Бүлүү улууһун отчуттара 3 тыһыынчаттан тахса туонна оту туруордулар

От ыйын 31 күнүн туругунан, Бүлүү улууһун отчуттара 3066 тыһ. туонна оту бэлэмнээтилэр.
Бүгүҥҥү күн туругунан нэһилиэктэртэн киирбит сибидьиэннэнэн улуус ходуһаларыгар 412 звено, ол иһигэр, 129 мэхэньисээсийэлэх звенолар окко кимиилэхтик үлэлии сылдьаллар.
Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 544 т оту бэлэмнээтилэр.
Былырыын баччаҕа 4946 т от бэлэмнэммитин санатыахха сөп.

Николай Куприянов.

Читайте дальше