Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускайга бэс ыйын 18 күнүгэр сырыытыгар «Азия оҕолоро» VIII оонньууларыгар бэлэмнэниллэр «Туймаада» спортивнай стадион өрөмүөнүн билистэ, олохтоохтору кытта көрүстэ.
Стадион таһыгар Үгүлээттэн төрүттээх, билигин Дьокуускайга олорор кэргэннии Елена уонна Елисей Афанасьевтар, эдьиийдэрэ Любовь Григорьева Владимир Путины көрүстүлэр, дойду баһылыгын кытта илии тутустулар!
Ыал ийэтэ Елена Афанасьева дойду салайааччытын кытта көрсүһүүнү бу курдук кэпсээтэ:
— Биһиги стадион утары олоробут. «Туймаада» таһыгар массыыналар тоҕуоруспуттарыгар, бөдөҥ дьон тахсан кэккэлии турбуттарыгар, Бэрэсидьиэн кэлээри гынна быһыылаах диэн пааркаҕа сылдьар эдьиийбэр Любовь Григорьеваҕа эрийбитим, бэйэбит таҥнан тахсыбыппыт.
Кэргэммин кытта стадиоҥҥа киирии аан аттыгар тиийэн турбуппут, суол уҥуор дьоммут кэлбиттэрэ. Массыына тохтоото… уонна Владимир Путин эдьиийим уолун кытта турар өттүлэригэр таҕыста. Кини дьон турар сирдэригэр тиийдэ, кэпсэттэ, дьону кытта илии тутуста. Эдьиийбин кытта эмиэ илии тутуста, онтон биһиэхэ кэлэн илиибин тутан ылла, кэргэним эмиэ илии тутуста. Үөрүү бөҕө буоллубут!
Кэргэним ырыынакка, мин балыыһаҕа үлэлиибит. Доруобуйатынан хааччахтаах оҕобутун үөрэттэрэ Дьокуускайга көһөн кэлбиппит ыраатта.
Елисей Николаевич ийэтэ Прасковья Дмитриевна Афанасьева Үгүлээт Далбар хотуннарын «Күбэйэ» түмсүүтүн салайааччыта, Елена Викторовна Үгүлээккэ биллэр-көстөр Борисовтар аймах сиэннэрэ, кыыстара буолар.
Эмиэ ити күн дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Земскай дуоктар», «Земскай учуутал», «Муравьев-Амурскай – 2030» бырагыраамалар кыттыылаахтарын кытта көрсүһүүтүгэр Үгүлээттэн төрүттээх София Сидорова кыттыбытын ахтыахха сөп.
Николай Куприянов.
Кремль сайтын фотолара.