Быыбарга ситиһии төрдө – хамаанданан үлэ түмүгэ!

Бүлүү улууһа кулун тутар 15, 16 уонна 17 күннэригэр тэриллибит РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар хаһан да бэлиэтэммэтэх бэрт ситиһиилээх кыттыыны ылла.

Ол курдук, инники бэриллибит сыыппаралары көрдөххө, Бүлүү улууһугар 15361 испииһэккэ киирбит быыбардааччыттан 11770 киһитэ куоластаан, быыбарга кыттыы 76,62 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ.

Бүлүү улууһа РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар кыттыыга Саха сиригэр 7 миэстэҕэ, Владимир Путины куоластааһыҥҥа 92,06 % куолаһы биэрэн 5 миэстэҕэ таҕыста. Ити сыыппаралары Киин быыбардыыр хамыыһыйа өссө чуолкайдыа даҕаны, улахан уларыйыы тахсыа суохтаах.

Биһиги улуустааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Тимофей Иванову кытта ааспыт быыбар уратыларын сэһэргэстибит.

Тимофей Николаевич, быйылгы сааскы быыбарга быыбардааччыларбыт испииһэктэригэр киллэриллибит куоластыыр дьон биллэ аҕыйаата. Тоҕо?

— Бүлүү улууһугар пропискалаах, быыбардыыр  бырааптаах 17754  киһи баар. Ити «ГАС Быыбар» ситимигэр киирбит, Миграция сулууспатын федеральнай управлениетын Бүлүү улууһунааҕы салаатынан бигэргэммит сыыппаралар.

Ол эрэн, «ИнформУИК» бырайыак улууска олунньу 17 күнүттэн кулун тутар 7 күнүгэр диэри үлэтин түмүгүнэн, улуус таһыгар 4,5 тыһ. киһи олороро чуолкайдаммыта. Улуус дьаһалтата, муниципальнай тэриллиилэр, УИК-тар үлэлэһэннэр 1,5 тыһ. кэриҥэ киһиэхэ баар сирдэригэр куоластыырга сайабылынньа оҥоһуллубута, атын сиргэ көспүт, былыр «барбыт» дьоннор таһаарыллыбыттара. Ол иһин испииһэк 15361 быыбардааччыга диэри аччаата.

«ИнформУИК» бырайыак улууска олорор дьону чуолкайдыырга, дьоҥҥо быыбар туһунан өйдөбүлү биэрэргэ, быыбардааччы ханнык УИК-ка тиийэн куоластыырын, хайдах куоластыырын өйдөтөргө олус туһалаах бырайыак буоларын көрдөрдө.

— Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар быыбар иннинэ урут эмиэ дьиэлэри кэрийэллэрэ, быыбардааччылары көрсөллөрө дии?

— Биһиги УИК-тарбыт урут дуогабарынан быыбар буолуон 20 хонук иннинэ учаастактарын дьиэлэрин кэрийэллэрэ, быыбар туһунан кэпсииллэрэ, быыбарга кыттарга ыҥыраллара, куоластыыр дьону чуолкайдыыллара.

«ИнформУИК» бырайыак кэлэр өттүгэр салҕаннаҕына үчүгэйэ өссө тахсан иһиэ, дьон Конституциянан көрүллэр быыбардыыр бырааптарын толороллоругар сөптөөх бырайыак олоххо киирэн туһатын көрдөрдө дии саныыбын.

Олох көрдөрөрүнэн, дьон ханнык УИК-ка тиийэн, дьиэҕэ дуу, УИК-ка дуу куоластыахтарын мунаараллар.

РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар биир да кэһии тахсыбата, үҥсүү киирбэтэ.

— Оннук. Быыбар үс хонук устата ыытылынна. УИК-тар үлэлэригэр-хамнастарыгар улахан эппиэттээх кэм кэлэн ааста.

Урукку өттүгэр УИК-тар биир күн устата быыбардааччылары куоластатан, боротокуолларын, докумуоннарын ТИК-ка аҕалан туттараллара. Билигин бастакы күҥҥэ куоластааһын кэннэ УИК-тар бүлүтүөннэри сейф-бакыакка угаллар, онтон сейфэҕэ симэллэр, иккис күҥҥэ эмиэ. Итинник ирдэниллэр хамсаныы сүрдээх эппиэтинэһи ирдиир. Сыыһа-халты туттуу түмүгэр биир эмит бүлүтүөн сүттэҕинэ, ол бу таҕыстаҕына быыбар сокуоннарын кэһии тахсыан сөп.

Ити боппуруоска бары УИК-тар чуолкайдык үлэлээтилэр, сокуону кэһии тахсыбата, үҥсүү киирбэтэ.

Быйылгы быыбар бэрт ситиһиилээхтик ааспытын төрдө-төбөтө туохха сытарый?

— Быыбар тоҕо ситиһиилээхтик ааста диир буоллахха, олохтоох былаас, баһылыктар уонна УИК-тар «ИнформУИК»-тан саҕалаан бэйэлэрин сокуоҥҥа көрүллүбүт балаһыанньаларыгар сөп түбэһиннэрэн ыкса бииргэ үлэлээбиттэрэ буолла. Биһиги улууска быыбардааччылар УИК-га кэлэн 76 % куоластаабыттара урут суох көстүү буолар. 11770 киһи быыбарга кытта илик. Эппитим курдук, информация тиэрдиллэн, дьон быыбарга үчүгэйдик кытыннылар.

Оннооҕор урукку өттүгэр быыбарга сүгүн-саҕын кыттыбат Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр бэркэ кытыннылар буолбатах дуо?

— Биһиги улууспут быыбардары ыытара, атын улуустарга холоотоххо, уустук соҕус. Кыһыл Сыыр курдук бырамыысаланнай бөһүөлэктээхпит, элбэх кэлэр-барар дьоннордоох. Урут бөһүөлэк дьонун 30 % эрэ быыбардарга куоластыыра.

Кыһыл Сыыр биэнсийэлээхтэрэ соҕуруу олороллор, ол эрэн, пропискаларыттан уһуллубаттар. Хоту сиргэ үлэлээбит ыстаастаах буолан биэнсийэлэрэ үрдүк, соҕуруу пропискаланнахтарына биэнсийэлэрэ кыччыыр. Кыһыл Сыыр УИК-ра, олохтоох былааһа ол дьоннорун булан, ППЗ сайабылыанньаларын толорторон, быыбарга нэһилиэнньэ 60 % кыттыыта таҕыста. Бу үчүгэй көрдөрүү.

Быыбар түмүгүнэн тугу бэлиэтиэҥ этэй?

— Быыбардар түмүктэринэн биири тоһоҕолоон бэлиэтиир буоллахха, быыбарга ыччат, орто саастаах дьон маассабайдык таҕыстылар. Итинник кыттыы Арассыыйа салалтата кэлиҥҥи 20 сыл ыыппыт бэлиитикэтин ылыныыны көрдөрдө.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйата кэлиҥҥи сылларга ТИК-тар, УИК-тар үлэлэригэр улахан болҕомто уурар буолбута көстөн эрэр дии санаабаккын дуо?

— РФ Бэрэсидьиэнин быыбарын Бүлүүгэ ситиһиилээхтик ыытыы Киин быыбардыыр хамыыһыйа, ТИК, бары 34 УИК-тар хамаанданан үлэлэрин түмүгэ буолар. Тоҕо диэтэххэ, Киин быыбардыыр хамыыһыйа сөптөөх кэмигэр көдьүүстээх, билиини хаҥатынар семинардары тэрийэр, үөрэтиини ыытар, кэлиҥҥи кэмҥэ методическай көмөнү үрдүк таһымҥа оҥорорун бэлиэтиэм этэ. «Халандаарынай былааннары», «Рабочай блокноттары» оҥороро, араас инструкциялары кэмигэр ыытара, сүбэ-ама  биэрэрэ УИК-тар үлэлэригэр биллэр-көстөр көмөнү оҥорор, быыбары ыытарга төһүү күүс буолар.

Бүлүү улууһунааҕы ТИК быйыл эмиэ хас да семинары тэрийэн ыыппыта биллэр көмөнү оҥордоҕо.

Быыбарга ситиһии хамаанданан үлэ түмүгэ буоларын өссө биирдэ бэлиэтиибин.

Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйата сөптөөх хайысханы тутуһан, хамаанданан үлэ тэрээһиннээхтик ыытыллан, итинник түмүк ситиһилиннэ.

Николай Куприянов.

Читайте дальше