Үтүө киһи аата үйэлэри уҥуордуур

Бэс ыйыгар, айылҕа барахсан ситэн-силигилээн турдаҕына, Чочу нэһилиэгэр ыһыах ыһыллар күнүгэр биир бэлиэ күн буолан ааста. Кулууппут тиэргэнигэр элбэх киһи тоҕуоруһа муһунна, ол курдук киэн туттар киһибит Иванов Семен Иннокентьевичка — Чочу Сэмэнигэр мэҥэ бэлиэ пааматынньык аһылынна. Кини культура үтүөлээх  үлэһитэ, оһуохайдьыт, олоҥхоһут, Чочуга народнай театры тэрийбит, улахан дьиэ кэргэн тапталлаах аҕата, эһэтэ, хос эһэтэ.

Биһиги үлэлиир кэммитигэр, сэттэ уонус сылларга, дьон наһаа актыыбынай позициялаах этэ. Кулууп иһэ  куруук толору буолааччы, дэриэбинэ тигинээн олорооччу. Бырааһынньык тэриллэригэр барыта үллэһиллэн, олохтоох үлэһиттэр бука бары кыттар этилэр, кулууп фойетыгар оһуохай, саала иһигэр эдэрдэр үҥкүүлүүр этибит.

Общественнай үлэҕэ оскуола коллектива куруук инники сылдьааччы. Ол да иһин буолуо, Семен Иннокентьевич үөрэппит оҕолоро, киэӊ олоххо тахсан баран, нэһилиэк олоҕор актыыбынайдык кыттыһан барааччылар. Араас  куоталаһыыларга кулууп үлэтэ куруук кыайыылаах буолааччы, бу  барыта Сэмэн Иннокентьевич аа-дьуо сылдьан үлэлээбит улэтин ситиһиитэ буолар диэн бигэтик саныыбын. Оо, дьэ плакат да бөҕө суруйар этэ, сайын агитбригада, “Кыһыл муннуктар”,  көһө сылдьар библиотекалар, саҥа кэлбит хаһыаттары көрдөрүү ыытыллааччы.

Кулууп үлэһиттэригэр сайын уоппуска диэн суох курдуга этэ.

Бу оҥоһуллубут пааматынньыкка араас мастары, сибэккилэри оӄолоро, аймахтара көрөн-истэн үүннэрэллэрэ буоллар, ойуур силигирээн үүннэҕинэ, бэйэтэ сквер буолуо этэ. Маны таһынан, Семён Иннокентьевич олоҥхотун персонажтарын маһынан кыһан оҥорон туруорар киһи, бэйэтэ олоҥхо дойдута буолуо этэ. Оччоҕо ытык киһибит үөһэттэн көрөн, алгыһын ыытан, бар дьонун  арчылыы-алгыстыы олоруо этэ.

Федора Николаева

үлэ  бэтэрээнэ,

Чочу.