Үлэ Дьоруойа П.Х.Староватов төрөөбүтэ 150 сыллаах үбүлүөйүгэр ананар
Ыстарабаатап учуутал
Ытык Киһи туһунан
Ыччат дьоммор сэһэргии
Ыраас илиискэ тиһэбин.
Устан ааспыт дьылларым
Уорҕаларын арыйан,
Улууканнаах бэйэтин
Уруйдааммын хоһуйдум.
Борохуокка айаннаан,
Бүтэй Бүлүү сиригэр
Боччумнаахай бэйэлээх
Бүөтүр нуучча кэлбитэ.
Үөрэхтээһин суолугар
Үлүмнэһэн турбута,
Хараҥаҕа муммуту
Харахтарын аспыта.
Кылгас саха оҕотун
Оборчоттон ороохтоон,
Кылаассабай охсуһуу
Кылыстарын уһаарта.
Үрүҥ-кыһыл сэриигэ-
Былаас иһин кыргыһыы,
Кутан биэрбит буулдьата
Кыайыылары аҕалта.
Инникини тымтыктыыр
Өркөннүүрэ өйдөөҕө,
Олох сайдыы суолларын
Оҥкулларын оҥорто.
Айылҕалыын алтыһан
Арыйбыта «күн тааһын»,
Сир Ийэ баайдарын
Кистэлэҥин таайбыта.
Оскуолаҕа-мусуойу,
Кинигэҕэ-дьиэни
Түбүк-садьык быыһыгар
Туруорсубут үтүөлээх.
Үөмэн тиийбэт үрдүккэ
Үтүө Киһи дабайта,
Үлэтинэн Дьоруойга
Бастакынан ааттанта.
Сайдыы суолун аартыгын
Арыйбытын аатыгар
Кинигэтин кыбынан
Арай кэллин билигин…
Ачыкылаах, хортуустаах,
Акыллыбыт уҥуохтаах,
Тор курдук бытыктаах,
Торуоскалыыр тайахтаах…
Олус үөрэ долгуйа
Ыччат дьоҥҥо туһаайа
Уу сахалыы ыраастык
Саҥарыаҕа доргуччу:
«Сахам сирэ барахсан
Сайдыытыттан астынным!»
Үөрэх-Үлэ туһатын
Үйэлэргэ өйдөөрүҥ!»
Чулуу Киһи олоҕо,
Умнуллубат үтүөтэ
Кэнчээрилиир ыччакка
Кэпсэллэргэ сылдьыаҕа!
Сахам кэлэр кэскилин
Сарсыҥҥытын түстэспит
Ыстарабаатап учуутал
Айхаллана туруохтун!
Наталья Прокопьева-Алгыстаах Сарыада,
Бүлүү, Бороҕон.