Аан дойдутааҕы музей күнүгэр анаан Тоҕус нэһилиэгэр «Чэчир» сынньалаҥ киинигэр «Дьоҕургун көрдөр –Балаҕаччым!» быыстапка тэрилиннэ.
Ыам ыйын 20-21 күннэригэр ыытыллыбыт быыстапкаҕа нэһилиэк уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ, талба талааннаах маастардара уонна коллекционердара кыттыыны ыллылар.
Нина Николаевна салайааччылаах «Салама» түмсүү көхтөөхтүк кыттан дьон-сэргэ биһирэбилин, кэрэхсэбилин ылла. Көрөөччү болҕомтотун ордук коллекциялар ыллылар, значоктан саҕалаан сойутар чаанньыкка тиийэ баар. Быыстапка кэмигэр кылы хатыыга, ситии быаны өрүүгэ Розалия Ивановна, Мария Семеновна уонна Ульяна Афанасьевна маастар- класс ыыттылар.
Көрөөччүлэр ким-туох дьарыктааҕын, дьоҕурдааҕын көрөн сэргээтилэр, инникитин даҕаны маннык хабааннаах быыстапка тэриллэригэр баҕа санааларын эттилэр.
Анна Пермякова.