольда Загитова.