Бүлүү улууһугар СВО-ҕа кыттар байыаннай сулууспалаахтарга, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр сүҥкэн көмө оҥоһуллар, улуус дьаһалтата бэйэтин бүддьүөтүттэн элбэх үбү көрөр.
Байыаннай сулууспалаахтарга, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөнү оҥорор улуустааҕы хамыыһыйа араас өрүттээх үлэни ыытар, ол иһигэр, байыаннай эпэрээссийэ буола турар сиригэр Александр Прокопьев салайааччылаах улуус дэлэгээссийэтэ илии тутуурдаах иккитэ баран кэллэ, биир дойдулаахтарын көрсөн махталларын ылла.
Улуус дьаһалтатын салалтатынан бүгүҥҥү күҥҥэ барыта 30 мөл. солк. тахса суумаҕа, байыаннайдар дьиэ кэргэннэригэр уу, муус таһаарыытыгар, оҕолору оскуолаларга, уһуйааннарга массыынанан тиэйиигэ уо.д.а. туһаайыыларга көмө оҥоһулунна, оҥоһуллар.
Итинник үлэ биир сүрүн хайысхатынан байыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэрин, кэргэннэрин кытта көрсүһүү, санааларын истии, кэпсэтии буолар.
Олунньу 27 күнүгэр улуус дьаһалтатыгар байыаннай сулууспалаахтарга, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөнү оҥорор улуустааҕы хамыыһыйа салайааччыта, улуус баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Александр Прокопьев салалтатынан прокуратура, социальнай көмүскэл управлениетын, социальнай пуонда (биэнсийэ) филиалын, военкомат, үлэлээх буолуу киинин, субсидия ааҕыныстыбатын эппиэттээх үлэһиттэрэ, улууска киһи быраабыгар боломуочунай кыттыылаах СВО-ҕа сылдьар оҕолордоох, кэргэннэрдээх улуус олохтоохторун кытта көрсүһүүлэрэ тэрилиннэ.
Байыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэрэ, кэргэннэрэ биир-биир киирэн уоллара, кэргэннэрэ уоппускаҕа кэлэллэригэр, көрүллэр төлөбүрдэри төлөөһүҥҥэ, санаторийга эмтэниигэ, байыаннай сулууспалаахтар ханна сылдьалларын чопчулуурга сыһыаннаах уо.д.а. ыйытыктары биэрдилэр, толору хоруйдары иһиттилэр.
Көрсүһүү хайдах ааспытын туһунан биһиги Александр Прокопьевы кытта кэпсэттибит.
— Төрөппүттэр, байыаннайдар кэргэннэрэ сүрүннээн ханнык боппуруостары туруорустулар?
— Көрсүһүүгэ байыаннай сулууспалаахтар кэргэннэрэ, төрөппүттэрэ, уопсайа 10 тахса киһи кэлэн кэпсэтэн, ыйыталаһан бардылар. Ыраах сылдьар уолаттарын туруктарын, ханна тиийбиттэрин чуолкайдыыллар, СВО буола турар сиригэр улуус бэрэстэбиитэллэрэ хаһан баралларын ыйыталаһаллар. Бэйэлэрэ дьиэ-уот боппуруостарын: тиэргэннэрин таһын тупсарыыны, олорор дьиэлэрин, квартираҕа олорооччулар хапытаалынай өрөмүөнү ыытыыны кэпсэттилэр. Байыаннай сулууспалаахтар ытыктабыллаах төрөппүттэрэ, кэргэннэрэ бэйэлэрэ этинэ, кэпсэтэ, «тыыннарын таһаара» кэлэ сырыттылар диэххэ сөп.
Итини сэргэ, кэпсэтиигэ байыаннайдарга уоппуска хайдах кэриҥнээхтик бэриллэрин, кимиэхэ «тахсыахтаахтарын», кыргыһыы хонуутугар эчэйии ылбыт байыаннайдарга төлөбүр оҥоһуллуутун, докумуоннары чөлүгэр түһэриини, сыыһа туолбут докумуоннары көннөрүүнү, кинилэргэ туох көмө көрүллэрин ыйыталастылар. Кэлбит дьоҥҥо барыларыгар толору өйдөнөр эппиэт бэрилиннэ, сорох боппуруостарга салгыы үлэлэһэргэ сорудах бэрилиннэ. Кэпсэтиигэ, ордук, социальнай көмүскэл, социальнай пуонда филиалын үлэһиттэрэ элбэхтик эппиэттээтилэр.
Улуус иһигэр дьиэ таһынааҕы үлэлэри, ууну, мууһу таһаарыыны кэмигэр быһаара олоробут, тиэргэнтэн хаар таһаарыытыгар тимуровскай хамсааһын үлэлиир. Быйыл ити өттүгэр боппуруос аҕыйахтык киирдэ.
— СВО саҕаланыаҕыттан Бүлүү улууһа төһө кэриҥнээх көмөнү оҥордо?
— 2024 сыл саҕаланыытыгар 30 тахса мөл. солк. көмө оҥоһулунна диэн ааҕан-суоттаан олоробут. Улуус бүддьүөтүттэн мобилизованнай, хантыраагынан сулууспалыы барбыт уолаттарга 50 тыһ. солк. биир кэмнээх төлөбүрү оҥорбуппут, оҥоробут. Кинилэргэ 2022 сыл түмүгүнэн 6,3 мөл. солк, 2023 сылга 4,7 мөл. солк. аһардыллыбыта. 20 мөл. солк. суумаҕа гуманитарнай көмө оҥоһулунна, ити иһигэр бүддьүөттэн 7,2 мөл. солк. көрүллүбүтэ.
Ол курдук, СВО буола турар уобаластарыгар улуус бэрэстэбиитэллэрэ иккис сырыы түмүгүнэн 5 матасыыкылы, 17 антидрону, 80 коллиматоры, 5 квадрокоптеры, 31 тепловизоры, 40 түүн көрөр тэриллэри, снайпердарга оптиканы, пламегасителлэри, глушителлэри, дальномердары, бензининэн, дизелинэн үлэлиир генератордары, дизельнай феннэри, 50 комплект таҥас илдьэн туттарбыттара.
Уопсастыбынньыктарбыт уолаттарга күүскэ көмөлөһө сылдьалларын бэлиэтиэм этэ. Бүлүүттэн 1 тоннаттан тахса мал-сал, ас-үөл баран турар. Өссө да хомуйа, ыыта сылдьабыт.
Байыаннайдар дьиэ кэргэннэригэр улуустан көмөнү эмиэ көрө олоробут. Төрөппүттэр усунуостарыттан босхолооһун, оскуолаҕа босхо аһылык, тиэйии-таһыы тэриллэр. Соҕотох байыаннайдар бииргэ төрөөбүттэригэр эмиэ итинник көмө көрүллэр.
Көрсүһүү түмүгүнэн, бары этиллибит боппуруостарга үлэ барыаҕа, кэпсэтиигэ кыттыбыт тэрилтэлэр туһааннаах дьаһаллары ылыахтара.
— СВО-ҕа улуус дэлэгээссийэтэ хаһан барыай?
— Кулун тутар 20 күнүн кэннэ СВО буола турар сиригэр барыы былааҥҥа турар. Бастатан, Москубаҕа госпитальга сытар биир дойдулаахтарбытын көрсүөхпүт, дойду киин куоратыттан байыаннай сулууспалаахтар көрдөспүт араас малларын атыылаһыахпыт. Кулун тутар 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахтартан сайаапкалары хомуйан барыахпыт.
* * *
Ити курдук, улуус дьаһалтатыгар тэриллибит 5 чаастаах көрсүһүүгэ кэлбит байыаннай сулууспалаахтар ытыктабыллаах төрөппүттэрэ, кэргэннэрэ долгутар боппуруостарын ыйыталаһан, толору быһаарар хоруйдары истэн бардылар.
Николай Куприянов.