Үтүө санаанан салайтаран

Украинаҕа буола турар дойдубутун аймаабыт анал байыаннай эпэрээсийэҕэ суһаллык ыҥырыллан, биир дойдулаахтарбыт баран кытта сылдьаллар, баҕа өттүнэн барааччылар билигин да бааллар.

2022 сыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр анал байыаннай дьа­йыыга сылдьар уолаттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр сыаллаах Бүлүү куоратыгар улуустааҕы көмө оҥорор пуун тэриллибитэ уонна тиһигин быспакка иккис сылбытын үлэлии сылдьабыт. Бу сыллар тухары улуус­путугар, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар элбэх аһымал аахсыйаларга кыттан кэллибит. Уоппускаҕа кэлэ сылдьар, бэйэ­лэрин баҕаларынан барар уолат­тарбытыгар нэһилиэк олохтоохторо, улуус уопсастыбаннай түмсүүлэрин ийэлэрэ, эбээлэрэ, иистэнэр уолаттар илиилэрин сылааһынан тикпит камуфляжнай, плащевай, флисовай көстүүмнэрин, флисовай толстовкалары, балаклавалары, сылаас сэлиэнчиктэри, үтүлүктэри, кэтиинчэлэри, кээн­чэлэри, ардахтан харыстанар пончалары, аптечкалары (толору эмтээх), үс гына арыллар, курдарыгар кэтэ сылдьар олбохтору, сиэлтэн оҥоһуллубут угунньалары, армейскай душтары, уһуннук умайар испиискэлэри, блендажнай чүмэчилэри, араас харысхаллары, кыра дэйбиирдэри уонна да атын утары туттуллар малы-салы, өстөөх хараҕыттан уонна дронтан уолаттарбытын, техниканы харыстыыр, кис­тиир сеткалары өрөн бэлэмнээбиппитин көмө оҥорор пуунтан бэйэлэрэ кэлэн, таҥастарын кэтэн көрөн талан, сорохтор икки көстүүмү, сорохтор үс көстүүмү ылан, барыта 24-28 араас таҥаһы, малы-салы бэйэ­бит тикпит вещмешокпутугар толору уган биэртэлээн ыыта­быт, сорох уолаттар бииргэ сылдьар уолаттарыгар итинник комплегы ылан бараллар. Билигин сиргэ сыталларыгар сылаас буоллун диэн иһигэр фольгированнай пенофоллаах ковриктары тигэн биэрэбит, туттарыллар резинкатыгар “Вилюйский улус вместе с вами” диэн суруктаах.

Бу сылга 100-тэн тахса 8 араас быһыылаах байыаннай көстүүмнэр тигилиннилэр. Кыадаҥдаттан “Күндэли” түмсүү салайааччыта Варвара Чиряева, Бөтүҥтэн “Дьүөгэлэр” түмсүү, салайааччы Сусанна Семенова, “Иис абылаҥа” түмсүү, салайааччы Ирина Афанасьева, Тааһаҕартан “Күбэйэ” түмсүү, салайааччы Акулина Поскачина, Тыымпыттан “Сарыада” түмсүү, салайааччы Мария Унарова, Хампаттан “Чэбдигирии” түмсүү, сала­йааччы Вера Васильева, Бүлүү улууһун дьахталларын Сүбэтэ, бэрэссэдээтэл Мария Прокопьева, Кыргыдайтан “Дайыы” түмсүү, салайааччы Елизавета Наумова, Тылгыныттан урбаанньыт, иистэнньэҥ Иван Прокопьев икки араас 10 көстүүмү бэйэтэ быһан, тигэн, өссө быы­сыбайынан харысхал нашивкалаан ыытта, Бороҕон иистэнньэҥэ Саргылана Каратаева эмиэ көстүүмнэри бэйэтэ быһан, тигэн ыытта, Бүлүүттэн урбаанньыт Валентина Григорьева, Үгүлээттэн киирэн “Күбэйэ” түмсүү салайааччыта Парасковья Афанасьева тигэр көстүүмнэрбитин барытын быһан биэрэн, тиксэн күүстээхтик көмөлөһө сылдьаллар.

Көмө оҥорор пуун үлэһиттэрэ Мария Томская, Елена Сивцева, 1 Күүлэттэн киирэн “Дьүөгэ” түмсүү сала­йааччытын солбуйааччы Валентина Захарова, Жанна Соколова көстүүмнэри, маскировочнай панамалары, вещмешоктары, харысхал мөһөөччүктэрин, ковриктары балаҕаҥҥа тигэбит. “Ытык Сүбэ”, салайааччы Виктор Платонов 9000 солк., ИП Александр Григорьев, Пак Күндүл Маар Уола 15000 харчыны хомуйан биэрбиттэринэн Дьокуускайтан коврик, олбох иһигэр угуллар 2 сантиметр халыҥнаах 2 рулон пенофолу Елена Сивцева атыылаһан, кэргэнин, урбаанньыт Валерий Сивцевы кытары тиэйэн аҕаллылар. Ону таһынан иис­тэнэрбитигэр плащевай, хаки матырыйааллары, фурнитуралары атыыластыбыт.
ИП Александр Григорьев, Пак Күндүл Маар Уола биэрбит палаточнай бириһиэннэринэн Тааһаҕар нэһилиэгин “Күбэйэ” түмсүүтэ 15 вещмешок тикпиттэрин салайааччы Акулина Поскачина киллэрэн туттарда. Ити курдук 2 сылы быһа анал байыаннай дьайыы­га сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө оҥорор пуун үлэһиттэрэ, улуус уопсастыбаннай түмсүүлэрэ, нэһилиэктэр олохтоохторо уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьалларын туһугар араас көмөнү оҥорон, тыылтан көмөлөһө сылдьабыт.
Көмө оҥорор пууммутугар сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри сылдьабыт, эбиэппитигэр барбаппыт. Мария Ивановна Харлампьева көмөлөһөрүн быыһыгар миин буһаран, араас састааптаах котлет, салат оҥорон, сорох күн 20-чэ буолабыт, бары биир дьиэ кэргэн курдук олорон аһыыбыт уонна салгыы үлэлиибит. Иһэр уубутун “Сыа Бүлүү” СХПК тиһигин быспакка хааччыйар, сала­йааччы Алексей Кондратьев. Онтон техническэй уубутун бу сааскыттан Гордей Томскай күн аайы 15-тээх уу емкоһынан аҕалан, Клим Будищев баннербытын ыйаан, сетка оҥорор каркаастары оҥортоон биһигини улаханнык абыраатылар.
Биһиги улууспутуттан анал байыаннай дьайыыга кыттар уолаттарбыт уоппускаларыгар кэлэ сылдьар кэмнэригэр кылгастык кэпсэтэн ыллыбыт.
Уолаттар туохха наадыйалларын эттилэр, хайдах сулууспалыы сылдьалларын кэпсээннэр улаханнык уйадыттылар.
Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэригэр, урбаанньыттарга, нэһилиэк, куорат олохтоохторугар, куруутун көмө оҥорор “Сыа Бүлүү” салайаач­чытыгар Алексей Алексеевичка, Гордей Иннокентьевичка, Клим Петровичка, “Ытык Сүбэҕэ”, салайааччы Виктор Николаевичка, ИП Александр Гаврильевичка, Пак Күндүл Маар Уолугар, итии аһылыгынан аһатар Мария Ивановнаҕа көмө оҥорор пуун үлэһиттэрин аатыттан истиҥ махталбытын тириэрдэбит. Эһиги баар буолаҥҥыт анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар кэмигэр сөптөөх көмө-өйөбүл оҥоһуллар. Уопсай көмөнөн сотору кэминэн Кыайыы кэлиэҕэ, уолаттарбыт төрөөбүт дойдуларыгар, дьиэ кэргэттэригэр этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин кэтэһэбит, эрэнэбит.
Түгэнинэн туһанан, байыаннай дьайыылар бэтэрээннэригэр аналлаах сквер арыллыбытынан уонна анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар көмө оҥорор пуун далбардарын Екатерина Герасимовна Алексееваны, Валентина Афанасьевна Захарованы, Елена Яковлевна Сивцеваны, Валентина Михайловна Кононованы Бүлүү куоратын 390 сыллаах үбүлүөйүнэй бэлиэтинэн наҕараадаламмыттарынан итии­­тик–истиҥник эҕэрдэлиибин.
Инникитин даҕаны кө­мө оҥорор үтүө санааҕыт уҕараабатын, куораппыт өссө чэчирии сайдарарын туһугар бэйэҕит кылааккытын киллэрэ, үлэлээбиккит курдук эрчим­нээхтик үлэлии-хамсыы сылдьыҥ диэн баҕа санаа бастыҥын аныыбын.
Бу күннэргэ маскировочнай сетка оҥоруута саҕаланна.
“Анал байыаннай дьайыы­га сулууспалыыр биир дойдулаахтарбытыгар күүс-көмө буолуоҕуҥ!” диэн Бүлүүбүт улууһун олохтоохторун, иистэнньэҥнэрин Чапаев уулуссатын 20 б нүөмэригэр баар балаҕаҥҥа улуустааҕы көмө оҥорор пууҥҥа ыҥырабыт.

Мария Томская, Бүлүү куоратын бочуоттаах олохтооҕо, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин уонна СВО-ҕа көмө оҥорор пуун салайааччыта.

Читайте дальше