Элбэҕи биллибит-көрдүбүт

Бүлүүтээҕи Г.С. Донской аатынан 2- с нүөмэрдээх орто оскуола 4 б кылааһын үөрэнээччилэрэ сайыҥҥы сынньалаҥмытын соҕуруу куораттарга, лааҕырдарга, от үлэтигэр олус интэриэһинэйдик, туһалаахтык атаардыбыт.

Оттооһун — мин сайыҥҥы дьарыгым

Мин сайын аайы дьоммун кытта Чинэкэҕэ эһэлээх эбэбэр тахсан оттоһобун. Окко түөрт сааспыттан сылдьыһабын. Быйыл мотокосанан от охсорго үөрэнним. Эһэм олус үөрдэ уонна улахан киһиттэн хаалсыбаккын диэн хайҕаата. Оту кыраабыллыыбын, бугуллаһабын уонна бэйэбэр сөптөөх бугулу сүгэн, кээһэргэ көмөлөһөбүн. Окко сылдьан элбэххэ үөрэнэбин уонна кыһын үүт, сүөгэй, эт сиибин.
От тиэмэтигэр дакылаат, видеоролик, уруһуй күрэхтэригэр кыттан миэстэлэспитим. Оттуурбун наһаа сөбүлүүр буоламмын сайыны олус күүтэбин. Эһэлээхпэр оттоһон, сайыммын туһалаахтык атаарабын.
Айсен Чуруков.

Дьиэ кэргэнинэн — Сочига

Биһиги быйыл сайын бары дьиэ кэргэнинэн Сочи Адлер уонна Лоо диэн икки оройуонугар наһаа үчүгэйдик сынньанан кэлбиппит.
Мин саамай сөбүлээбитим диэн отельбытыгар аквапаркалаах уонна бассейннаах этэ, онно күн аайы сөтүөлээччибит. Россия биир саамай биллэр блогера Влад Кобяков кэнсиэригэр сылдьыы эмиэ саамай үчүгэй түгэнинэн буолбута. «Красная поляна» бара сылдьан, Россия Президенэ В.В. Путин мунньахтыыр, үлэтинэн көрсүһэр дьиэтин көрбүппүт. Мин сайыммын олус интэриэһинэйдик атаардым.
Костя Мальцев.

Омук тылын лааҕыра
Мин Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи колледжка «English Summer Course» диэн лааҕырга сылдьыбытым.
Колледж наhаа улахан уонна олус кыраhыабай.
Лааҕырбыт учуутала Тимофеев Андрей английскайдыы хайдах саҥарарга, ааҕарга үөрэппитэ. Дьарыктарбыт олус интэриэhинэйдик ааспыттара, переменаҕа оҕолору кытта араас оонньуулары оонньообуппут. Бу сайыммын туhалаахтык атаардым.
Коля Гуляев.

 

VIII ”Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга
Быйыл сайын дьоммун кытта Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт VIII ”Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга сылдьан олус үөрдүм, сэргээтим.
Мин бэйэм чэпчэки атлетиканан иккис сылын дьарыктанабын, ол иһин сүүрүүнү сэҥээрэн көрдүм. Биир дойдулаахтарбар ыарыйдым, олус түргэн, сымса спортсменнары көрөн, кинилэртэн холобур ыллым. Ону таһынан оонньуулары түмүктүүр тэрээhиҥҥэ сылдьыбытым. Кыайыылаах­тар, призёрдар парадтара буолбута, элбэх биллиилээх эстрада сулустарын көрбүтүм.
Аны түөрт сылынан IX ”Азия оҕолоро” оонньууларга чэпчэки атлетикаҕа кыттарга эрэллээхпин.
Артур Раев.

Байкалга айан

Мин эбэбин уонна балтыбын кытта Байкалга баран кэллибит.
Бастаан Иркутскай куоракка самолетунан көттүбүт. Иркутскай эмиэ интэриэһинэй куорат эбит. Нерпинарийга сылдьан Байкал нерпаларын көрдүбүт. Планетарийга телескобунан күнү көрбүппүт, халлааҥҥа, остуоруйа курдук, созвездиелар дьыл ханнык кэмигэр чуолкайдык көстөллөрүн биллибит.
Иркутскайтан Ольхон диэн арыыга айаннаатыбыт. Байкал устун айаннаан, Хужир диэн туристар элбэхтик сылдьар дэриэбинэлэригэр тиийбиппит. Олус үчүгэй, сынньанарга анаан элбэх дьиэлэр бааллар. Ол курдук саамай биллэр «Шаман» скала, «Мыс Хобой» диэн­нэргэ сырыттыбыт. Мин ордук Байкал кэрэ миэстэлэрин, хайаларын уонна түгэҕэ көстөр ып-ыраас уутун сөбүлээтим. Канатнай суолунан хатааһылаан, Байкал күөл кэрэ сирдэрин көрдүбүт.
Мин бу айантан элбэҕи көрөн, астынан кэллим. Өссө да Байкалга сөтүөлүү, көрбөтөх элбэх интэриэhинэй сирдэрбин көрө барар баҕалаахпын.
Санаайа Петрова.

«Айар-Кут Голливуд» лааҕырга

Мин бэс ыйын 3-12 күннэригэр «Айар-кут Голливуд» диэн лааҕырга сылдьыбытым.
Салайааччыбыт Матрена Егоровна-Мото Куо. Лааҕырга өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлэн сынньаннылар. Бу лааҕыр үлэһиттэрэ хас биирдии оҕо талаанын арыйарга күүскэ үлэлииллэр.
Лааҕырбыт араас хайысханан үлэлиир: «Үҥкүү», «Вокал», «Муода студията», «КВН» уо.д.а. Хас биирдии этэрээт баhаатайдардаах, кинилэр барыбытыгар көмөлөһөллөр.
Мин «КВН» этэрээккэ сылдьыбытым. Күн аайы араас дьарык, куоталаһыы, квест-оонньуу, дискотека бөҕө буолар этэ.
Бүтэрбитигэр бары кэнсиэрт көрдөрбүппүт. Лааҕырга сылдьар наһаа үчүгэй, элбэх табаа­рыстанным, элбэҕи биллим- көрдүм.
Олимпий Саввинов.

Сайын эһэлээх эбэбэр

1 Күүлэккэ ийэм төрөппүттэрэ — эһэлээх эбэм олороллор. Кинилэр тоҕус оҕолоохтор, мин ийэм — үһүс оҕо. Сайын аайы эһэлээх эбэбитигэр оҕолоро уонна сиэннэрэ мустаммыт, бары бииргэ сайылыыбыт.
Быйыл эһэбин кытта оттостум. Хас да ыал буолан кыттыһан оттуул­лар, уопсайа 43 оту кээстибит. Мин оту харбыырга көмөлөспүтүм. Оттуу сылдьан аһыыбыт, сөтүөлүүбүт, оонньуубут, сынньанабыт. Оттуур наһаа үчүгэй.
Өссө мин эбэбэр убайдарбын кытта сибэккилэргэ, оҕуруокка уу кутарга көмөлөспүтүм. Сарсыарда куурусса аһатааччыбын уонна сымыытын хомуйааччыбын. Күнүс ньирэй уулатар этим.
Бу курдук дэриэбинэҕэ тахсан сайылыырбын, сайыны эһэлээх эбэбин кытта атаарарбын туохтааҕар да ордоробун.
Дьулуур Николаев.

Ийэбинээн Сахам сирин кэрэ-бэлиэ сирдэринэн айаннаатыбыт

Мин быйыл сайын ийэбинээн Сахам сирин кэрэ-бэлиэ сирдэригэр сырыттыбыт. Аан бастаан Сахабыт сирин биир кэрэ көстүүлээх сиригэр — Күрүлүүргэ тиийбиппит. Манна мастара биһиги Бүлүүбүт курдук барыта бэс мастар эбит. Хайдах эрэ Бүлүүгэ сылдьар курдук санаммытым.
Күрүлүүр кыра водопадтардаах сир эбит. Биһиги онно сүүрүгэ суох сири булан сөтүөлээбиппит, кафеларыгар аһаан, сынньанан баран, салгыы айаннаабыппыт. Туруук Хайа диэн сиргэ тиийбиппит. Онно ойуур быыһыгар хайалар эбит этэ. Үөһээттэн туран аллараа көрдөххүнэ мастар кып-кыра буолан көстөллөр.
Айаммыт салҕанар. Бүтэһик тохтобулбут Булуус диэн сир этэ. Онно тиийбиппит үөһээттэн уһун баҕайы кирилиэһинэн аллараа түһэҕин, ол түстэххинэ бу итиигэ хаһан да ууллубат муус баар эбит. Ол муустар быыстарынан ып-ыраас уу сүүрүгүрэ сытар. Бу сири көрөммүн олус соһуйбутум уонна дьиктиргээбитим, хайдах маннык итиигэ ууллубата буолуой диэн.
Бу курдук биһиги биир күнү быһа Сахабыт сирин кэрэ көстүүлээх сирдэрин кэрийэн, дуоһуйа сынньаммыппыт.
Сахам сирэ кыраһыабай, интэриэһинэй, дьикти сирдэрэ элбэхтэриттэн олус сөхпүтүм. Ийэбэр эһиил сайын эмиэ ханна эмит дьикти сири көрө барыахпыт диэн баҕа санаабын эппитим. Сахам сирин сайынын олус таптыыбын!
Эрчимэн Евдокимов.

Бэлэмнээтэ кылаас салайааччыта Ефремова Раиса Семёновна.

Читайте дальше