Муус устар 27 күнэ — Өрөспүүбүлкэ күнэ. Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин хас биирдии олохтооҕор ураты суолталаах күн. Ол курдук 1992 с. муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуона күүһүгэр киирбитэ.
Бүгүн, Өрөспүүбүлүкэ күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн, 2 Күүлэт нэһилиэгэр үөрүүлээх миитин, сахалыы таҥастаах сэлэлээн хаамыы ыытылынна. Дойдубут кэскилин түстэспит чулуу дьоммут олохторун, үлэлэрин ахтан-санаан аастыбыт.
Христина Иванова, 2 Күүлэт.


