Бүлүүгэ «Саха сирин көмүс дьиэ кэргэттэрэ» кинигэ сүрэхтэннэ

Бүгүн киин библиотека уонна гражданнар туруктарын аактарын  суруйар  улуустааҕы салаа (ЗАГС)  «Саха сирин көмүс дьиэ кэргэттэрэ» кинигэни билиһиннэрдилэр.

Үйэ аҥарыттан ордук  кэм устата дьоллоохтук  бииргэ олорбут Сахабыт сирин дьиэ кэргэттэрин кэпсиир кинигэни ГТАС Өрөспүүбүлүкэтээҕи  салалтата 2008 сылтан саҕалаан таһаарбыта. Кинигэ холобурга сылдьар үтүө-мааны ыаллар тустарынан кэпсиир, ыччаты иитэр-үөрэтэр дириҥ суолталаах.

Бу таһаарыы инники  кинигэлэригэр Бүлүү улууһуттан ыччакка үтүө холобур буолар  дьоһун-мааны 13 дьиэ кэргэн олоҕо кэрэ кэпсээн буолан үйэтитиллибитэ.

Саҥа тахсыбыт ахсыс  кинигэҕэ уопсайа 28 улуустан  уонна Дьокуускай куораттан 103  ытык-мааны дьиэ кэргэн киллэриллибит. Ол иһигэр Бүлүүттэн бары улуустартан ахсаанынан баһыйар элбэх, о.э. 7 дьиэ кэргэн киирбитэ барыбытын үөртэ.

Бу күн үйэлээх таптал тула истиҥ кэпсэтиигэ кинигэ «дьоруойдара» Раиса Николаевна Евсеева, Николай Павлович, Розалия Ивановна Николаевтар, Николай Иванович, Надежда Николаевна Ивановтар, Виктор Иванович Чорохоев сэргэхтик кытыннылар.  Эдэр саастарын манньыйа ахтан, олохторун сэгэтэн билиһиннэрэн туран, бииргэ уһуннук олорорго хардарыта өйдөһүү-өйөһүү суолтата улаханын  ыйдылар. Көрсүһүүгэ Никита Васильевич, Роза Игнатьевна Матвеевтар уоллара Сергей Никитич кыттыыны ылла.

Кинигэни билиһиннэрии Дойдубутугар Дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылларыгар уонна аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүгэр ананан тэриллибитэ мустубут дьон үөрүүтүн үс бүк үрдэтэн умнуллубат кэрэ түгэни бэлэхтээтэ.  

Үлэни өрө туппут, үтүөкэн ыччаты үүннэрбит Бүлүүбүт ытык-мааны дьиэ кэргэттэрин улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Евсеев, Бүлүү куоратын баһылыгын солбуйааччы Николай Иванов, Арыылаах нэһилиэгин дьаһалтатыттан Анна Прокопьева, үлэҕэ уонна социальнай  сайдыыга министиэристибэ улуустааҕы салаатын салайааччыта Алина Каратаева, культура сайдыытын уонна  норуот айымньытын оройуоннааҕы киинин салайааччыта Алена Дашевская, К.Марсден аатынан кырдьаҕастары уонна инбэлииттэри көрөр анал социальнай  киин директора Алексей Мандаров,  чугас дьонноро, аймахтара эҕэрдэлээтилэр.

Гражданнар туруктарын аактарын  суруйар улуустааҕы салаа салайааччыта Марина Иванова дьиэ кэргэттэри эҕэрдэлээн туран кыһыл көмүс дуйдаах, сибиэһэй кырааска сыттаах сабыс-саҥа кинигэлэри туттартаата. Сырдык, сылаас тыыннаах, дьэрэкээн сибэккигэ сууламмыт дьиэ кэргэн бырааһынньыга ыччат дьон Айысхаана Васильева, Мария Быканова, Люция Жиркова тапталы, дьолу туойар ырыаларынан киэркэйдэ.

Киэн туттар, холобур оҥостор ытык дьоммут, уостубат тапталгытынан угуттанан өссө да саҥаны-сонуну сэргии, кэрэни кэрэхсии, үйэлээҕи үксэтиһэ, уһуннук да уһуннук дьоллоохтук, бииргэ   олоруҥ!

Луиза Кононова, киин библиотека  кыраайы үөрэтиигэ  кылаабынай библиотекара.

Читайте дальше