“Ийэ – иэйэр кут ымыыта”

Ырыаны олоҕун аргыһа оҥостубут Матрена Сивцева ийэҕэ тапталын, сүгүрүйүүтүн бэлиэтигэр бар дьонугар ырыа дьоро киэһэтин бэлэх уунна. Ол туһунан эдьиийэ Каролина Харлампьева маннык кэп­сиир:


— Биһиги тапталлаах күн-күбэй ийэбит Сөдүөччүйэ Васильевна Харлампьева-Максимова Үгүлээт нэһилиэгэр олорбута. Сэрии иннинэ уонна кэннэ III Күүлэт диэн нэһилиэккэ Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн уонна суруксутунан үлэлээбитэ. Онон ийэбит сэрии ыар тыынын, Кыайыы үөрүүтүн бэйэтинэн билбит, үлэни өрө туппут үтүөкэннээх киһи этэ. Төһө кыалларынан үлэлээн баран сынньалаҥҥа тахсыбыта.
Кини аҕыс оҕону төрөтөн күн сирин көрдөрбүтэ, илиитин сылааһын, сүрэҕин тапталын барыбытыгар анаабыта. Ийэҕэ махтал, таптал, ытыктабыл, сүгүрүйүү бэлиэтигэр ийэбит тыыннааҕар кыра балтыбыт Матрена Петровна Сивцева 15 сыл анараа өттүгэр дьонугар-сэргэтигэр ырыа дьоро киэһэтин бэлэхтээбитэ.
Ол кэмтэн бэрт элбэх сыл биллибэккэ ааста. 2023 сылга бу соторутааҕыта таптыыр, сыаналыыр, сүгүрүйэр күндү ийэбит Сөдүөччүйэ Васильевна төрөөбүтэ 100 сылын туолбутун бэлиэтээн, Бүлүү куоратыгар В.О. Каратаев аатынан Олоҥхо дьиэтигэр оһуокай дьоро киэһэтэ буолан ааспыта. Онно Кылаан чыпчаал кыа­йыыны биир дойдулааҕа Федора Егоровна Донская ылан үөрдэ-көттө. Бу оһуокай дьоро киэһэтин ыытыспыт, тэрийсибит В.О. Каратаев аатынан Олоҥхо норуодунай коллективыгар уонна салайааччытыгар Светлана Тарасовна Ивановаҕа, Н.И. Ылахова аатынан “Алгыс” культурнай-национальнай киин бары үлэһиттэригэр дириҥ махталбытын тириэрдэбит.
Онтон салгыы Бүлүүтээҕи 3 №-дээх оскуола ырыа уонна алын сүһүөх кылаастарын учуу­тала, бииргэ төрөөбүт кыра балтыбыт Матрена Петровна Сивцева Саха сирин бүттүүнүн ырыаһыттарын үйэтитэр сыал­лаах-соруктаах тэрийбит кыракый музейын сэдэх матырыйаалларын П.Х. Староватов аатынан Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр музей быыстапкалыыр саалатыгар бар дьон көрүүтүгэр туруорбутун элбэх киһи сылдьан көрдө, биһирээтэ.
Ити кэнниттэн М.Н.Жирков аатынан култуура Дыбарыа­һыгар ийэҕэ тапталын, сыанабылын, сүгүрүйүүтүн көрдөрөн, “Ийэ – иэйэр кут ымыыта” диэн ырыа улахан кэнсиэрин бар дьонугар-сэргэтигэр, төрөөбүт норуо­тугар анаан-минээн тэрийдэ. Матрена Петровна үөрэппит-такайбыт оҕолоро, өр сылларга бииргэ алтыһар М.Н. Жирков аатынан Бүлүүтээҕи оҕо искусствотын оскуолатын инструментальнай оркестра, преподавателлэрэ кыттыы­лаах дьиҥ-чахчы ис дууһатыттан, этинэн-хаанынан бэринэн туран, ийэни үйэтитэр сыал­лаах, инникитин ыччаты иитии­гэ ийэни, аҕаны, дьиэ кэргэни убаастыырга үрдүк таһымнаахтык үөрэтиитэ, киһини киһилии сыаналыыра Дыбарыас улахан сыанатыттан арылыччы көһүннэ.
Матрена Петровна хас биир­дии туттуутун, хамсаныытын, ырыатын чугас дьоно-сэргэтэ харах уулаах иһиттилэр-көрдүлэр. Ол курдук араас улуустартан дьон-сэргэ бэ­йэлэрин сыанабылларын, убаас­табылларын киэҥник эттилэр, бу кэнсиэри Бүлүүгэ кэлэн көрбүттэриттэн улаханнык астыммыттарын бэлиэтээ­тилэр. Онон көннөрү ырыаны истии эрэ буолбатаҕын сыаналыах кэриҥнээхпит. Туора дьон этэллэринэн, ырыаны ыллыыр тылын-өһүн, толорооччу хамсаныытын барытын чинчи­йэн көрдөххө, аныгы ыччакка күүстээх үөрэтиини, наада­лаах билиини биэриэххэ сөп эбит.
Өрөспүүбүлүкэ ханнык да артыыстара туругуран туран ийэҕэ сүгүрүйүүнү, махталы туһаайбыттарын өйдөөбөппүн. Хас биирдии киһи ийэттэн төрөөбүтүн бука бары билэбит. Ийэ уобараһын, мөссүөнүн, оҕотун хайдах курдук таптыырын, ис сүрэҕиттэн үөрэтэрин, иитэрин-такайарын сиһилии көрдөрдө дии саныыбын. Онон ийэбит барахсан төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт дьоро киэһэтин кэнсиэриттэн киирбит үбүн-харчытын бүтүннүүтүн аныгы кэм сэриитин оҕолоругар анааһына – бу улахан хайҕаллаах үтүө дьыала.
Бу кэнсиэри тэри­йэн ыытыы­га күүс-көмө буолбут норуот айымньытын уонна култуура сайдыытын оройуоннааҕы Киинин сала­йааччытыгар А.А. Дашевскаяҕа, Бүлүүтээҕи 3 №-дээх орто оскуо­ла учууталларыгар, үөрэ­нээччилэригэр, Бүлүүтээҕи искусство оскуолатын преподавателлэригэр, ырыаны бая­нынан доҕуһуоллаабыт Николай Стручковка, Иван Туласыновка уонна бу истиҥ иэйиилээх кэнсиэркэ кыттыбыттарга барыларыгар улахан махталбытын тириэрдэбит.
Инникитин Матрена Петровнаҕа өссө үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни баҕарабыт.

Муза Федорова.