Балаҕан ыйын билгэтэ

Балаҕан ыйын 1 күнэ. Улуу Суорун ыйа. Сырдык аҕыйыыр, хараҥа улаатар кэмэ. 

Балаҕан ыйын 3 күнэ – бу күн күннээх буоллаҕына, үчүгэй күн-дьыл уһуннук туруоҕа.

Балаҕан ыйын 5 күнэ – хаһыҥ түһэр.

Балаҕан ыйын 8 күнэ – сарсыарда дьыбар түстэҕинэ, кыһын эрдэ кэлэр уонна тыйыс тымныылаах буолар.

Балаҕан ыйын 10 күнэ –  Собо күөл кытыытыгар тахсар.

Балаҕан ыйын 13 күнэ – туруйа барар.

Балаҕан ыйын 14 күнэ – Сэмэнэп таҥара. Бу күн былыттаах уонна ардахтаах буоллаҕына, күһүн уһуур.

Балаҕан ыйын 14-21 күнэ – Дьахтар сайына саҕаланар. Бастакы күнэ ыраас, чаҕылхай буоллаҕына – ичигэс күһүн. Силбиктэннэҕинэ – кураан күһүн.

Балаҕан ыйын 19 күнэ – хаар, хаһыҥ түһэр. Үөл кус балаҕан ыйын 30-гар диэри барар.

Балаҕан ыйын 24 күнэ – Ый туолуута. Силбик түһэр.

Балаҕан ыйын 27 күнэ – Кус-хаас үөһэнэн айаннаатаҕына, уһун кураан күһүн буолар.

Балаҕан ыйын 28 күнэ – Хотуттан тыалырдаҕына, тымныы күһүн буолар.

Читайте дальше