Биһиги дьиэ кэргэн ыал буолбут 20 сылбытын Махатта аатырбыт тукулааннарыгар бэлиэтииргэ сүбэлэспиппит. Бу турга сылдьан дуоһуйа сынньанныбыт, айылҕаны кытта алтыстыбыт, элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Халбаакыбыт айылҕата кэрэ да эбит диэн сөҕөн-махтайан кэллибит.
Турбаза салайааччыта Василий Мандаров биһигини биэрэккэ үөрэн-көтөн көрсөн, биир хонуктаах турбутун ырытыһан баран, айаҥҥа туруннубут. Василий кэпсиирин киһи истэн олоруох курдук, элбэҕи билэрэ, тыла-өһө урана — бэртээхэй аргыс буолан биэрдэ.
Бастаан Саха Сиригэр аатырбыт соболоох Ньөөкүйэҕэ тиийэн, күөлбүтүгэр илим түһэрдибит. Эр дьон илим түһэрэр кэмигэр, мин дьанта эриэхэтин хомуйдум. Быйыл дьанта эриэхэтэ үүммут сыла, эбиитин билигин ситэри буһан турар бириэмэтэ, бөдөҥө сүрдээх. Дьанта эриэхэтэ атын эриэхэлэртэн саамай элбэх битэмииннээҕинэн уонна микроэлеменнааҕынан биллэр.
Утары илимнэрин көрөн, Ньөөкүйэбит киэһээҥҥи аһылыкпытыгар собо бэрсэн үөрүүбүт үрдээбитэ. Салгыы сөрүүкээри биир күөлгэ сөтүөлээн ааспыппыт. Күөл уута ыраас, дьэҥкир, балыктар уста сылдьаллара курдаттыы көстөр. Биэрэгин кытыыта ыллыыр кумахтаах, кумаҕа ырааһынан сөхтөрдө.
Биһиэхэ анаан Василий ытык миэстэлэргэ сырытыннарда, ол курдук Махаттаҕа «Бонсай» диэн ытык маска сылдьаммыт баҕа санаабытын эттибит, мастан сыллааҕы күүһү-уоҕу ыллыбыт. Бу ытык маска баҕа санааларын эппит дьон санаабыппыт туолла диэн Василийга элбэхтик кэпсииллэр эбит.
Тукулааны соһуйа, үөрэ-махтайа көрдүбүт — киэҥ нэлэмэн, устата-туората көстүбэт сир эбит. Халбаакыбыт айылҕата кэрэ да эбит!
Онтон салгыы эмтээх күөлгэ тиийэн тохтоотубут. Бу күөл уута элбэх минераллаах, киһи сөтүөлээн таҕыстаҕына, тириитэ ып-ыраас, килэркэй буолан хаалар эбит.
Киэһээҥҥи аһылыкпытыгар собобутун мииннээн сиэтибит. Ньөөкүйэ собото сыалааҕынан, битэмииннээҕинэн аатырар. Иҥэмтиэлээх аһылыгы сиэммит, сэниэ эбии ылынныбыт. Эбэттэн собону таһаараат тута күөстээн сииртэн ордук туох кэлиэй, амтанныын да атын. Киэһэ күөлбүт сылаас салгын таһааран чуумпу, нуурал.
Утуйан туран сарсыарда сирбитигэр махтанан баран, хомуннубут. Төннөн иһэн өссө биир ытык сиргэ — «Уоһук Маарыгар»сырыттыбыт. Онно маарга ытык сэргэ туруоруллубут эбит. Маарбыт айылҕата кэрэтин-дьиктитин!
Ол кэннэ эбэбит барахсан кыһыл көмүс хатырыктааҕынан бэрсэн, үөрүү-көтүү буолла. Эбиэттээн баран хомуннубут, трассанан айаннаан истэххэ — бу кус, ити кус. Халбаакы аттыгар хас биирдии турга сылдьыбыт киһи бэлиэ харыйаҕа харыйа оонньуурун бэлэхтээн ааһар эбит. Бу тур биир традицията буолар, онно эмиэ баҕа санааҕын этэн баран уурар эбиккин. Фарфоровай сыбаайбабытын бэлиэтиирбитигэр халлааммыт туран биэрэн, бэркэ сынньанан кэллибит эрээри, биир хонукка баран кэлэр диэн олох аҕыйах эбит.
Бэртээхэй туру салайан ыыппыт Василийга барҕа махталбытын тиэрдэбит, улууска туризм салаата сайдарыгар салгыы таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьарыгар баҕарабыт.
Саргыяна Шадрина.