Бүлүү улууһугар 18 чааска 9998 быыбардааччы куоластаата

Балаҕан ыйын 10 күнүгэр киэһэ 18 чааска Бүлүү улууһун бары 34 быыбардыыр учаастактарыттан биллэрбиттэринэн, улуус үрдүнэн 9998 быыбардааччы куоластаата. Испииһэккэ киирбит быыбардааччылар 59,4 %быыбардыыр учаастактарга кэлэн сүрүн сокуон мэктиэлиир быраабынан толору туһаннылар.

Быйылгы быыбардар үс күн устата – балаҕан ыйын 8, 9 уонна 10 күннэригэр тэрилиннилэр. Бүлүү улууһун олохтоохторо быйылгы быыбардарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын – Ил Дарханын, Ил Түмэн норуодунай депутаттарын уонна Бүлүү улууһун оройуоннааҕы Сэбиэтин депутаттарын таллылар. Итини сэргэ, Өкүндү уонна Тыымпы быыбардааччылара муниципальнай тэриллии баһылыктарын быыбардаатылар.

Быйылгы быыбардарга улуус таһымыгар «Биир ньыгыл Арассыыйа», «Справедливай Арассыыйа», КПРФ баартыйалары тэҥэ «Новые люди», ЛДПР баартыйалар кытыннылар.

18 чааска Бүлүү куоратыгар быыбардааччы 60 %, Кыһыл Сыырга 38,6 %, тыа сиригэр 59,4% куоластааһыҥҥа кытынна.

Саамай элбэх быыбардааччы Хаҕын быыбардыыр учаастагар куоластаата, манна испииһэккэ киирбит быыбардааччылар 80 быыбарга кытынна.

«Студенческай», «Өкүндү», «Дьөккөн», «Тааһаҕар» быыбардыыр учаастактарыгар быыбардааччылар 70куоластаата, 15 учаастакка быыбардааччы 60 % сырытта.

Билиҥҥитэ Бүлүү улууһа быыбарга кыттыыга өрөспүүбүлүкэҕэ 15 бастакы улуус иһигэр киирэ сылдьар.

Бүлүү улууһун Территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Тимофей Иванов быйылгы быыбардар сокуону кэһиитэ суох ыытыллан иһэллэринбыыбардааччылар көхтөөх кыттыыны ылалларын бэлиэтиир.

Николай Куприянов.

Читайте дальше