Бүлүү улууһугар быыбар түмүктэрэ

Бүлүү улууһун быыбардыыр хамыыһыйатын салайааччы Тимофей Иванов балаҕан ыйын 8, 9 уонна 10 күннэригэр Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын, Ил Түмэн уонна оройуон Сэбиэтин депутаттарын быыбардарын түмүктэрин билиһиннэрэр:

— Балаҕан ыйын 8, 9 уонна 10 күннэригэр ыытыллыбыт үс хонуктаах быыбар түмүгэ таҕыста. Быыбар кэмигэр үлэлээбит 34 учаастактааҕы хамыыһыйалар быыбар түмүктэринэн ыыппыт 5-тии боротокуоллара «ГАС Выборы» ситимҥэ киллэриллэн, ирдэбилгэ эппиэттиир диэн бигэргэннэ.

Быыбар түмүктэрин билиһиннэрдэххэ, улууска быыбар түмүктэниитэ испииһэккэ киирбит 16518 быыбардааччы баарыттан 10354 быыбардааччы куоластааһыҥҥа кытынна. Ол эбэтэр, быыбардааччы  62,6 %  куоластаата. Бу улахан көрдөрүү диэн бэлиэтиэххэ наада.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын быыбарыгар куоластааһыҥҥа кыттыбыт дьон 88,2 %  Айсен Николаевка куолаһын биэрдэ, ол эбэтэр, киниэхэ чопчу 9122 киһи куоластаата. Саха сиригэр Айсен Николаевка куоластааһыҥҥа Бүлүү улууһа 8 миэстэҕэ тахсыбытын бэлиэтиэм этэ.

Ил Түмэҥҥэ баартыйалар испииһэктэринэн депутаттары быыбардааһыҥҥа Бүлүү улууһун быыбардааччыларын 68,6 бырыһыаннара «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаҕа куоластарын биэрдилэр. Ол эбэтэр, 7090 быыбардааччылар бу баартыйаҕа чопчу куоластаатылар.

Ил Түмэн депутатын 12 №-дээх Бүлүүтээҕи биир мандаттаах уокуругар быыбардааһыҥҥа Егор Григорьев 7004 куолаһы ылан бастаата.

25 депутаттаах оройуон Сэбиэтигэр 15 депутат баартыйалар испииһэктэринэн, 10 биир мандаттаах уокуруктартан талыллар бэрээдэктэрэ олохтоммута. Быыбар түмүгүнэн, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа 65 %, «Новые люди», КПРФ 8-тыы %, ЛДПР 2 %, «Справедливай Арассыыйа- Кырдьык иһин» баартыйа 9,6 % ылан, мандаттары үллэстэр буоллулар.

Биир мандаттаах уокуруктарга Бүлүү куоратын 1 №-дээх «Хоту» уокурукка Марианна Спиридонова, 2 №-дээх «Соҕуруу» — Анна Егорова, 3 №-дээх «Илиҥҥи» — Матрена Гаврильева, 4 №-дээх «Арҕаа» уокурукка Иван Алексеев, 5 №-дээх «Кыһыл Сыыр» уокурукка Иван Кайкы, 6 №-дээх «Орто Бүлүү» —Георгий Осипов, 7 №-дээх «Бүлүү» — Егор Константинов, 8 №-дээх «Аржаков» уокурукка Прокопий Протопопов, 9 №-дээх «Күүлэт» уокуругар Александра Егорова, 10 №-дээх «Мастаах» уокуругар Сергей Львов депутаттарынан талылыннылар.

Биир мандаттаах уокуруктарга «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа туруорбут 8 хандьытаата депутат мандатын ыллылар, 2 мандаты бэйэлэрэ турбут хандьытааттар ылары ситистилэр.

Үс хонуктаах быыбар кэмигэр быыбардыыр учаастактарга Общественнай палататтан, баартыйалартан, хандьытааттартан 267 кэтээн көрөөччү сырыттылар. Быыбардыыр хамыыһыйалар үлэлэригэр кэһиилэр тахсаллар диэн үҥсүү-харсыы киирбэтэ, быыбардар ыраастык уонна дьэҥкэтик бардылар диэн этиэхпин баҕарабын.

Территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйа аатыттан быыбарга кыттыбыт бары хандьытааттарга үс ыйдаах күрэстэһии кэмигэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ытыктабыллаахтык сыһыаннаспыттарыгар, агитация кэмигэр  сокуону кэспэккэ үлэлээбиттэригэр, Бүлүү улууһун быыбардааччыларыгар үс күннээх быыбарга көхтөөхтүк кыттыбыттарыгар махталбытын тиэрдэбит!

Николай Куприянов.

Читайте дальше